ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үллүк

аат тыл

Нууччалыы двойное покрывало, накидываемое на лежащего человека поверх его одеяла

1 аат тыл #

Сытар киһи суорҕанын үрдүнэн эбии сабан туох эмэ биэрэр

Нууччалыы Двойное покрывало, накидываемое на лежащего человека поверх его одеяла

  • Уулаах [киһи аата] үллүк гыммыт хагдаҥ отун бурайан, туран кэллэ.
    Эрилик Эристиин
  • "Ийээ!" - уолчаан ыарахан үллүгүн тиэрэ сыҕайан, олоро биэрбитэ. В Титов. Оҕонньор аргыый аҕай үллүгүн Хаһыйан туран олорбута
    Д. Таас

2 аат тыл #

Тугу эмэ халыҥ гына саппыт, бүрүйбүт туох эмэ (хол., хаар)

Нууччалыы Что-л. (напр., снег), являющееся толстым покрытием чего-л

  • Арыы кэтэҕиттэн өрө харбаһан тахсыбыт түптэ буруота алааһы үрдүнэн күөх үллүк буолан турар. Софр. Данилов. Сис тыаларга үллүк буолан сыппыт сыа хаар ууллан, үрүйэнэн барылаччы сүүрдүбүтэ.
    И. Сосин
  • Амма үрэҕин, кыһыҥҥы үллүгүн өрө сүргэйээри, модун күүһүн мунньунан, оҥостон аҕай сытар.
    В. Титов
  • Күһүн ыспыт үүнээйи биһиги дойдуга үчүгэй үллүгү эрэйэр
    ПАЕ МСТ

3 аат тыл #

Сыарҕаҕа тэллэх гына уурар эһэ тириитэ

Нууччалыы Меховая (обычно медвежья) подстилка на санях

  • Кууһума суруксут сыарҕаҕа эһэ тириитэ үллүккэ саһыл кулгааҕынан аттарыллыбыт суорҕанынан атаҕын саптан олорбут.
    Н. Якутскай
  • Дьахтар таба тириитин, эһэ үллүгү уонна куобах уорҕата истээх суорҕаны киллэрэн -- уҥа орон атах өттүгэр тэлгии охсон кэбистэ.
    Болот Боотур
  • Иккиһэ эһэ үллүктээх, хара кырааскалаах сыарҕалаах
    Д. Токоосоп

«Ү» буукуба