ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сабыы

аат

Нууччалыы покрывало, занавеска, заслонка, настил

Ис хоһооно · 5

1 аат #

сап диэнтэн хай. аата. Тэпилииссэни сабыы. Сайын ходуһаны сабыы. Ороскуоту сабыы. Капитал хараҥа хаайыыта, Хараҕы, санааны сабыыта Эйиэхэ сүтүөҕэ, Эдэр күүс үүнүөҕэ. П. Ойуунускай

2 аат #

Тугу эмэ сабар мал, тэрил, таҥас

Нууччалыы Покрывало, занавеска, заслонка, настил

  • Умуһах сабыыта. Аан сабыыта.
  • Түлүк бараан түүн ийэ Түҥ хара сабыытын Аргыый аҕай түүрэн Арҕаа саҕахха түһэрдэ.
    С. Васильев
  • Аһаҕас түннүгүнэн салгын салгыйан Ньургуһун бүрүнэ сытар чараас сабыытын аргыый аҕай хамсатан ааһара. Дьүөгэ Ааныстыырап. Булуус кырыс сабыыта ыһыллан хаалбыт
    Н. Заболоцкай

3 аат #

хаарты. Хаартыны үрдүкү хаартынан охсон ылыы

Нууччалыы Покрытие карты партнёра старшей картой

  • Дьокуускайга биирдэ Лыыкка Бүөтүр Тыппааттан отут үс тыһыынчаны биир сабыынан охсубутун илэ харахпынан көрбүтүм
    Болот Боотур

4 этии #

Нууччалыы Не давать возможности кому-л. вставить слово в споре

  • Сабыы биэримэ кэпс. - мөккүһэн тутуһуннарыма, этэрин барытын самнаран ис "Дьэ, доҕоор, горуох ыһыытыгар кыайдылар, - диэбитэ Данилов. - Сүүс гектары олоччутун биһиэхэ көлбөрүйдүлэр, мөккүһэн көрдүм да сабыы биэрбэтилэр".
    ХС
  • Сирэйин сабыыта - ким эмэ, дьиҥнээх сирэйин кистээн тугунан эмэ үчүгэй буолан көстө сатааһына. Θ Маска, скрывающая истинное лицо. Кинилэр син биир хааннаах бандьыыттар, сирэйдэрин сабыыта эрэ атын. И. Бочкарёв

5 этии #

Нууччалыы Покрывало для кровати

  • Орон сабыыта - орону сабар таҥас (чараас суорҕан, түүл) Оһох сабыыта - оһох үөлэһин сабар чугуун хаппах. Θ Крышка печная, заслонка. Өксөөн оһох турбатын төрдүн ойоҕоһугар баар чугуун сабыыны төттөрү-таары тардыалаан көрдөрөр: – Оһоххут сабыыта бу.
    С. Маисов
  • Сирэй сабыыта - өлбүт киһи сирэйин сабар маҥан таҥас. Θ Белое покрывало на лицо покойника, саван. Харытыана сыарҕаҕа сирэйин сабыыта сиидэһи арыйа баттаат, кэннинэн чинэрийэ түстэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Түннүк сабыыта - түннүгү хаххалата ыйыыр таҥас. Θ Оконная занавеска, штора. Муся туран түннүгүн сабыытын арыйа баттаата. Халлаан илин кырыыта суһуктуйан эрэрэ. П. Филиппов

«С» буукуба