Перевод с якутского
сабыччы
сыһыат
Нууччалыы нахмурив брови
Ис хоһооно · 4
1 #
сыһ
Бу сонунан сабыччы кэбис. ПЭК СЯЯ. Сабыччы кэт. ПЭК. Уһаарба Уйбаан бэргэһэтин сабыччы түһэрэн, умса нөрүйэн миин иһэн сыпсырыйа олороро. И. Федосеев Каракуль кубааҥкатын хааһыгар диэри сабыччы кэтэн кэбиспит. М. Шолохов (тылб.) Хаастаргын, халтаһаларгын аллара саба түһэрэн. Θ Нахмурив брови, с набрякшими веками. Сабыччы түспүт халтаһалаах, ыйаастыгас кыараҕас харахтаах, суптугур сэҥийэлээх сирэйэ ньолооруҥнаата. И. Никифоров
Өссө холобурдар (3)
Николай хааһын сабыччы туттан, биир сиргэ турда. А. Сыромятникова Кокоринов халтаһаларын сабыччы түһэрэн, иннин диэки сып-сытыытык көрөр. А. Фёдоров Көп хаастарын сабыччы тутунна П. Филиппов
2 #
Саба түһэр гына, тугу эмэ сабар гына
Нууччалыы Так, чтобы нависало над чем-л. (надевать, натягивать), низко на лоб, на уши (натягивать шапку)
3 #
Хараххын кыаратан, симиличчи, быһыччы (көр, одуулаа)
Нууччалыы Щурясь, прикрыв веками глаза (смотреть)
Түннүгүнэн тыган турар күн уотуттан хараҕа саатан, сабыччы көрөн олордо. Амма Аччыгыйа Уһун кыламаннарын аннынан үчүгэй баҕайытык сабыччы көрүтэлиир. Георг. Васильев. Хараҕын сабыччы көрүтэлии-көрүтэлии саҥаран хобдьоордо В. Протодьяконов
4 этии #
Нууччалыы Нахмуриться, насупиться, помрачнеть
Сабыччы тутун - кыыһырбыт, уордайбыт көрүҥнэн Туоҕа Баатыр уордаахтык сабыччы туттубута, тугу эрэ суостааҕы этээри өгдөҥнөөбүтэ. Далан Миитэрэй кэнникинэн саҥата-иҥэтэ аҕыйаан, сабыччы туттан сылдьар идэлэннэ. Н. Түгүнүүрэп Сабыччы туттан хостон-хоско төттөрү-таары хаамыталыы-хаамыталыы, тугу да аһаабакка сырытта. А. Чехов (тылб.)