Перевод с якутского
ыыс
аат тыл
Нууччалыы густой едкий дым, чад; дымная мгла, марево
English smoke
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Аһыы сыттаах хойуу буруо; буруоттан салгын күдэннирэн, тула хараҥаран көстөрө
Нууччалыы Густой едкий дым, чад; дымная мгла, марево
Күн кып-кыһыл буолуор диэри ыыс түһэр. В. Протодьяконов Таатта уҥуоргу сис тыа көстүбэт буолан хаалар, тула буруо, эргиччи ыыс. Бэс Дьарааһын. Дууп мастаах тыа умайбыта, дэриэбинэ тулата бүтүннүү ыыс, туман А. Данилов
2 аат тыл #
Тириини таҥастыырга анаан ыһаарар хойуу буруо; тириини буруоҕа ыһаарыы
Нууччалыы Сильный дым, чад для окуривания кожи; пропитывание кожи дымом, окуривание
Тириини имитии кэмигэр ыыстааһын киэҥник туһаныллара, онно анаан ыыс дьиэтин туталлара. "Чолбон". Ньиэрпэ тириититтэн быаны тэлэллэр, сорҕотун ыыска тутан, уллуҥ гыналлар. УАЯ А. Бу таҥас ыыһа үчүгэй эбит, кыра аайы илийиэ суох СТБКТ Эт, балык аһы ыһаарар буруо. Θ Сильный дым, чад для копчения мясо-рыбопродуктов. Горуох миинин ыыска тутуллубут убаһа биитэр сибиинньэ түөһүн кытта буһарыахха сөп. Дьиэ к
3 этии #
Нууччалыы Желтовато-белый
Этиилэр
Ыыс маҥан
саһарымтыйан көстөр, саһархайдыҥы маҥан Оҕонньор ыыс маҥан баттахтаах төбөтө бүөбэйдиир үүнээйилэриттэн арахпакка лэкээриҥниир.
П. Аввакумов.
Ыыс туман көр туман
Оһох буруота ыыс туман буолан, сэлиэнньэ дьиэлэрин саба үллүйэн кэбиһэр. Н. Якутскай Халлаан дьүүлэ-дьаабыта биллибэт, бүтүннүү өрт буруотун курдук, ыыс туман.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
Хойуу ыыс туманынан бүрүллүбүт Кэлиэнэ хочотун киэҥ киэлитин иһигэр ыраах соҕус -- сыарҕа тыаһа иһиллэр. Эрилик Эристиин
Ыыс хара
болоорхойдуҥу хара.
Серовато-чёрный. Ыыс хара буруолаах пуойастар Ыарахан ындыылаах бараллар. Т. Сметанин.
Эмискэ мыраан үрдүнэн ыыс хара буруо көһүннэ. ХС Ср. др. -тюрк., тюрк. ыш, ис ‘дым; копоть, сажа; мгла’
4 аат тыл #
Куһаҕан, быдьар тылынан үөҕүү
Нууччалыы Грубая ругань, брань, оскорбление кого-л. неприличными словами
Бу курдук ыыска олоруох кэриэтин, арахсыбыт, атах балай барбыт ордук ини. Амма Аччыгыйа Ыраас нарын уос хайдах Ыыһынан ыһыахтаныай? С. Руфов
5 этии #
Этиилэр
Ыыс аат
хос аат диэн курдук (көр аат I).
Наара Суох диэн бастаан ыыс аат курдук иҥэрэ сатаабыттарын, бар дьоно таптал аакка кубулута охсубуттар. "Кыым"