Перевод с якутского
туман
аат тыл
Нууччалыы непрозрачный воздух, туман; пар, чад от чего-л
English fog
1 аат тыл #
Дьэҥкирэ суох салгын халҕаһата; туох эмэ буруота, күдэнэ, чаана
Нууччалыы Непрозрачный воздух, туман; пар, чад от чего-л
Оһоххо өрбүт чаанньыктара оргуйан, үрүҥ туманынан өрө бургучуйда. А. Софронов Бүгүн таһырдьа арыый сылыйан, тумана аҕыйаан, кэм арыый дьэҥкэрдэ.
Н. ЛугиновСайын киэһэ туман түһэр буоллаҕына, өтөрүнэн ардаабат. СТ С
2 этии #
Нууччалыы Неясно воспринимать, понимать окружающее, быть как в тумане. [Даайыс:] Тумаҥҥа муммут киһи курдук сылдьабын
Этиилэр
Туман буол (буолан көт)
сиик буолан (курдук) симэлий диэн курдук (көр сиик I).
Дьүкээбил чугаһаан кэллэҕинэ, [Дьыл оҕуһа] туман буолан көтөн хаалар, кураанаҕы дайбатар. Н. Якутскай Бүппүт, ааспыт, ырааппыт Сыллар туман буолбуттар. С. Данилов
Тумаҥҥа мун
тугу эмэ ситэ өйдөөбөккө, мунаахсыйан барар-кэлэр сирэ суох буол А.
Софронов. [Баабылап:] Һу, санаам түмүлүннэҕиэн... Ыа, тумаҥҥа муммут муҥнаах арай мин баарбын.
КүндэНьукуус мунаарара, Тумаҥҥа муммуттуу кини сылдьара, Онно-манна, уһуктан уһукка охсуллара. С. Данилов
Тумаҥҥа муннар
ким эмэ өйүн-санаатын бутуй, харааччы иирт.
Путать, вводить кого-л. в заблуждение.
[Хабырыттар Хабырыыс:] Билигин даҕаны кулаак аймах -- бар дьону тумаҥҥа муннарара тохтуу илик эбит.
П. Ойуунускай[Кинээс:] Ханнык да улахан боппуруоһу үөхсэн-этиһэн быһаарсыбат куолу, кырдьыгы этиһиинэн тумаҥҥа муннарбаппыт эрэбил. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (2)
‹Үс› туман көтүүтэ – сайыҮнын сарсыарда олох эрдэ. Ранним летним утром. Күн сэгэйиитэ Кыргыттар, Туман көтүүтэ Уолаттар Уһукталлар көхтөөхтүк, Уруйдууллар саҥа күнү. В. Сивцев Үс туман көтүүтэ үөр чыычаах ыллаата, Саҥа күн үүнүүтэ Саҕаҕым сандаарда. ХС
Үс туман түһүөр диэри
сайын киэһэ хойукка диэри (үлэлээ).
До позднего летнего вечера (работать – букв. до падения трёх туманов).
[Эрилик Эристиин] сайыҥҥы күн тахсыытыттан (дьахтар ынахха туруоҕуттан) киэһэ үс туман түһүөр диэри үлэлиирэ. Н. Габышев [Андриан оҕонньор] киэһэ үс туман түһүөр диэри үлэлиир. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Хороччу улаатан эрэр эдэр киһи -- үс туман түһүөр диэри оттоон-мастаан олорбута. "Кыым"
3 этии #
Нууччалыы Смотреть мутным взглядом, неясно видеть (от усталости, волнения, нездоровья)
Этиилэр
Аан туман көр аан II
Өрүс иһэ бүтүннүү, артылыарыйа уоту аспытын курдук, аан туман, ньип-ньирилэс, куп-куугунас.
Суорун ОмоллоонКыһынын аан туман холорук Буурҕаҕа бигэтэн хонобун. С. Данилов
Күдэн туман көр күдэн
Кыараҕас муус түннүктэр онон-манан күдэн туманынан үрэ тураллар.
КүндэКүдэн туман Күүскэ көттө. Күннүк Уурастыырап
Сиик туман көр сиик I
Аан дойдулара тордуйа айаҕын саҕа оҥойон көстүбэт гына сиик туман түһэн хаалла. Ньургун Боотур. Сиик туман Сибэккилээх Сир иэнин сапта. Күннүк Уурастыырап
Туман курдугунан көр
өлбөөркөй хараҕынан, өлбөөдүччү көр (сылайан, долгуйан, ыалдьан) Хараҕын сэрэҕинэн сэгэтэн көрбүтэ: хаҥас -- өлүөр хараҕа туман курдугунан ыйдаҥардан көрөр.
Кини оргууй аҕай -- туман курдугунан Нюраны [көрдө]. В. Осеева
Ыыс туман
туох да көстүбэт хойуу тумана, туох эмэ хоп-хойуу чаана.
Очень густой туман, чад от чего-л.
[Дьыл оҕуһа] Ыыс туман тыыннаах, Чэҥ муус саҕынньахтаах. Эллэй. Хойуу ыыс туманынан бүрүллүбүт Кэлиэнэ хочотун киэҥ киэлитин иһигэр -- таһаҕастаах сыарҕа тыаһа иһиллэр. Эрилик Эристиин ДТС, тюрк. туман. Ср. тюрк. тум ‘холодный, холод’