Перевод с якутского
сиик
аат тыл
Нууччалыы влага, сырость
English dampness, moisture
Ис хоһооно · 12
1 аат тыл #
Туохха эмэ иһигэр баар инчэҕэйэ, уута (хол., салгыҥҥа, дьиэҕэ, үүнээйигэ)
Нууччалыы Влага, сырость
Манна сиик хаһан да куурбат. Онон дьиэлэр бэрэбинэлэрэ хараара бэрдийбиттэр, хаптаһын хоруобуйаларыттан маҥан тэллэй үүммүт. Н. Якутскай Хотон сиигэр сытыйбыт атахтара түүҥҥү тымныыга хатаннык чуучугурастылар. В. Яковлев Ыксаан, бурдук отун ыстыы-ыстыы, ол сиигин ыймахтыыллар, отун тибиирэн кэбиһэллэр Ф. Софронов
2 аат тыл #
Сөрүүҥҥэ инчэҕэй салгынтан сиргэ, үүнээйилэргэ о. д. а. олорон хаалар уу таммахтара
Нууччалыы Роса. Күөх ойуур мөһүүрэ сиигинэн күлүмнүүр. Эллэй. Сиик түһэн, хадьымал сымнаата, Сэбирдэх тэлимэ уоскуйда. П. Тобуруокап. Чугастааҕы от-мас уунан ибиирбиттии күкээрэн олорор гына хойуутук сиик түспүт этэ. Далан
3 аат тыл #
Киһи-сүөһү сиир аһа, иһэр убаҕаһа
Нууччалыы Что-л. съедобное
Эһэ сииги хаалларыах бэйэлээх буолуо дуо, хата түүлэри-өҥнөрү барытын мэҥиэстибит этэ. Далан Улуу күтүөр! Сииктэ киллэрин, сэниэтэ эбин. П. Тобуруокап Иһэ ыалдьан сэттэ хонукка, сииги айаҕар ылбакка, өлөр ахсааҥҥа киирэн, кэтэҕинэн тиэйэ сытта Н. Түгүнүүрэп
4 этии #
Нууччалыы Исчезать, с лица земли, вымирать, переводиться, исчезать бесследно, сходить на нет. [Сүөкүлэ:] Эһиги да [бандьыыттар] сиик буолан симэлийиэххит, күл буолан көтүөххүт
Сиик буолан (курдук) симэлий - туох да хаалбат, ордубат курдук сүт, суох буол С. Ефремов Хаана улуу иччитэ Уу курдук тоҕунна, Сиик курдук симэлийэн хаалла. С. Зверев Геройдар хааннара сиргэ тоҕуннар да, сиик буолан симэлийбэтэ, былыт буолан көппөтө. ББ
Өссө холобурдар (6)
Сиик-дабархай сүүрт - тугу эмэ туһан, бэйэҥ тускар барыһыр. Θ Извлекать пользу, выгоду для себя. Уонна бэригэ суох буоллаххына, эйигиттэн тугу сиик-дабархай сүүрдээри, хата чугаһаппат.
Суорун ОмоллоонСүөгэйи иирдэр киһи сөмүйэтэ биһиллэр дииллэригэр дылы, [эргиэҥҥэ үлэлээн] сиик-дабархай сүүрдэр буолара. М. Попов Сииккэ сиэллэ, хаарга хаамта кэпс. - туһата суохха, кураанахха сырытта, эрэйэ таах хаалла. Θ Предпринимать что-л. впустую, без пользы, тратить силы напрасно. Балтыбын Айталы Куону, көстө көтүттүм, тумаҥҥа муннум, хаарга хаамтым, сииккэ сиэллим. Ньургун Боотур. Сомсуллар дьолу-соргуну булбакка Мин сииккэ сиэлбитим. А. Абаҕыыныскай Түөрт уонуттан тахсыар диэри, түспэтийбэккэ, сииккэ сиэлбит, хаарга хаампыт хаарыаннаах сылларын аһыйа истэ. ХС Сиик тахсыа - киһи туох эмэ туһанара тахсыа. Θ Принесёт пользу, обернётся выгодой для кого-л. "Ээй, Тоокуй Уйбааскы ойоҕор кыырбытын туһунан судьуйаҕа биэр, кинини судьуйа хайаабытын да иһин ыстарааптыа, баҕар, онтон эмиэ туох эмит сиик тахсыа", - диэн Сэмэн сүбэлээтэ.
КүндэСиик тэстибэт гына (эт) - ханан да дьиэк булбат гына, ылыннарыылаахтык, дакаастабыллаахтык. Θ Убедительно, веско (говорить). [Кинээс Мохооҕо] ханан да сиик тэстибэт гына этэн түмүктээтэ. ОИП Х
5 этии #
Нууччалыы Задержание влаги в почве
Этиилэр
Сир сиигэ көр сир II
Абааһылар -- сир сиигин саҕа буолуохтарыгар дылы аччаан бараннар, сиргэ хаамса сылдьыбыттар. Саха ост. I. Ср др. -тюрк. чи ‘роса, сырой’, тюрк. чык, сых, бур., шииг ‘влага, сырость; роса’
6 аат тыл #
Тус-туспа таҥас лоскуйдара холбуу тигиллэн холбоммут өттүлэрэ
Нууччалыы Место соединения сшитых кусков ткани, шов
Сиигэ суох сон баар үһү (тааб.: куурусса сымыыта). [Алааппыйа:] Таҥаскын барытын сиигэр ыытан кэбиспиккин. А. Софронов [Маайа] бэйэтин эрэйдээх олоҕун туһунан кэпсии-кэпсии, тигиллибит таҥастар сииктэрин өтүүктүү турда Эрилик Эристиин
7 аат тыл #
Таҥаска хаалар тигии суола
Нууччалыы Строчка (на поверхности материала)
Көнө сиик. Үрүҥ сап суола кыракый ырбаахы эҥээрдэригэр сиик буола тыргылла сыыйыллар. А. Бэрияк Ити эрээри бу дьыала силиэстийэтэ, били эһэтэ бокуонньук этэринии, салаҥ дьахтар ииһин сиигинии, олдьу-солдьу атыгыраан көстөр ХС
8 аат тыл #
Туох эмэ чаастара холбоһор, тиксиһэр ыпсыылара
Нууччалыы Место соединения частей чего-л., шов. [Уот Уһутаакы] куйаҕа сииктэринэн аппас гына түһэр
Хоруоп сииктэрин хара ыаһынан ыаһаабыттара - уһун дьураа буолан көстөллөр Күннүк Уурастыырап
9 аат тыл #
Сир уонна халлаан ыпсыыта
Нууччалыы Видимая граница между небом и землёй
Онтон халлаан халлан дьэҥкэрэн эрэр илин сиигин диэкиттэн тойон ыҥырыа курдук дыыгынаан иһиллэн эрдэҕинэ, төттөрү сүүрэн иһэр уолаттар атахтарын тыаһа аралдьытан кэбистэ. Амма Аччыгыйа Саҕах сиигин сырдаппыт сарыал, үөһэ диэкинэн кытархай имэ улам уларыйан, сырдыга мөлтөөн, боруора хараҥарбыт халлааҥҥа симэлийэн сүтэр. ХС Сир хантан саҕаланар? - Ыйыталлар миигиттэн. Сонньуйабын: - Саҕаланар Сиксигиттэн, сиигиттэн! П. Ламутскай (тылб.)
10 аат тыл #
Хайа тарааммыт баттаҕы араарар сурааһын
Нууччалыы Линия, разделяющая волосы, расчёсанные на две стороны, пробор
Арыы хаба ортото, баттах сиигин курдук, ыраас ыллыктаах эбит. Амма Аччыгыйа Томмот кыыс дьигиҥнэс кыламаннарын, төбөтүгэр баттаҕын икки аҥыы араарбыт үп-үрүҥ көбүс-көнө сиигин көрөн турда ХС
11 этии #
Нууччалыы Не останавливаясь, непрерывно
Сиигэ суох - тохтообокко, быыстала суох Биирдэрэ барабаанныы-барабаанныы тыаттан дьиэҕэ диэри быһа ырыанан киирдэ. Биирдэстэрэ сиигэ суох: "Биһиги да биһиги!", "Байанай да байанай!" - дии-дии айхаллыы тоһуйда.
Суорун ОмоллоонХанна да хардыылаатар Сиигэ суох Сэмэнэбис буолла, Хотуна даҕаны Быыстала суох Былатыанабынан быыбарданна. А. Софронов
12 этии #
Нууччалыы Теменной шов
Төбө сиигэ - киһи төбөтүн уҥуоҕар оройун ортотунан уһаты барар сиик Арай уола туох да хоһооно суох чардырҕаабытынан, үөттүрэҕи сулбу тардан ылан эмээхсин төбөтүн сиигинэн охсоору өрө күөрэппитинэн барда. Амма Аччыгыйа Аан аттынааҕы ойоҕос хостон -- баттаҕын төбөтүн сиигинэн икки аҥыы араара тарааммыт саха киһитэ тахсар. Н. Якутскай Онтон оҕонньорум: "Ок-сиэ, төбөҥ сиигэ наһаа улаханнык аппыт, кыра сылдьан аттан охтубуккун", - диэбэт дуо. "Саха с. ". Төбөтүн сиигинэн - оруобуна үрдүнэн. Θ Ровно над кем-л., над головой кого-л. Икки көҕөн төбөм сиигинэн ааһан эрэллэр эбит. М. Чооруоһап
Өссө холобурдар (5)
Төбөтүн сиигинэн түү мээчик сир гынан ааһар. А. Алдан-Семёнов Адьас төбөм сиигинэн хаппыт буору кымньыынан быһа биэрбит курдук тыас куус гынар. В. Быков Түөс сиигэ - көмөгөй үүтүттэн түөс тылыгар диэри ойоҕостор холбоһор сирдэрэ. Θ Грудная впадина. Абааһы киһи -- айыы киһини түөһүн сиигиттэн самаҕын туорайыгар диэри хайа тардан охтубут. ПЭК ОНЛЯ I. Дөрүн-дөрүн, оҕонньор эмискэччи өрө хонос гынан тохтуу түһэр, түөһүн сиигинэн халыйбыт көлөһүнүн халты хаһыйталыыр. Амма Аччыгыйа Халлаан сиигэ - хараҥа халлааҥҥа сырдаан көстөр, элбэх бытархай сулус мунньустубут кэтит балаһата. Θ Млечный путь. Халлаан сиигэ, салаҥ уус алтанынан сатаан иһэрдибэтэҕинии, ырбыыланан көстөр. М. Доҕордуурап Ол бачымах сулустары хайа тыыран халлаан сиигэ сырдаан сандаарыйда. "Чолбон". Ср. тюрк. йик, чик, дьик, жик ‘шов’