Перевод с якутского
сиидэс
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы ситец.
English chintz
1 аат тыл #
Холуопак сабыттан оҥоһуллар, үксүгэр ойуулаах эбэтэр өҥнөөх боростуой чараас таҥас
Нууччалыы Ситец. Ийэтэ кыыска атыыласпыт Эриэн ойуулаах сиидэһи. П. Тобуруокап. Алаас сирдэр араас сибэккилээх отторо тахсан, сиидэс ойуутун курдук, дьэргэйэн көстөр буолбуттар. Эрилик Эристиин. [Уйбаан:] Мин көрдөхпүнэ, чиҥ, үчүгэй баҕайы сиидэс дии, өҥө да куһаҕана суох. С. Ефремов
2 даҕааһын #
суолт. Сиидэстэн оҥоһуллубут
Нууччалыы Ситцевый
Сиидэс ырбаахы. Соҕотох түннүк улахан саһархай сибэкки ойуулаах сиидэс сабыылааҕа хос иһин сэргэхситэр.
Н. ЛугиновОгдуос саҥа халадаай ырбаахы кэппит, төбөтүгэр үрүҥ сиидэс былааты чөмчөччү бааммыт. Софр Данилов