ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күдэн

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы марево во время длительного летнего зноя или туман из-за сильных морозов зимой; густой дым, пыль и т. д

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Сайын уһун куйаас кэмигэр саҕах, халлаан буруолаах курдук буолан тунаарыйан көстүүтэ эбэтэр кыһыҥҥы улахан тымныыга туманнырыыта; буор-сыыс, буруо о. д. а. хойуутук көтүүтэ

Нууччалыы Марево во время длительного летнего зноя или туман из-за сильных морозов зимой; густой дым, пыль и т. д

  • Орто дойду дуолана Сулана-кэлэнэ Суудайа олордоҕуна -- Күлүк көстүбэт Күдэнэ оргуйда.
    П. Ойуунускай
  • Инники кирбии хара күдэнэ арыый дьэҥкэрдэ.
    Т. Сметанин
  • Эдьиийдэриэм, кэрэ кыыс Кими көһүтэрий? Суолга күдэн көтөрүн Тоҕо кэтэһэрий?
    С. Данилов
Өссө холобурдар (2)
  • [Тыраахтар] Көхсүн иһиттэн Көҕөччү хара Күдэн буруонан Күллүргэччи тыынар.
    Саха фольк
  • Ср. монг. күдэн 'пыль, мгла'

2 даҕааһын #

Буруоҕа маарынныыр, буруотуҥу (салгын күдэннэнэн, былыт, буор көппүтэ буруоҕа маарыннаан көстүүтэ о. д. а.)

Нууччалыы Похожий на дым, как дым (о воздухе, облаках, пыли и т. п.). [Этиҥ] Күдэн былыт үктэллээх, Итир былыт илдьиттээх, Дугуй былыт олбохтоох

3 даҕааһын #

Улахан, модун (кыах, күүс-уох)

Нууччалыы Мощь, физическая сила, неукротимая мощь

  • Оок-сиэ дуо, оҕолоор! Күтүр дьаалы [арыгы] Күдэн күүһүн, Орулуур уоҕун, Мэнилийэр бэрдин эбитин!
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • [Ыччатым] Туспа дойду Торҕон дуулаҕалара Күөнтүүр күннэригэр --- Уоттаах харахтарын умсары көрдөрөөр, Күдэн күүстэрин Көтүрүтэ охсоор.
    С. Зверев
  • Ср. монг., бур. күдэр, хүдэр 'сильный, крепкий'

4 этии #

Нууччалыы Пойти прахом, рассыпаться (разлететься) в прах

Этиилэр

Күдэҥҥэ көт

туох да ордубат гына суох буол Ардыгар ити курдук киһиттэн сылтаҕа суох тыалар умайаннар, айылҕа мөлүйүөнүнэн баайа күл-көмөр буолар, күдэҥҥэ көтөр.

  • Төрөөбүт норуотум! Күн сирэ көрүөҕэ: Күөрэйбит көлдьүн күүс Күдэҥҥэ көтүөҕэ. Эллэй

5 этии #

Нууччалыы Сильный зной, нестерпимая жара

Этиилэр

Күдэн куйаас

улахан куйаас, өҥүрүк куйаас Эгэй, чэ дуу!

  • Саҥа дьыл салалынна, Үтүө дьыл өҥөйдө, Унаар куйаас оонньоото, Күдэн куйаас көрүлээтэ.
    Саха фольк

Күдэн туман

хойуу туман.

Густой клубящийся туман.

  • Күдэн туман Күүскэ көттө, Күлэр күммүт Көмүлүннэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Кыараҕас муус түннүктэр онон-манан күдэн туманынан үрэ тураллар.
    Күндэ

Күдэн үп (баай)

бараммат-хороммот үп (баай), халыҥ баай.

Неиссякаемое богатство, чрезмерное богатство.

  • Күдэн үппүн күр баайбын Көмүспүттэн-сэгэрбиттэн Харысыһар буоллахпына, Хайдах ама табыллыай? Күннүк Уурастыырап

«К» буукуба