ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьирим

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы плоский кожаный ремень для подтягивания подпруги седла

Ис хоһооно · 6
I

1 аат тыл #

Ыҥыырга холуну ыга тардар хаптаҕай кур курдук оҥоһуулаах тирии быа

Нууччалыы Плоский кожаный ремень для подтягивания подпруги седла

  • Атын холунун бирээскэтигэр дьиримин уган баран, сыыйа ыга тарта. [Ата] үс үөстээх хобо-дьибэ холуннаах, хоп-дьип дьиримнээх. ПЭК ОНЛЯ I. [Кинилэр] соноҕосторун бииргэ баайбыттара, үрдүлэригэр от ботону ууран баран, хаптаһын адарайга бааллыбыт холунунан – дьириминэн истэрин ыбылы таттараллара
    И. Федосеев

2 аат тыл #

Бирээскэлээх тирии кур

Нууччалыы Кожаный ремень с пряжкой. [Абааһы киһи] өттүгүн хап-куп охсумахтаата, дьиримин төлө тардынан кэбистэ

  • ПЭК ОНЛЯ I
  • Кини иһин туһунан илдьирийбит эргэ ырбаахытын, быһахтары, хататтары, холго иилинэр хараҕалары намылҕалаах дьирим курунан ыга тардыммыт.
    Эрилик Эристиин
  • Булуука [киһи аата] сарыы сонун тас өттүнэн курдаммыт дьирим курун чиҥэтэн биэрдэ.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (2)
  • Бөлүүн эмиэ баттатан уһугуннум, эмиэ көлөһүнүм уутугар уһуннум. Мөхсөн көрбүтүм – дьирим быалар Дириҥник хатаммыттар хабарҕабар.
    С. Тарасов
  • П. -монг. дьарим

3 даҕааһын #

суолт. Бирээскэлээх, тирииттэн тэлэн оҥоһуллубут

Нууччалыы С пряжкой, вырезанный из кожи

II

4 аат тыл #

Салгын түргэнник элэҥнээн көстүүтэ, дьэргэлгэн

Нууччалыы Быстрое движение, дрожание воздуха, марево, мираж

  • Дьиҥнээҕэ чуолкай биир: дьэргэлгэн Дьиримэ – тас көстүү сүтүөҕэ. Арай дьэ эрэли этэр эн Биир көрүүҥ сүрэххэ сөҥүөҕэ
    Р. Баҕатаайыскай

5 аат тыл #

Туох эмэ чаҕылхай (күн уота, кыым, сулус о. д. а) эккирээн эрэр көстүүтэ

Нууччалыы Яркий блеск, мерцание чего-л. (солнечных лучей, звезд и т. п.)

  • Хаар үрдүн толбоно, Халлаан сулуһун дьиримэ – Таптыыр кыыс хараҕа!
    Н. Якутскай
  • Дьэргэл сулус мичилинэн Дьэрэлийэр халлааммар Ааһар аргыс дьириминэн Арыт түүммүт күлэн ылар.
    М. Ефимов
  • Көлүкэ, көлүкэ – Күлүмнэс мөһүүрэ. Көрүөхтэн да кэрэ Көй үгүс дьиримэ
    В. Гольдеров
Өссө холобурдар (3)
  • Түүҥҥү барык быыһынан Элбэх уоттар көстөллөр, Кыынньар дьирим кыымынан Көөнньөн үөһэ көтөллөр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Саҥа дьылбыт ата – тымныы, Тэлгэһэҕэ аҕылыыр, Хамсыыр дьирим элбэх уоппут Харыйаҕа тырымныыр.
    Т. Сметанин
  • Күммүт тахсар уонна дьирим Долгуннарга түһэн оонньуур. Кыһыл көмүс дьарҕаа илим Толбонноро суһумнуур
    В. Миронов

6 даҕааһын #

суолт. Күлүмнэс, дьирибинэс, дьэргэлдьигэс (күн уотун чаҕылын, кыым, сулус о. д. а. тустарынан)

Нууччалыы Мерцающий, сверкающий, сияющий, искрящийся (о солнечных лучах, звездах, искрах)

«ДЬ» буукуба