ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ирим-дьирим

аат тыл, сыһыат

Нууччалыы играя разными цветами радуги, бликуя, отражаясь многообразием

Ис хоһооно · 4

1 сыһыат #

Эрили-дьирили араас ойуу буолан, дьэргэлгэн курдук дьиримнээн

Нууччалыы Играя разными цветами радуги, бликуя, отражаясь многообразием

  • Иилээх саҕалаах Ийэ дойдум Илим хараҕын тиирэ тарпыт курдук Ирим-дьирим көһүннэ. Нор. ырыаһ. Иһэр суолбут устунан Ирим-дьирим кутуллан, Күммүт уота умайар, Күлүмүрдүү умайар, Чаҕылларын тэлгэтэр, Чараас дуйу тэлгэтэр
    П. Тобуруокап

2 сыһыат #

Элэн-сэлэҥ, сүтэ-сүтэ көстөн

Нууччалыы То появляясь, то исчезая, мелькая

  • Өйүгэр таптыыр киһитин мөссүөнэ ирим-дьирим көстөн ааста.
    Күндэ
  • Үрүҥ күүгэн күппээрис-тунаарыс буолла, ирим-дьирим өрө оргуйда.
    П. Ойуунускай
  • Кини хараҕар тайҕа тыа бүтүннүүтэ түөрэ эргийтэлииргэ дылы гыммыта: чөҥөчөктөр, сыгынахтар ирим-дьирим көстө-көстө эккирээн барбыттара
    Д. Таас
Өссө холобурдар (1)
  • Хараҥа. Ирим-дьирим, Хараҕар уот илим, Туох эрэ баттыыр, тууйар, Тура сатыыр – хаан силим
    Т. Сметанин

3 аат тыл #

суолт. Бары барыта силбэһэн чуолкайа суох эҥин араас ойуу-бичик буолан көстүүтэ

Нууччалыы Ощущение нечеткой пестроты, рябь

4 этии #

Нууччалыы Зарябило в глазах

Этиилэр

Хараҕа ирим-дьирим буолла

сылайан, ыалдьан, туймааран тула өттө сырдык-хараҥа буолан ылла, элэҥ-сэлэҥ, суох-баар курдук көһүннэ Харабылга турдахпына хараҕым ирим-дьирим буола-буола утуктаан барабын.

  • Мэйиитэ дөйүөр, хараҕа ирим-дьирим буолуор диэри тутта түһэн биэриэ этилэр. Софр. Данилов. Төбөм өссө ыарыыр, хараҥарар, хараҕым ирим-дьирим буолар. Н. Заболоцкай

«И» буукуба