ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

быдаан

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы туман

English fog

1 аат тыл #

ыыс - (аан) быдаан

  • Тымныы ыыс - быдаанын ортотунан ыт мөлбөрүс гынан ойон киирэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Хойуу буруо хабархай аһыы сыта дьон хараҕын аһытар, тыыннарын хаайар, тумнара сыһар. Кинилэр тула өттүлэрэ ыыс - быдаан, бүтүннүү буруо
    В. Протодьяконов

2 аат тыл #

- хойуу буруо, туман (хол., кыһыҥҥы улахан тымныыга)

Нууччалыы Густой дым, густой туман (при сильном морозе)

3 даҕааһын #

суолт. Олус хойуу (туман, буруо тустарынан)

Нууччалыы Очень густой (о тумане, дыме)

  • Уоҕан уолбун - Ыыс быдаан тыыннаах, Болуо муус муруннаах, Кыаһаан муус кыламаннаах Дьыл оҕуһун Утаардаҕым буоллун!
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Аан быдаан туманынан бүрүнэн, ахсынньы ый обургу хабыалас тымныынан хабылынна.
    М. Доҕордуурап
  • Ыыс быдаан туман. Туркутугар олорбута, оннооҕор бэриэччит ыт кутуруга көстүбэт
    Н. Якутскай

«Б» буукуба