ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

туманнаа

туохтуур

Нууччалыы напускать туман, дымить, пылить

1 туохтуур #

Туманна түһэр, буруота таһаар

Нууччалыы Напускать туман, дымить, пылить

  • Тохсунньу ый Тоһуттар тымныыта Туманнаан түстэ.
    И. Чаҕылҕан
  • Бэркиһии саныыбын билигин даҕаны Биирдэ да сыыспатын, бэргэнник ытарын, Туманнаан, барчалаан иһэр да тааҥканы Чугаһыар диэритин чуҥнаһа сытарын
    М. Хара

2 туохтуур #

Туох эмэ бэрээдэгин алдьатан, ыс, бурай

Нууччалыы Приводить в беспорядок, ломать, расстраивать что-л

  • Туманнаан ааспыт сэриигэ Аҕалара Берлиҥҥэ – Иирэр дьаҕыл кэйгэлгэ Охтубута эмискэ.
    Р. Баҕатаайыскай
  • [Үстээх Вася] долбууртан кинигэлэри ыһар идэлээх. -- Дьэ туманныыр! Олох сүгүннүүр суох – кинигэ иэдэйииһи.
    ИМС ОС

3 туохтуур #

Атын туохтуурдары кытта холбоһон ‘олус эрчимнээхтик, түргэнник, тохтоло суох хамсан-имсэн, тугу эмэ оҥор, гынʼ диэн суолтаҕа туттуллар

Нууччалыы В сочетании с другими глаголами употребляется в значении ‘двигаться, делать что-л. быстро, энергично, без остановкиʼ

  • Наһаа нарын дьүһүннээх эрээри, сүрдээх омуннаах эдэркээн киһи кэпсээн туманныыр.
    П. Ойуунускай
  • Ырыых-ыраах киһитэ суох аттар, табалар, ыттар сырсан туманнаан иһэллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Хара Ыстапаан үлэлээн-хамсаан туманнаан бардаҕына, тэҥнээҕэ аҕыйах курдуга
    Айталын

«Т» буукуба