Перевод с якутского
буруолаа
туохтуур
Нууччалыы дымить; (ся), куриться
English to smoke, to give off smoke
1 туохтуур #
Умайан буруону таһаар; куһаҕаннык умайан буруону хойуутук таһаар
Нууччалыы Дымить; (ся), куриться
Балаҕан сыбаҕа кууран, кыым түстэр эрэ буруолаабытынан барар. Хата, онно дьиэлээхтэр кыһамматтар, инчэҕэйигэр тиийэн умулларын билэллэр. Амма Аччыгыйа Оҥкучах алаастарга, Хара ыарҕа быыһыгар Хаптайан-саһан Буор балаҕаннар Бур-бур буруолууллар, Хаптаһын халҕаннар Хаахынаан тыаһыыллар. С. Васильев Мэлиэтий аҕабыыт ырыысатын кэтэн, хойуутук буруолуур хадьыылатын тутан, таҥара иннигэр евангелие ааҕа турар Эрилик Эристиин
2 туохтуур #
ан эмэ (итии астан, оргуйбут сылабаартан, киһи тыыныттан о. д. а.) паар буолан таҕыс
Нууччалыы Куриться, испускать пар
Дьааҥылар тараҕай сүүстэрэ күн уотугар сымнаан, тиритэн-хорутан, үрдүлэрэ күдэннирэн, оргууй буруолуу олорбуттара. Н. Заболоцкай Кини [Ымыы] күнүн аайытын, Киһи тыына буруолуур, Чэрэниилэ хойуорар Дьикти тымныы хоһугар Лиэксийэни суруйан, Тиритэрэ-хорутара. Күннүк Уурастыырап Сылабаар оргуйан буруолаата, Алаадьы буһан сырылаата. С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
Арай уот тыаһыы умайбыт, Ас-үөл бөҕө тардыллыбыт, Буруолуу сытар, дьэ бу бойуох! Дьуон Дьаҥылы
3 туохтуур #
Дьиэ иһигэр тарҕан (аанньа тардыыта суох оһох буруотун туһунан)
Нууччалыы Надымить, задымить (о распространении дыма внутри дома - от топящейся печи)
Дьэ, үтүө киһи булан абыраата: дьиэбит буруолаабат буолла, ити кэннэ таһыттан күн сырдыгын киллэрэн, дьэ балаҕаммыт иһин сырдатта. Н. Неустроев Билигин саха Захаровна тиийэн оһохторо эмиэ буруолаабытын хайдах эрэ быһаара охсубут Амма Аччыгыйа