ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аҕал

туохтуур

Нууччалыы давать, подавать кого-что-л., кому-л.

English to give

Ис хоһооно · 8

1 туохтуур #

Тугу эрэ кимиэхэ эмэ биэр, илиитигэр туттар (этээччигэ, көрдөһөөччүгэ)

Нууччалыы Давать, подавать кого-что-л., кому-л. (говорящему, просящему)

  • Охтуоҥ, сэрэн, илиигин аҕал.
  • "Аҕал" диэтэххэ антах хайыһар, "ыл" диэтэххэ ымас гынар.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • "Ыл, аҕал эрэ күлүүс тылын", - диэн ойоҕуттан Хабылдьыйа Харытыанаттан күлүүс тылын ылан ампаарга таҕыста.
    Күндэ
Өссө холобурдар (1)

2 туохтуур #

Хантан эрэ кими, тугу эрэ ылан ханна эрэ илт, баар гын

Нууччалыы Предоставить, обеспечить кого-что-л. откуда-л., куда-л

  • Ыарыһаҕы дэриэбинэттэн куоракка аҕалбыттар. Куораттан массыынанан таһаҕаһы аҕалбыттар.
  • Ыараханнык бааһырбыт Ширшов милиционеры оҕолор аҕалан оскуолаҕа киллэрбиттэрэ.
    Н. Якутскай
  • Сулууспатын наадатыгар ыраах куоратынан сылдьан, манна суох таҥаһы онтон аҕалан, онно суох арыыны мантан илдьэн, кыралаан атастаһыннарар быһыылааҕа
    Амма Аччыгыйа

3 туохтуур #

Кими, тугу эмэ ханна эмэ тиэрт (хол., тиэйэн, батыһыннаран, үүрэн, тутан уо. д. а.)

Нууччалыы Приносить, приводить, доставлять кого-что-л. (путем вызова, сопровождения, конвоирования и т. д.)

  • Үүрэн аҕал. Сирдээн аҕал. Соһон аҕал. Тиэйэн аҕал. Тутан аҕал. Арыаллаан аҕал. Хомуйан аҕал. Көтөҕөн аҕал. Ыҥыртаран аҕал. Туттаран аҕал.
  • Байбаллаах Марба аҕаларыгар, Талкы оҕонньорго, оҕолорун Чыычааҕы, икки ынахтарын, биир тарбыйахтарын ииттэрэ аҕалан биэрдилэр.
    Күндэ
  • Бу оҕонньору Муссерен уон сыллааҕыта Ташкент куораттан аҕалбыта.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (3)
  • [Чоочо:] Хара ыты [Манчаарыны] Хара албыммынан хаайан, Аҕалан турабын.
    А. Софронов
  • Хата бар, Сүөдэр уолу ыҥыран аҕал эрэ, ханна баарый?
    Н. Неустроев
  • Алаас сыһыыны туолуоҕун тухары сылгыны, ынаҕы толору үүрэн аҕалан кулуҥ, сулуутун
    Саха фольк

4 туохтуур #

Хантан эрэ тугу эрэ баар оҥор, баар гын; кими, тугу эрэ доҕуһуоллаа, аргыстас (айылҕа күүстэрин туһунан)

Нууччалыы Приносить, пригонять, сопровождать (о силах природы)

  • Ээ дьэ, тыал тыыннаах эрэ аҕалла, дэлби сытытан өлөртүү сыста.
    А. Софронов
  • Дөрүн-дөрүн тыал иһиирэр, хаары көтүтэн аҕалан үрдүлэригэр сабыта ыспахтаан ааһар.
    Н. Якутскай
  • Хаҥас өттүбэр куобах истээх нэк сонум уонна икки былас курдук уһуннаах, уу аҕалбыт үөт ураҕаһа сытарын ылан, соммун үрэх диэки астым
    Т. Сметанин

5 туохтуур #

Тугу эмэ илдьэ кэл, баар гын, үөскэт (туох эмэ саҥаны, урут суоҕу)

Нууччалыы Быть причиной, поводом возникновения, появления чего-л. нового, ранее отсутствующего Үөрүүнү аҕал

  • Дьолу аҕал. Алдьархайы аҕал. Туһаны аҕал.
  • Кыайыы дьолун аҕалбыт Кыһыл байыас дьоннору Олохтоохтор, олус үөрэн, Уруй тылын умнаннар, Ууруу, кууһа турбуттара.
    Күннүк Уурастыырап
  • Дьэ, баһыыба, доҕор, эн хайыһарыҥ улахан туһаны аҕалла.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Икки тылы билии туох да куһаҕаны аҕалбат, төттөрүтүн, икки омук култууратын билии оҕону ордук сайыннарар, кини өйүн-санаатын ордук байытар
    Далан

6 туохтуур #

Көҥүллээ, быраапта биэр

Нууччалыы Позволять, разрешать; давать право

  • Архыып Уйбаанабыс, оччоҕо миэхэ дьаһалла аҕал.
    С. Ефремов
  • "Аҕалыҥ эрэ миэхэ тылла", - диэбитинэн Семен Васильевич олорор остуолун сирэйиттэн ыараханнык тайанан түөһүллэн турда
    Н. Лугинов

7 туохтуур #

Тугу эмэни билэн, эбэтэр ырытан, толкуйдаан, ханнык эрэ түмүккэ кэл

Нууччалыы Приходить к различным выводам путем анализа, размышлений

8 этии #

Нууччалыы Неестественно, насильственно, через силу; притворно (делать что-л.)

  • Аҕала сатыы-сатыы (сатаан) - баҕарбат эрээри, сымыйанан Туох да көрүдьүөһэ суоҕун үрдүнэн, аҕала сатыы-сатыы сымыйанан күлэн ыгдараҥнаһаллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Мунньах быһаарар боппуруоһугар ыкса кэлээт, тоҕо эрэ дьулайбыттыы үрүт-үөһэ көхсүн этиппэхтээтэ, аҕала сатыы-сатыы сөтөллүбүтэ буолла.
    Н. Лугинов
  • Хаһан эмэ үөрбүтэ-күлбүтэ буоллаҕына даҕаны, онтуката хайдах эрэ соруйан аҕала сатаабыт курдук тахсар. Софр. Данилов. Ср. тюрк. алып кэл, акел ‘приносить’

«А» буукуба