ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уун

туохтуур

Нууччалыы вытягивая руку, протянуть её в каком-л. направлении

English to stretch, to extend

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Илиигин көннөрөн эбэтэр көтөҕөн хайа эрэ диэки туһаай

Нууччалыы Вытягивая руку, протянуть её в каком-л. направлении

  • Катя сыгынньах ытыһын сулустар диэки ууммута.
    Н. Лугинов
  • Арай кыыстыын-уоллуун уонча оҕо, мас сыыһын саа оҥостон иннилэригэр ууммутунан, киирэн кэллилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • "Аҕал бинтиэпкэбин", – дии-дии пограничник илиитин ууммут.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
  • Сүрэҕим сэрэйиитинэн ол дьоллоох күн диэки илиибин ууммуппар, баайдар-тойоттор саа уоһугар миигин туруора сылдьыбыттарын өйдүүбүн
    С. Ефремов

2 туохтуур #

Илииҥ тиийэр сиригэр кимиэхэ эмэ тугу эмэ тиксэр, биэр

Нууччалыы Протягивая руку, передать, отдать что-л. в чью-л руку

  • Таба саҕынньахтаах, хойуу бытыга бүтүннүү кэлимсэлэһэ муус кырыа буолбут кырдьаҕас киһи массыына үрдүттэн уолга кыра чымадааны уунан биэрдэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Чыычаах [киһи аата] оҕо сутуругун саҕа тэскэҕэр сарыы саппыйаны моонньугар быалаан баран кэтэ сылдьарын устан Бэдэр Харахха уунна.
    И. Гоголев
  • Икки киһиттэн аҕа саастааҕа Сүөдэргэ эргэ соҕус бэрдээҥки сааны туттарар, ботуруоннаах батарантааһы уунар
    Н. Якутскай

3 туохтуур #

Уһаан, тэнийэн биэр

Нууччалыы Увеличиваться в длину, вытягиваться, растягиваться; продолжаться долго

  • Өрүү куопта уунар.
  • Төһө да ууммутун иһин быстыбат баар үһү (тааб.: чиэрбэ). – Дакылаат чаас кэриҥэ барда. Табахтыахха да баара. – Өссө кэпсэтии төһө уунуо биллибэт.
    Э. Соколов
  • Эрилик Эристиин айылҕаны эбэтэр персонаж тас көрүҥүн ойуулуур буоллаҕына, этиилэрин тэнитэр, ордук уустуур-уранныыр. Маннык сорох уһун этиилэр арыт аҕыс уон-тоҕус уон тылга тиийэ ууналлар
    ХС

4 туохтуур #

Кимиэхэ эмэ тугу эмэ биэр, бэрис

Нууччалыы Давать кому-л. что-л., делиться с кем-л. чем-л

  • Биэрэрин бэскэ ыйаабыт, уунарын умнан кэбиспит (өс хоһ.). [Өндүрүүс] Биэрэр өттүгэр Бэрт кытаанах, Ылар өттүгэр Алыс аламаҕай, Ордугу ууммат, Иэс биэрбэт идэлээх этэ.
    А. Софронов
  • "Эрэйдэммиккэ эйэҕэс буол, умнаһыкка уунар буол", – диэн былыргы этиини, баҕар, истибит буолуохтааххыт.
    ХС
  • Иҥиир тараһа уумматынан - инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан диэн курдук. Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан, иҥиир тараһа уумматынан (өс хоһ.). Ууммут илиитин кубулуппакка көр илии. Боротуоханы ууммут илиитин кубулуппакка туораата. Уунан тиийбэт - наһаа улахан. Θ Необычно большой, большущий. Уунан тиийбэт Уһун сурах Улаатта быһыылаах.
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (3)
  • Улуу Булгунньах Онтон бэттэх Уунан тиийбэт уруйдаммыт, Үөмэн тиийбэт өрөгөйдөммүт, Киэҥ кэтит кэскиллэммит.
    С. Зверев
  • Уунан тиийэр (турар) сир - букатын ырааҕа суох, чугас баҕайы сир. Θ Находящийся совсем близко. Үрүҥнэртэн уунан тиийэр сир, саба сүүрэн киирэн былдьаан ылыах айылаахтар, оо, һуу-һуу!
    Е. Неймохов
  • "Итинтэн адьас уунан турар сир", – диэн холкутук быһаарда. ЫДЫа. Уунарын ураҕаска ыйаабыт, бэрсэрин бэскэ ыйаабыт - кимиэхэ да тугу да биэриэн, бэрсиэн баҕарбат, кэччэгэй. Θ Жадюга, жмот. Уунарын ураҕаска ыйаабыт, бэрсэрин бэскэ ыйаабыт диэн кини курдук киһини этэн эрдэхтэрэ

5 этии #

Нууччалыы Ходить, ездить на работу издалека

Этиилэр

Илиигин уун! көр илии

  • Киһи саҥата: "Бэриниҥ!" – диир. Дмитриев уонна Егор Егорович илиилэрин өрө ууналлара.
    С. Ефремов
  • "Кэндэ кох!" – диирбин кытта илиитин уунна. Сирэйэ барыта бадараан, буор.
    Т. Сметанин

Илиитин уунар көр илии

  • Сахаҕа нуучча илиитин уунна Саргыны-дьолу аһарга.
    И. Эртюков

Утары уунар көр утары

Кимтэн да табах "умналаабат", Кимиэхэ даҕаны утары ууммат. Баал Хабырыыс. Өбүгэлэрбит табаны итэҕэйэллэрин, ытык кыыл курдук көрөллөрүн, туталларын туһунан биһиги күн бүгүн утары уунар матырыйаалбыт диэн суох. Багдарыын Сүлбэ. Тыҥаальгынтан -- биир охтоору сылдьар табаны утары уунуо диэн саараама. С. Курилов (тылб.). Уунан үлэлээ - ыраахтан сылдьан үлэлээ Дьоно окко уунан үлэлииллэр үһү. Н. Кондаков. Маша гараастара суох буолан, уунан сылдьан үлэлииллэр. "Кыым". Уун утары - лоп курдук сирэйин туһунан уонна чугас (сирэй туһаайыытынан илиинэн ууннахха тиийиэх курдук чугас уонна онно оруобуна утары баар).

Точно напротив лица или близко к нему, что можно дотянуться до него рукой.

  • Биһиэхэ уун утары сүүрэн киирэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Кыра тииҥ сыыһа мас адьас аллараа мутугар уун утары чоҕулуччу көрөн олордо.
    В. Гаврильева
Өссө холобурдар (1)
  • Бэйэ-бэйэлэригэр уун-утары көрсөн туран, наадалаах тылы кыайан булбатахтара. ЕК УоТС

6 этии #

Этиилэр

Уунар былас көр былас II

  • Уунар былас усталаах.

Этэ ууммут көр эт II

  • Аттаах киһи -- ындыытын акка кыайан уурбакка, сиһин этэ ууна сыһан, хас да киһини көмөлөһүннэрэн нэһииччэ ыҥырдыбыт.
    Н. Заболоцкай
  • Эт ууннаҕына, чараас таҥаска сылаас күлү оһохтон баһан ылан кутуллар.
    ХУ ХС

«У» буукуба