Перевод с якутского
биэр
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы отдавать, вручать кому-л. что-л. из рук в руки
English second-person singular imperative of биэр-
Ис хоһооно · 10
1 туохтуур #
Илиигэр баары кимиэхэ эмэ туттар
Нууччалыы Отдавать, вручать кому-л. что-л. из рук в руки
Ийэм кэмпиэт биэрдэ. Суруктарын төттөрү биэрдэ, остуол диэки ыйда. А. Софронов Кыыһа киниэхэ үс манньыаты биэрдэ Т. Сметанин
2 туохтуур #
Бас билэргин, бэйэҥ киэҥҥин атын киһи ыларын, туттарын көҥүллээ, уларыс
Нууччалыы Предоставлять, уступать другому получить что-л. свое
Үтүө киһи ыларынааҕар биэрэрин ордорор. И. Гоголев Киниэхэ ийэ-аҕа баай мунньан биэрбэтэҕэ. А. Софронов Ити быһаҕы кимиэхэ да биэрбэт быһаҕым МНН
3 туохтуур #
Кимиэхэ эмэ тугу эмэ ахсаа, туох эмэ тиксэрин ситис (хол. үтүөлээх ааты, наҕарааданы о. д. а.)
Нууччалыы Добиваться назначения, предоставления кому-л. чего-л
Махтал сурук биэрдилэр. Бүгүн хамнас биэрдилэр. Сир түҥэтигэ буоллаҕына чугас, үчүгэй сирбитин барытын биэрэрбит сатаммат.
П. Ойуунускай[Көстөкүүн] Сопхуос биһиэхэ ханнык баҕарар сири биэриэхтээх
Күндэ
4 туохтуур #
Ким эмэ (хол., кыыһыҥ) кимиэхэ эмэ, кэргэн тахсарыгар сөбүлэс
Нууччалыы Выдавать замуж. [Нараҕан:] Оҕобун ыраах, бастаах-көстөөх дьон оҕолоругар эргэ биэрэр санаалаахпын
Дьүөгэ Ааныстыырап. [Уоһук:] Аҕаҥ да кырдьаҕас эйигин куһаҕаҥҥа тиэрдээри эргэ биэрбэтэҕэ буолуо Н. Неустроев
5 туохтуур #
Оҕус, саай
Нууччалыы Ударять. Сүүскэ биэр. Илиигэ биэр. Адьырҕа буола оҕуста - түҥнэри биэрэн түһэрдэ. “ХС”. Атын быһа биэрэн, маҥан курупааскы курдук көтүтэ турда. М. Доҕордуурап
6 туохтуур #
тылы кытта холбуу туохтууру үөскэтэр уонна аат суолтатыгар сыһыаннаах хайааһыны көрдөрөр
Нууччалыы В сочетании с именами существительными образует сложные глаголы и выражает действие, связанное со значением имени
Хатыҥ киһиэхэ үгүс туһаны биэрэр.
Суорун ОмоллоонСофрон Данилов - элбэх кэрэхсэбиллээх айымньыны биэрбит суруйааччы. “Кыым”. Киргиэлэй бүгүн оҕолорун мунньан, күөл үрдүгэр тиһэх уруогун биэрэ олордо Н. Заболоцкай
7 туохтуур #
Сорох сыһыаты кытта соһуччу уонна тэтимнээхтик буолар дьайыыны көрдөрөр
Нууччалыы В сочетании с некоторыми наречиями выражает неожиданность и интенсивность действия
Дьөлө биэр. Тобулу биэр. Батары биэр. Сабыта биэр. Микиитэ бэрт чобоотук туттан нууччалаан иһэн, бөтө биэрдэ. Амма Аччыгыйа Тугу этиэн булбакка, айаҕын ата-ата сапта, онтон нэһиилэ төлүтэ биэрдэ. Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
Өлөксөй аты быһыта биэрэн кымньыылаан, бөтөрөҥүнэн түһэрдэ В. Протодьяконов
8 туохтуур #
ан, -а/ы сыһыарыылаах сыһыат туохтууру кытта көмө туохтуур суолтатыгар соһуччу буолууну, түмүктээһини биитэр дьайыы бүтэһиктээхтик оҥоһулларын бэлиэтиир
Нууччалыы В сочетании с деепричастием на - ан, а/ы выступает в роли вспомогательного глагола и означает внезапность, результативность или законченность действия
Сүөдэр Хомуоһап баар буолан биэрбит. Амма Аччыгыйа Түргэн [ыт аата] аһара охсон биэрдэ.
Суорун ОмоллоонКини биир түбэлтэни өйдүү биэрдэ. П. Филиппов
Өссө холобурдар (1)
Тюрк. бер, бир, пэр
9 этии #
Нууччалыы Жадина, жмот, скряга
Этиилэр
Ааккын түһэн биэримэ көр аат
Ааты түһэн биэримээри сыралаһан, син хачымахтаһан иһэбит. П. Аввакумов Өбүгэлэрбит албан ааттарын түһэн биэримээриҥ! И. Сосин
Аалын баһа хоҥнон биэрбэт көр аал
Ити киһи бытаан, аалын баһа хоҥнон биэрбэт идэлээх.
Айаҕар киирэн биэр көр айах
Демьян Васильевиһы кириитикэлээбит киһи "абытай", Антип айаҕар бэйэтэ киирэн биэрэр. ХС
Айаҕар уган биэр (бырах) көр айах
Кэбис, мээнэ саҥарыма, аны киһини ол дьон айаҕар уган биэрдэхтэрэ дии. Эрилик Эристиин
Айылҕа биэрбит киһитэ көр айылҕа
Тулуурун, холкутун чааһынан айылҕа биэрбит киһитэ. Д. Кустуров
Атаххын тоһуйан биэр көр атах
Кини төһө да абардар, урукку доҕоругар атаҕын тоһуйан биэриэн баҕарбатаҕа.
Байанай биэрдэ көр байанай
Ол дьыл, байанайа биэрэн, күндү түүлээх арааһын бултаабыта. -Байанайым биэрдэҕэ тугун бэрдэй, - диэн саныы-саныы кыылын астыы сылдьыбыта.
Баскын биэр көр бас
Оҕотун туһугар баһын биэрэрин кэрэйбэт. Сэрии толоонугар баһын биэрдэ. А. Олбинскай
Өссө холобурдар (2)
Баҕа өттүбүнэн Баспын биэрэн Барар суолум маҥхайда. А. Софронов Биэрэрин бэскэ ыйаабыт - олус көҥөс, ыларын эрэ билэр Киниттэн харчы ыларыҥ саарбах, биэрэрин бэскэ ыйаабыт киһи.
Буут (тилэх) биэр көр буут
[Хаппытыан:] Буут биэрэргин эрдэттэн оҥоһун. А. Софронов Оттон сорохтор куттанан да буут биэрээ инилэр. А. Сыромятникова
Даамын биэрдэ көр даам
Эдэр тустуук утарылаһа сатаан баран даамын биэрдэ, сылайда быһыылаах. Күбүрүнээтэр оҕонньор хайдах даамын биэрбитин туһунан Микиитэ кэпсээтэ. Амма Аччыгыйа
Дьиэк биэрбэт (киллэрбэт) көр дьиэк
Кини дьиэк биэрбэттии мас-таас курдук этэн кэбиспитэ. Хайаан да аһар, - диэн этэ сатаан кэбиспитим да, киһим дьиэк биэрбэтэ. Күннүк Уурастыырап
Иннигин биэримэ көр илин
Киһилэрэ иннин биэрбэт. Күннүк Уурастыырап Иэдэс биэр көр иэдэс Иирсэн, былырыын саас көрүстэхтэринэ иэдэс биэрэ сылдьыбыттара.
Н. Лугинов
Иэмин-дьаамын биэрбэтэ көр иэм-дьаам
Кыыс балайда өр иэмин-дьаамын биэрбэккэ сылдьыбыта. Оҕонньордоох эмээхсин балачча өр иэмнэрин-дьаамнарын биэрбэккэ сылдьыбыттара үһү. ХС
Көрдөөбүтүн биэр көр көрдөө
Сэмэн бокуонньук, баара эбитэ буоллар, кинилэри көрдөөбүттэрин биэриэ этэ. Н. Неустроев Бэйи иннигин ылыам ээ, кыыһыҥ суоҕа буоллар, көрдөөбүккүн биэриэм этэ ээ. А. Софронов
Кулгаах тааска биэр (саай) көр кулгаах
Уол анарааҥҥы киһини өмүтүннэрэн кулгаах тааска биэрдэ.
Кутуругун эрийэн биэр көр кутурук
Кэдэйэн биэрдэ көр кэдэй
Уолбут кэдэйэн биэрэн, биэтэккэ иккис тиийдэ.
Кэнтиккэ киирэн биэрдэ көр кэнтик
Уу оломун, ойуур ыллыгын оччо аахса, билэ барбат оройукка дылы, онон кэнтиккэ киирэн биэриэн сөп этэ. ХС
Мааркаҕын түһэн биэримэ көр маарка
Ханна баҕарар мааркаҕын түһэн биэрбэт гына сылдьыахтааххын. Атын сиргэ баран мааркаҕын түһэн биэримэ. Тэҥн. ааккын түһэн биэримэ.
Нуорматын биэр көр нуорма
Киирбитигэр аҕата нуорматын биэрдэ. "Ньолоруһан эриҥ - нуормаҕытын биэриэм", - диэн сибигинэйэн эттэ. Р. Баҕатаайыскай
Олоҕун биэрдэ көр олох
Ийэ дойдутун иһин олоҕун биэрбитэ. Эйэлээх олох туһугар үгүс киһи олоҕун биэрбитэ.
Олорон биэр көр олор
Олорон биэрэр сыыһа, хардаран хаһыакка суруйуохха. Земпредел туһунан сыыйа сүбэлэһиэхпит, олорон биэриэхпит суоҕа. С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
Таах олорон биэрдэххэ сүгүннээбэт аһыҥас буоларыгар тиийбит... Болот Боотур
Өйө кылгаан биэрдэ көр өй
Мүччүргэннээх түгэҥҥэ өйө кылгаан биэрбэтэ буоллар. Биһи бэйэбит өйбүт кылгаан биэрэн, таҥара кэскилиттэн бокуонньукпутун матардахпыт дии. Эрилик Эристиин
Өй (угар) уган көр өй
Уол убайа өй уган биэрбэтэҕэ буоллар, улаханнык сыыстарыа эбит. Эдэр дьон билэллэринэн олордуннар, аны кэлэн биһиги өй угар үһүбүөт.
Н. Лугинов
Өлөн-охтон биэримэ көр өл
Аҕаа, өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа. Иннибитин биэрэр биллибэт. В. Гаврильева
Өрө биэрэн түһэн көр өрө
Өрө биэрэн түһэн, дьэ кыыс дии! Сабыы биэримэ көр сабыы. Бүгүн мунньахха тыл этэн көрдүм да, сабыы биэрбэтилэр. [Данилов:] Сүүс гектары олоччутун биһиэхэ көлбөрүйдүлэр, мөккүһэн көрдүм да сабыы биэрбэтилэр. ХС
Өссө холобурдар (1)
Тэҥн. саҥалаах оҥорума.
Сирэйигэр быраҕан биэр көр сирэй
Били кинигэни киһитигэр төттөрү сирэйигэр быраҕан биэрдэ.
Суолла биэр көр суол
Билигин эдэрдэргэ суол биэриэххэ наада.
Сытан биэр көр сыт
Айаал кинилэргэ сытан биэрбэтэх баҕайыта ини.
Суорун ОмоллоонХайыахха сөбүй? Ньылбыйан сытан биэриэххэ дуо? В. Протодьяконов
Таҥара биэрбэтин көр таҥара
Сатаммат! Таҥара биэрбэтин... Кэбис, кэбис ... Аньыыта бэрт.
П. Ойуунускай
Таҥара биэриэ көр таҥара
Таҥара биэрдэҕинэ оҕолонуоххут буоллаҕа дии, санааҕытын наһаа түһэримэҥ. Быйыл таҥара биэрэн, өлгөм үүнүү буолла. Баайы миэхэ таҥара биэрбитэ. Амма Аччыгыйа
Таҥара уон оччону биэриэ көр таҥара
Сүппүт буоллаҕына хайыаххыный, таҥара уон оччону биэриэ. Тэҥн. уон оччонон төлүө.
Тарбаххын айаҕар уган биэримэ көр тарбах
Мин көрдөхпүнэ киһиҥ сүүлүк быһыылаах - тарбаххын айаҕар уган биэримэ. Тэҥн. айаҕар уган биэр (бырах).
Тилэх биэр көр буут биэр
Арай, сутаабыт бөрө иҥсэтин баһыйтара куттаннаҕына эрэ тилэх биэрэр. ХС
Тос (мааһын) мааскатын биэр көр тоһун биэр
Киэһэ дьоно тос мааскатын биэрбиттэрэ. Дьэ, бэйи, кэриэскин хаамп, бу эргиллэн кэлэргэр тос мааскаҕын биэриэм... ХС Бэйэ, тойотторугар этэн тос мааһын бэрдэриэм ээ. Софр. Данилов. Тэҥн. сөбүн көр (көрдөр).
Тос мааһын (мааскатын) көрдөр көр тоһун көрдөр
Аармыйаҕа бастаан утаа тос мааскатын көрдөрбүттэрэ.
Тоһун биэр көр тос
Тоскун биэриэм этэ эбээт! Амма Аччыгыйа; Бэһэҕээ мунньахха сылдьыбатаҕын истэннэр мөҕөн тоһун биэрдилэр.
Тоһун көрдөр көр тос
Туран биэр көр тур
Күлүгээннэр саба түстэхтэринэ туран биэрбэт баҕайыта. Оҕустаран баран туран биэриэм дуо? Уһанарыгар туттар тэрилин барытын оҕотугар туран биэрэр идэлээх. Ол эрээри мин акаары курдук, эйиэхэ барыларын туран биэрэллэрэ биллибэт... ХС
Өссө холобурдар (2)
Хоноһолоругар ороннорун туран биэрэн, табаларын чагдаҕа таһааран ыыталаан, хоннороллор. ХС Тэҥн. олорон биэр, сытан биэр.
Тутан биэр көр тут
Ити уол тоҕо киһи тылын истибэт, тутан биэр. ГНС СТСДТ
Түһэн биэр I көр түс
Чэ, кытаатыҥ, Борокуоппай оҕонньордуун Үрэкиин кырдьаҕаскытын түһэн биэримэҥ. Болот Боотур Кинилэр даҕаны эһигини түһэн биэриэхтэрэ суоҕа. ХС
Өссө холобурдар (2)
Ханныгын да иһин, - түһэн биэрбэт, эрэллээх дьон.
Н. ЛугиновТэҥн. кэдэйэн биэрдэ.
Түһэн биэр II көр түс
Халлаан ардаары гынна, от үлэтигэр түһэн биэриҥ! Сүүрүк аттар биэтэк чугаһаабытыгар, өссө түһэн биэрдилэр.
Тыас биэр көр тыас
Иккис-үс төгүл тыас биэрэн хаалбытыгар, бөрө туох да буолбатаҕа. Н. Заболоцкай
Тылгын биэр көр тыл
Уол, аны кыра оҕону тыытыа суох буолан, тылын биэрбитэ. Оҕуруот аһын өссө дэлэтэргэ мин холкуос аатыттан тылбын биэрдим. А. Федоров
Тыллаан биэр көр тыллаа
Өрөпкүөм маҥнайгы бэрэссэдээтэлин Халытар Хабырыыс уонна олохтоох Ньукулай аҕабыыт буоланнар бандьыыттарга тыллаан биэрбиттэр. И. Никифоров Аҕабын бу киэһэ кэлэр диэн тыллаан биэрбиппин дьэ өйдөөтүм. Н. Заболоцкай
Тыыҥҥын биэр көр тыын
Ууга түспүт оҕону быыһаары сырдык тыынын биэрбитэ. Хамандыыр туһугар тыыны да биэрэргэ бэлэм буолуохтаахтар. ОТ К. Тэҥн
Өссө холобурдар (1)
олоххун биэр.
Тэбэн биэр көр тэп
Күтүөттэрэ кинилэргэ харчы бөҕө тэбэн биэрбитэ. Түүлээҕи кыһылларга тэбэн биэрбиппитин үрүҥнэр биллэхтэринэ, миигин, эһигини даҕаны өлөрүөхтэрэ. Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
[Кукаакы] булчукка аһы-таҥаһы тэбэн биэрэр. Эвен фольк.
Тэптэрэн биэр көр тэптэр
Эн төбөтүнэн харахтаах уолгун буойуоххун билиминэ, тэптэрэн биэрэ тураҕын... Амма Аччыгыйа Григорий Данилович, сонуну сиһилии истээри, Сорохины тэптэрэн биэрдэ. Р. Баҕатаайыскай
Уган биэр көр ук
Миигин балыйбыт, уган биэрбит киһи көстүөх курдук. А. Софронов Кини [Манчаары] кими да уган биэрбэт, талабыры соҕотоҕун бэйэтигэр ылынар. МНН. Куттаныма, мин кими да уган биэрбэт идэлээхпин. Н. Заболоцкай
Уокка арыыны (саһаҕаны) быраҕан биэр көр уот
Тыл этээччи киһитин көмүскэһэн, уокка саһаҕаны быраҕан биэрбитэ, дьон бары аймана түспүттэрэ. Махно есаулу, куолутунан, олус кытаанахтык дьүүллээн, уокка арыыны быраҕан биэрбитэ. П. Блякин
Уокка уган биэр көр уот
[Бурхалей] Эрбантей бэйэтин кэргэттэрин уокка уган биэрэн атах балай барбытын бастаан соһуйа, хоргута иһиттэ. Эрилик Эристиин Кини билэр киһитэ уокка уган биэриэ эрэ дии санаабат этэ. Тэҥн. түһэн биэр.
Үөрэтэн биэр көр үөрэт
Тылгын истибэт оҕону үөрэтэн биэрдэххэ хайдах буолуой? Үчүгэйдик үөрэтэн биэриэххэ. "Кыым".
Үөс-батааска (үөс) биэримэ көр үөс
Софьян онон-манан эргитэн аһара-куоттара сатаабытын, анарааҥҥыта, үөс-батааска биэрбэккэ, сөбүлэһиннэрэн кэбиспит. ЭК Үөс-батааска биэрбэтилэр - ыты сарсыҥҥы күн дьиэттэн суох гынарга дьүүллээтилэр. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Түмэппий аккаастанан көрбүт да, Лэкиэс үөс биэрбэтэх. Күннүк Уурастыырап
Үрүҥ илиитигэр биэр (туттар) көр үрүҥ
Били күндү тааһын кэргэнин үрүҥ илиитигэр биэрдэ.
Чуургун биэр көр чуур
Онон, чуурбун биэрэммин, тахсаары олоробун. А. Софронов Сыгынах аннын хаһаан-хаһан, түөрээн-түөрэн көрөн баран, чуурбун биэрэн, табахтаары олорунан кэбистим. М. Чооруоһап
Өссө холобурдар (1)
Икки килэмиэтир холобурдаах сири бараат, чуурбун биэрэн, массыынабар төннөн кэллим. Р. Кулаковскай
Ыкка биэр көр ыт
Ыкка биэр, бу таҥас түүтэ түһэ сылдьар. мууска ууран биэр көр ыраас. Кини ис санаатын барытын ыраас мууска ууран биэрдэ.
Ытаһалаан биэр көр ытаһалаа
Аттыгар олорор киһи ытаһалаан биэрдэ, атыттар бары сөбүлэстилэр
10 этии #
Этиилэр
Ас биэр көр ас
[Моонньоҕон уга] өрт уота сиэбит сиригэр уонча сыл буолан баран ас биэрэр. Далан
Оломун биэр көр олом
Үрэхпит сотору бу диэкинэн оломун биэриэх курдук. Уу түһэн, сотору оломун биэриэх быһыыламмыта. Н. Заболоцкай
Тыл биэр көр тыл
Мунньахха тыл биэрдилэр. Тылы киниэхэ биэрэллэр. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (2)
Өлөксөйгө тыл биэрдилэр. С. Васильев Атын киһиэхэ тылла биэриҥ. М. Доҕордуурап
Тэс биэр көр тэс
Уот биэр көр уот
Испиискэтэ сиигирэн хаалбыт, уот биэрбэт. Н. Туобулаахап
Чиэс биэр көр чиэс
Икки эписиэр кэлэн киниэхэ тэбис-тэҥҥэ чиэс биэрдилэр. Т. Сметанин Саллааттыы, чиккэс гынан, чиэс биэрэр. Н. Якутскай
Ыйан-кэрдэн биэр көр ый
Ким да биһигини сүрүннээн, ыйан-кэрдэн биэрэрэ биллибэт.
П. ОйуунускайСаатар маҥнайгы күммүтүгэр баар буолан ыйан-кэрдэн биэртэ буоллар. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
[Коля:] Төһө киниэхэ көмөлөстүҥ? Ыйан-кэрдэн биэрбэккин. С. Ефремов