Перевод с якутского
тут
туохтуур
Нууччалыы строить
English to build, to construct; (geometry) to construct
Ис хоһооно · 22
1 туохтуур #
Нууччалыы строить
English to build, to construct; (geometry) to construct
эргимтэтэ тут построить окружностьto construct a circle квадратта тут построить квадратto construct a square
2 туохтуур #
Тугу эмэ илиигэр ыл
Нууччалыы Держать что-л. в руках
Чоочо тайаҕын өрө туппутунан тура эккирээн, уол диэки түргэнник хааман бадьаалаабыт. МНН. Саҥа-иҥэ суох, Мукуйук икки илиитинэн чааскытын тутан олорон, сүөгэйин ыйырбахтыыр.
КүндэБиэс уончалаах, кыра уҥуохтаах этиргэн киһи кумааҕыны ылан, эргим-ургум туппута, онтон ачыкытын көрдөөн хачыгырайбыта.
Н. ЛугиновКини илиитигэр кыра холбуканы туппут этэ И. Федосеев
3 туохтуур #
Туох эмэ баран иһэри, хамсыыры илиигинэн тохтот (хол., аты)
Нууччалыы Ловить кого-л. движущегося (напр., лошадь)
Үрүмэччини тут. Иэйэхсит хотун түһэн, сэттэ кыталыктартан бастыҥнарын тутан ылбыт. Саха фольк Уол атын ким да кыайан туппат үһү (тааб.: тыал). Тот аты тутаат, миинэн айаҥҥа илдьэ бардахха, сыата ууллан, этэ-хаана буһар Н. Заболоцкай
4 туохтуур #
Туох эмэ тыыннааҕы тиискинэн эбэтэр тыҥыраххынан, кытаахтаан тут, өлөр (ыты, тыҥырахтаах көтөрү, сиэмэх кыылы этэргэ)
Нууччалыы Поймать, схватить кого-л. как добычу (о собаке, хищных птицах и зверях)
Хата, кыра ыттара биир куобаҕы урут туппут.
Суорун ОмоллоонХаар эбэ чаҥырҕаһы тутаары үөһэттэн батары түһээччи. Н. Якутскай Өтөх иһиттэн ыт сүүрэн тахсан, эккирэтэн, тутан кэбиһэ сыспыта В. Чиряев
5 туохтуур #
Кими эмэ булан аҕалан хаай (хол., буруйдааҕы)
Нууччалыы Задержать, поймать, арестовать кого-л. (напр., преступника)
Күрүөйэҕи тут. Туппут киһигитин үчүгэйдик манааҥ, баҕар куотуоҕа. Н. Якутскай Yc төгүл мээнэ атах-балай бара сылдьыбытын тутан аҕалан испиттэр. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Манчаары түрмэттэн куотта, кинини ханна көрөҕүт, булаҕыт да, тутан киллэрэ охсуҥ МНН
6 туохтуур #
Ким тугу эмэ ыыппытын илиигэр ыл (хол., баһыылканы, суругу) эбэтэр иһит (тылынан этиллибити)
Нууччалыы Получать что-л. передаваемое, вручаемое (напр., посылку, письмо, приветствие)
Кэһиитэ тут. Сурукта тут. Эҕэрдэтэ тут. Долгуйар Дьокуускай куорат Дьоһун мааны дьонноро, Дорообото тутуҥ! Саха фольк Кини ийэтин өйдөөбөт, оттон аҕата ааспыт сэриигэ Ленинград аттыгар өлбүт биллэриитин ыыппыттарын туппуттара Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
Туох эмэ наҕараадата ыл, наҕараадаҕа тигис. Θ Удостаиваться какой-л. награды, получать какую-л. награду. Эдэр пионердар, эһиги бүгүн Правительство үрдүк наҕараадатын – Бочуоттаах Кыһыл Знамяны туттугут Н. Якутскай
7 туохтуур #
Илимҥэ иҥин, иҥнэр буол (балыгы этэргэ)
Нууччалыы Попадать в сети (о рыбе)
Күһүн уу сөрүүкээбитин кэннэ собо үчүгэйдик тутар буолбута И. Федосеев
8 туохтуур #
Тугу эмэ соҕотуопкалаан нэһилиэнньэттэн харчытыгар ыл, хомуй
Нууччалыы Принимать что-л. от населения на заготовку (напр., сельхозпродукты)
Маҕаһыын дьонтон оҕуруот аһын тутар. Эт кэмбинээтэ нэһилиэнньэттэн сүөһүнү тыыннаахтыы тутар. Аһы тутар маҕаһыыҥҥа атыылааччы буолта ыраатта В. Яковлев
9 туохтуур #
Кими, тугу эмэ тус бэйэҥ көрүүгэр, дьаһалгар ыл
Нууччалыы Принимать кого-что-л. в своё распоряжение, ведение
Рулёв уоппускатыттан кэлэн баран миигиттэн заставатын туппатаҕа. Н. Якутскай Сүөсүһүт өссө биэс уон биир борооскуну эбии туппута ХС
10 туохтуур #
Тугу эмэ (хол., ууну, итиини) курдары аһарыма, өтүтүмэ
Нууччалыы Сохранять, не пропускать, удерживать (напр., воду, тепло)
Түүлээх таҥас итиини үчүгэйдик тутар. Быһыт, сахсархай буолан, ууну кыайан туппат. Амма Аччыгыйа Биһиги итиини тутар кирпииччэнэн миэтэрэнэн халыҥнаах кириэппэстэри дьаптайабыт.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
Оһох итиини тутарын хааччыйан, бэрэбинэнэн ампаар истиэнэтин курдук охсон баран, толору туой буору куталлар МАП ЧУу
11 туохтуур #
Ким эмэ кистээн куһаҕаны оҥорорун (хол., уорарын, албынныырын) арый
Нууччалыы Уличить, изобличить кого-л. в чём-л.; поймать кого-л. на месте преступления
Дьукаах ойуунун албынын тутаары, эмискэччи ыалдьыбыта буолан, кыырдан баран, чачыгыраччы күлбүтүнэн ойон турбут. Амма Аччыгыйа Саадтан дьаабылыка уорар оҕолору туттум. Эрилик Эристиин Үүт тиэрдээччи үүтү куттан ылан баран, ол оннугар уу кутарын туппуттар С. Ефремов
12 туохтуур #
Тугу эмэ батыһан, тугунан эмэ сирдэтэн айаннаа, бар
Нууччалыы Идти, ехать вдоль чего-л. (напр., дороги, русла реки) или, ориентируясь по чему-л
Витим дэриэбинэтигэр алта чаас кэриҥэ тохтоон бараннар, кинилэр, улуу өрүс уһун долоҕойун тутан, тус хоту устан сундулуһаллар. Н. Якутскай Итиэннэ кыталыктары батыһан Тус хоту айаҥҥа туруммутум, Аҥаардас чолбон сулуһунан Суолум тосхолун туппутум. С. Данилов Бу айан киһитэ кинилэр аттыларынан aahap айан суолун тутан иһэр Эрилик Эристиин
13 туохтуур #
Кимиэхэ, туохха эмэ мэһэй буол, ыытыма
Нууччалыы Удержать, остановить кого-л. где-л., воспрепятствовав движению чем-л
Вера Михайловна дьиэтиттэн сүүрэн тахсыбыта, ырааппыт буолуоҕун, оҕото ытаан, тутта. Н. Якутскай [Маня:] Мин син биир барыам, туох да миигин тутуо суоҕа. С. Ефремов [Манчаары:] Мин доҕотторум диэн эмиэ бэйэбэр дылы түүнүктээх түрмэ таба туппатах -- дьоно буоллаҕа Эрилик Эристиин
14 туохтуур #
Кими, тугу эмэ көр-харай
Нууччалыы Ухаживать за кем-л.; заботиться о ком-л., содержать кого-л
Харатаайап кулубалаах, -- баар эрэ соҕотох оҕолорун куһаҕаннык тутуохтара дуо, оҕоттон эрэ ураты маанытык ииппиттэрэ. Н. Якутскай Үлэ барыта тэҥ, эр да киһи сүөһүнү тутуох, ыанньыксыт буолуох тустаах. А. Фёдоров Нуучча бааһынайа сүөһүтүн тутара да [сахатааҕар] ордук буолан, ахсаанынан аҕыйаҕын иһин сүөһүтүн көдьүүһэ улахан буолар Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (3)
Тугу эмэ бэйэҥ илиигэр ылан дьаһай, көр. Θ Управлять, заведовать, распоряжаться чем-л. (напр., магазином). Харчыны сэбиэт бэрэссэдээтэлэ бэйэтэ тутар, ити харчы, баар буоллаҕына бэйэтигэр ини.
КүндэРасторгуев лааппытын бирикээсчигэ уонна дэбиэринэй киһитэ Иван Иванович Седалищев тутара. Н. Якутскай Дьаарай бассабыык итинтинэн сирэйдэнэн уонна тыа сиригэр сыыппараһыт киһи суоҕунан туһанан, билигин кээпэрэтиип лааппытын тутан олорор Н. Павлов
15 туохтуур #
Тугу эмэ ханна эмэ ууран, харай
Нууччалыы Держать, хранить что-л. где-л
Докумуоннаргын ыскаапка тут. Оҕуруот аһын сөрүүн сиргэ тутар үчүгэй. Түүлээхпитин эйиэхэ хаалларабыт, сииккэ ылларбакка үчүгэйдик тут
Күндэ
16 туохтуур #
сөбүлээб. Киһи өйүн-санаатын сүүй, буккуй
Нууччалыы Сильно заинтересовать, занять мысли и чувства кого-л
Наар оонньуу-көр туппут дьоно. Бэйэтэ бэрт бэһиэлэй, көрдөөх-нардаах көкөт, син эмиэ мин Стёпам курдук, ырыа-үҥкүү тутан сиэбит киһитэ. С. Федотов Оччолорго Алдан кэлэ-бара сатаабыт, быстыбыт-ойдубут, наар хаарты-арыгы туппут, илээт-кулаат да баар дойдута этэ ХС
17 туохтуур #
Ордук баһылаа (хол., туохха эмэ сатабылы, дьоҕуру)
Нууччалыы Овладеть чем-л. (напр., мастерством)
Уус-уран тыл үрдүк чыпчаалын туппут ырыаһытынан былыр сахаҕа баайы биитэр тойону отунан-маһынан, сиринэн-уотунан, көтөрүнэн-сүүрэринэн сирэйдээн үгэргээн, тойокко-баайга бэйэтигэр ыллаан, олоҥхолоон биэрэн баран, биллэрбэт ырыаһыт ааттанара үһү Саха фольк
18 туохтуур #
Сорох сыһыаты кытта "олус ыксары, хам ылар (кыра, кыараҕас таҥас туһунан)" диэн суолтаҕа туттуллар
Нууччалыы В сочетании с некоторыми наречиями употребляется в значении "давить, сжимать (об одежде, обуви)"
Бачыыҥкам атахпын ыга тутар. Евстегний билиис ырбаахытын саҕата хабарҕатын хам тутар Н. Якутскай Ардыгар "хайа эмэ балаһыанньаҕа буолар гына оҥор" диэн суолталанар. Θ Иногда приобретает значение "принимать какое-л. положение". Сөрүү тут. Аҥаар атаххын өрө тут. Түөрэ тут.
Өссө холобурдар (3)
Боллоорутта оҕонньор чүмэчитин саба тутан кэбиһэр. Амма Аччыгыйа Катерина Павловна уол обургутук быһа барбыт хааһын эмтээх баатанан саба тутта.
Н. ЛугиновМашаны илиитин ыга тутта, кинилэр саҥата суох сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр М. Доҕордуурап
19 этии #
Нууччалыы соотв. на чужой рожок не накинешь платок (употр. большей частью в отриц. знач.)
Этиилэр
Айаҕын саба тут
1) тугу эмэ дьон кэпсэл оҥосторун бобус, тыл тарҕаммат гын (үксүгэр буолб.
ф-ҕа тут-лар) Дьон айаҕын саба туппаккын (тыл ном.); 2) көр айах I. Саҥардар түп суох, айаҕын саба тутан иһэллэр.
Айах тут (туттар) көр айах II
[Дарыбыан:] Эдэр ыччаппытыгар, Чуумпу акыйаан хорсуннаахай мотуруоһа, холкуоскар эргиллэн кэлбиккинэн сылгы ойоҕоһунан, арыылаах кымыһынан айах тутан көрсүһэрбитин көҥүллээ. Н. Туобулаахап Маһарах сиэллээх улахан чороон айахха тобус-толору арыылаах кымыһы бэйэтинэн көтөҕөн аҕалан айах туппут. "Чолбон".
Барары баһыттан , кэлэри кэтэҕиттэн көр кэл
Доҕоор, барары баһыттан, кэлэри кэтэҕиттэн тутума, дьоммутун ыыта охсуохха.
Былыргыгын (уруккугун) тута сырыт (сыт)
үөрүйэх буолбут үгэскин ыһыктыма, тутуһа сырыт.
соотв. не расставаться со старыми привычками.
[Байбал:] Дьэ, доҕоор, биһиги былыргыбытын тута сытар дьоммут, онон бастаан аал уоппутун аһатар үгэстээхпит. А. Софронов
Дьон (дьон-сэргэ) санаатын (сүрэҕин) тут көр дьон
[Куола:] биһиги кырдьыкпытынан дьон санаатын тутан, бэйэбитигэр сыһыарыахтаахпыт. А. Софронов. Кинилэргэ дьону бэйэлэригэр тардар, дьон санаатын тутар, дьоҥҥо таптатар туох эрэ ураты күүс баар. ССЛИО. Дьон-сэргэ санаатын туттахха, оччоҕо арыый күүһүрэ түһүө этибит. Күндэ. Идэни тут түөлбэ. – үгэс оҥоһун.
Заводить обычай, порядок.
Оҕонньор аны саас туулуур идэни тутта.
Илиитигэр туппута көр илии
[Ааныка:] уонтан тахсата оҕолонон баран, илиибитигэр туппуппут эн эрэ бааргын. С. Ефремов
Инчэҕэй эттээҕи туппат
оҕотугар өлүүлээх диэн курдук (көр оҕо).
Ыалым-дьонум оҕолоро барыгыт мин оҕолорум буолаҕыт, бэйэм инчэҕэй эттээҕи таба туппатах эрэйдээхпин. М. Доҕордуурап Инчэҕэй эттээҕи таба туппаппыт, тоҕус оҕо тухары туох ыла турарый? Н. Түгүнүүрэп
Киһи илии туппат
киһи итэҕэйиэн сөбө суох, эрэлэ суох (киһи).
Не вызывающий доверия (букв. не может брать за руку).
Эчи, киһи илии туппат дьоно ини! Н. Заболоцкай Ким билэр, [эһэ] бэркэ киһи илии туппат кырдьаҕаһа буолуо ээ. Далан
Көмөрү хайа туппуттуу, туппут (курдук)
хап-хара, чох хара.
Чёрный-пречёрный, чёрный как смоль.
Ньургуһун уһун синньигэс кыаһаан сирэйдээх, көмөрү хайа туппуттуу хап-хара көрсүөтүк көрбүт харахтаах, көнө уҥуохтаах дьылыгырас кыыс дьахтар буола улааппыта. Дьүөгэ Ааныстыырап.
Көҥүл көнтөһүн тут көр көҥүл
Оҕо сылдьан айылҕа оҕолоро этибит, көҥүл көнтөһүн тутан улааппыппыт.
Көрү (көрү-нары) көҕүлүттэн тут көр көр II
Оҕолор биир сайылыкка мусталлар, сайыҥҥы чэбдик киэһэлэргэ көрү көҕүлүттэн туталлар. Далан Ыал буолбут дьон мүөттээх ыйдарыгар, күн көдьүүһэ диэни билбэккэ, көрү-нары көҕүлүттэн туталларын туһунан кэпсииллэрэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Төһө да түөрт уонуттан таҕыстар, Ньукуус оонньууну оройуттан, көрү көҕүлүттэн туппутунан сылдьар. С. Никифоров
Куйахата күүрэр (ытырбахтыыр, үмүрүтэ тутар) көр куйаха
Хараҥаҕа айаннаан иһэн, түлүрбэх көппүтүгэр соһуйан, куйахата үмүрүтэ тутта.
Кум-хам тут көр кум-хам
Били бөҕөс утарылаһааччытын кум-хам тутан аҕыйах мүнүүтэ иһигэр ыраастык кыайда. – Дабаай, үлэбитин түргэнник кум-хам тута охсон, сөтүөлүү барыах.
Кус оҕотунуу тут
кими эмэ күүскүнэн букатын киһилээмэ, кэбэҕэстик кыай.
Расправляться с кем-л. очень легко (физ ической силой), поймать как цыплёнка.
[Суон Дьөгүөр:] Оҕо барахсаны билигин эһэ кус оҕотун тутарын курдук тутаа инибит.
Күндэ
Кутун (дууһатын) тут көр кут II
Ытыктыыр, таптыыр дьоннорум, Күһүн, саас өрүү бииргэ бултаан Куппун туппут дьоннорум. И. Эртюков Таайым сүрэҕин сүүйбүт, дууһатын туппут кыыс тыыннааҕын истибитим. Н. Абыйчанин
Өссө холобурдар (1)
Нуучча бааһынайдара барахсаттар көнө, сытыары-сымнаҕас майгыларынан уот ааныттан саха отчут-масчыт дьонун куттарын туппуттара. ХС
Күлүккэр тут көр күлүк
Туох эрэ сууламмыты күлүгэр тутан тахсан барбыта.
Күн-ый быатын тут I көр күн
Иччилээх балаҕантан сүүрэн тахсаат, оҕолор күн-ый быатын туппуттара.
Күн-ый быатын тут II көр күн
Дьон күн-ый быатын туппуттара, били мүччүргэннээх күн-дьыл умнуллан барбыта.
Кэрэх аһын курдук тут көр кэрэх
Эттэрин-астарын бастаан утаа кэрэх аһын курдук тутан баран, сааһыары кэмчилиир буолбуттара. Мин диэки сирэйгин тутума кэпс. – "эн биһикки сыһыаммыт итинэн быһынна, аны мин диэки сирэйгин да хайыһыннарыма" диэн ис хоһоонноох этии.
соотв. забудь дорогу ко мне.
"Эн тускунан мин арааһы истибитим-билбитим ыраатта, аны мин диэки сирэйгин тутума", – диэн ытамньыйа түһээт, Даша таһырдьа ыстанна. М. Доҕордуурап
Мүччү тут
тугу эмэ аһаран кэбис, куоттар (хол., тосхойбут дьолу).
Упустить момент (напр., своего счастья).
[Сиэҥкэ:] Дьолу-соргуну мүччү тутар, халты харбыыр күммүт буолла дии. Амма Аччыгыйа
Мүччү туттар көр мүччү
Хотуурун мээнэ киһиэхэ туттарбат, нэһиилэ мүччү туттардаҕым үһү. Били оҕо мүччү туттаран куотан хаалбыт.
Өйгөр тут
өйдүү сырыт, умнума.
соотв. держать в голове.
Хоһооҥҥун өйгөр тут.
Өйүн туппут көр өй
Устудьуон диэн өйүн туппут улахан киһи.
Өрө тут
кими, тугу эмэ атыттартан ойуччу тутан ураты болҕомтоҕун уур, кыһан-мүһэн; тугу эмэ инники күөҥҥэ сырытыннар.
Уделять особое внимание кому-чему-л.; выделять кого-что-л. среди других.
Кэбис, ити сааһын тухары үлэни өрө туппут дьахтар тылынан барымыах, уурайар туһунан туох эмэ сүбэтэ булунуох. Далан Таракаанап завуч буолаат, математиканы өрө тутта. ХС
Өссө холобурдар (1)
Сорох сиргэ ханнык эрэ звенону өрө туталлар, кинини знамя оҥостор туһуттан ходуһаны буолунай анньан биэрэллэр. Ходуһа х.
Саба (сабыта) тут көр саба
Түргэнник сабыта тутан бүтэрэ охсуоххайыҥ. Ити дьыалаҕа мин ылсыспаппын, хаһан барытын саба тутаары. ХС
Самсыы тут көр самсыы
Тиэтэйэн да диэн, тугу самсыы тутуохха дылы, сымыйанан.
Н. Лугинов
Санааҕар тут көр санаа II
Чэ, доҕоор, санааҕар туппат инигин. Дьэ, кырдьаҕаһым, мэ, маны ыл уонна миигин санааҕар тутума. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
[Кэтириис:] Ааныка эмээхсиэн, чэ, санааҕар мин тылбын тутума. С. Ефремов
Санаатын тут көр санаа II
Кыыс хара бастакыттан кини санаатын туппута.
Сиһиҥ үөһүн быһа тутуом (тардыам) көр сис
[Абааһы уола:] Иттэнэ уураммын, Искин тыыраммын Силбиктээх илиибинэн Сиһиҥ үөһүн быһа туппатахпына Мин буолуом.
П. Ойуунускай
Суолу тут
олоххор биир сүрүнү тал, ону тутус.
Выбрать путь в жизни, идти по дороге жизни.
Уолчаан барар буолбута, Кыыһын манна хаалларан, Сэрии суолун туппута Ийэ дойду ыҥыран. П. Тобуруокап Үөрэ-көтө Петя Үөрэх суолун тутта. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
// Ким эмэ холобурун батыс. Следовать за кем-л. по жизни. Аҕаҕыт суолун тутаргыт тухары, Айаҥҥа мэһэй тохтотуо суоҕа, Буурҕаны көрсүһэ, тыалы утары Бааркыт иһин – ол суол баар буолуоҕа. И. Эртюков
Сутуруккун суулаа (суулуу тут) көр суулаа
Түүнүн уулуссаҕа сутуругун суулуу туттубут ыччат түбэһиэн сөптөөҕө. Суулуу туппут сууҥ киһи, эрийэ туппут эмэх киһи – мааны баккы (ыраас ыстаан) диэн курдук (көр мааны).
Сүрэҕин тут көр сүрэх
Саҥа кэлбит учуутал кыыс уол сүрэҕин туппута. Оччоҕо, Ыйым, көрдөр Оччотооҕу мин дьолбун, Сүрэхпин тутар, үөрдэр Мин таптыыр доҕорбун. И. Эртюков
Сүрэххэр тут көр сүрэх
Ааспыт олох баттыгын сүрэххэр тутар сыыһа буолуо.
Талбыккынан тут
кими эмэ бэйэҥ сөбүлээбиккинэн, баҕарбыккынан дьаһай.
Иметь полную власть над кем-л., обращаться с кем-л. как заблагорассудится.
Кыысчааны баай дьахтар талбытынан тутара: таптыы туран таһыйан имилиннэрэн барара, таһыйан иһэн таптыыра. А. Сыромятникова
Таҥара аһын курдук тут көр таҥара
Убаһатын этин таҥара аһын курдук тутан, кэмчилээн сиэтэр.
Тарбаҕыттан тутан баран, хонноҕор киирдэ
кыраттан саҕалаан баран, көрдүүрэ, ылара улаатан барда.
соотв. дай ему палец, он и всю руку откусит.
Ити киһи тарбахпыттан тутан баран, хоннохпор киирээри гынар быһыылаах, ону тохтото охсуохха.
Тор тэһиинин тут
уодьуганын тарт диэн курдук (көр тарт).
Көхсүттэн тэһииннээх Күн-өркөн уустара Күөмчүлүү сылдьыахтара, Ир суолбутун ирдээн Иэдээни тэрийиэхтэрэ, Тоҥ суолбутун тордоон Тор тэһииммитин тутуохтара.
П. Ойуунускай
Төбөҕөр тут
элбэх баҕайыны өйдөөн хаал, өйдөөбүккүн ыһыктыма.
Держать в голове что-л. (напр., информацию).
Ити сыыппаралары барытын хайдах төбөҕөр тутаҕын?
Төлө тут көр төлө
Кытаатан, тосхойбут түгэни төлө тутума.
Тумулук тутун көр тумулук
Ардах түспүтүнэн тумулук туттан үлэттэн куотуна сатыыллар.
Тумус туттар көр тумус
Баар-суох тумус туттар үөрэнээччибит дии.
Туппута эрэ торуоска, кэппитэ эрэ сэлээппэ көр кэт
Туппута эрэ торуоската, Кэппитэ эрэ сэлээппэтэ, Биэрэрин бэскэ ыйаабыт, Уунарын умнан кээспит.
Өксөкүлээх Өлөксөй
Туппут илиитин ыһыктыбат
ылыста да арахсыбакка үлэлиир, үлэтиттэн илиитин араарбат (киһи).
соотв. работать, не покладая рук.
Туппут илиитин ыһыктыбат от охсооччу. От тиэйиитигэр, мас мастааһыныгар туппут илиитин ыһыктыбат туруу үлэһит кини этэ. П. Аввакумов
Тутан сиир көр сиир
Ол сытыахсыт үрүҥ-хара түүлээҕэр, көмүһүгэр, кылааннааҕар хараҕа туолбакка, ойууннуур идэлэнэн, нэһилиэгин, улууһун дьонун тутан сиир этэ. А. Неустроева Тойонум бүгүн эмиэ төлөпүөнүнэн тутан сии сыста. "Күрүлгэн".
Тута түһэн биэр
кими эмэ кыратык дьарый (үксүгэр оҕону); дьулатардыы кэһэтэ түс.
Намять холку кому-л. (обычно по отношению к ребёнку); намылить шею.
Уол түннүк тааһын алдьаппытыгар, аҕата тута түһэн биэрдэ. – Оннооҕу-маннааҕы быччаҕардар оройуон хаһыатыгар ойуулаабыттарын, тута түһэн биэрээри гыммыппар, бу ойоҕум туора-маары сарыкымайдаһан мэһэйдээбитэ. П. Аввакумов
Тутуутун тут
тута түһэн биэр диэн курдук.
Аһыырын умнан туран, күнү быһа оонньоон, сөтүөлээн кэлбитигэр, ийэтэ тутуутун туппута.
Тууйа тут көр тууйа
Ааспыт олоҕун ыарахан түгэннэрин санаатаҕына, ыар санаа тууйа тутар. Тэһииннэ тут (туттар) эргэр. – ыалдьыты ытыктаан, эйэҕэстик-сайаҕастык көрүс.
Встречать (дать встречать) гостя с почитанием, радушно (букв. держать повод (конский)).
Олбохто уура охсуҥ, Дьиэллэ тэлэйиҥ, Тэһииннэ тутуҥ, Дэбдиргэтэ ууруҥ!
П. ОйуунускайДьэ, тахсан тэһиин тутан, дьиэл аһан киллэртиэҕиҥ. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Дыгын ыҥырыылаах ыалдьыттарын, тэһиин туттаран, тэллэх кэбистэрэн, бэрт чиэстээхтик тутан, эһэ-бөрө тириитэ олбох үрдүгэр олорпут. "Чолбон".
Уҥуоҕун тут
1) кими эмэ көмп.
Хоронить кого-л.
Уулаах [киһи аата] быраатын Кыра Хабырыыһы уҥуох тутаары олордоҕуна, Доодороптор уруулара Чаабый Дьаакып көтөн түһэр. "ХС"; 2) кэпс. тугу эмэ үлтү түһэр, алдьат. Ломать, разбивать что-л. Бастакы УАЗ массыынаны инсэньиэр-мэхээнньик Бурцев уонна Готовцев уҥуоҕун туппуттара. ХС Уҥуох тутар кэриэтэ барда эргэр., кэпс. – сөбүлээбэт, таптаабат киһигэр күһэйиинэн кэргэн бар. Выходить замуж против желания, за нелюбимого (букв. отправляется словно хоронить кого-л.).
Уодьуганын тарт (тут) көр тарт
[Абааһы уолун] Уодьуганын тутуох курдук Уйадытан барда быһыылаах. Хаҥас өттүгэр Халарыктатан илдьэн, Улуу күтүрү Умса бырахта.
П. Ойуунускай
Үмүрү тут
үлэни бүтэр-оһор, дьоҕуһат.
Заканчивать, закруглять (работу, хлопоты).
Оччотооҕу тыа ыала эрдэ турара, халлаан сырдыыта күннээҕи түбүктээх үлэлэрин үксүн үмүрү туппут буолаллара. В. Яковлев
Ыт атаҕын (буутун) тут көр ыт II
Тамты мэлийэн ыт атаҕын тутуо да буоллар, ыра санаатын эрэл оҥостон, бултуу тахсыбытын кубулуппат үгэстээх. ФВС К
Эт туппут
улаатан ситэр сааскар тиийэн толору эттэн-сииннэн.
Взрослеть, достигать физ ической зрелости.
Үһүс дьиэ ааныгар эт тутан өссө ордук төлөһүйбүт, кэрэтийбит Аанчык тахсан турар. Амма Аччыгыйа Киһи үйэлээх сааһыгар биирдэ эрэ эт тутар, ситэр, баараҕадыйар. Эрчимэн.
Этэн-тыынан турда
өрө көтөҕүллүүлээхтик, кимиэллээхтик саҥар-иҥэр.
Говорить вдохновенно, увлечённо.
Мунньах бүтүүтэ киһилэрэ, дьэ, этэн-тыынан турдаҕа үһү
20 этии #
Нууччалыы Жать, сжимать, давить (напр., о сердце)
Этиилэр
Айан суолун тут көр айан
Кытаатан айан суолун тутан айаннаарыҥ.
Бобута тут
ыһыкта-ыһыкта боп, бобо ылыталаа, бүөлээ (хол.
, киһи сүрэҕин, күөмэйин этэргэ) Арах-ара-а-ах!.. Кыраҕыйа-чаҕыйыкы-ыа! Тоҕо эрэ бу Куһаҕан буомнарым Бобута тутар буоллахтара үһү.
Өксөкүлээх Өлөксөй
Булгу тут көр булгу
Hahaap хамсатын чубуугун булгу тутан, тостубутун сиргэ бырахта. Суорун Омоллоон. Бу өйдөөн көрбүтүм, булгу туппут саабар ботуруонум суоҕа, батарантааһым эмиэ. Далан. Булдун туппат кэпс. – тэбиитэ мөлтөх буолан, булдун ыраахтан кыайан таппат (сааны этиллэр).
Не добивать до цели (о ружьё).
Карабин ис эрэдэһинэ өр тутуннахха кэһиллэр, оччоҕо кини буулдьатын күүһэ мөлтүүр, булдун туппат буолан хаалар. Я. Семёнов
Бүк тут
тугу эмэ ортотунан иэҕэн бүктээ, хоһуланар гына тут.
Согнуть, сложить что-л. вдвое.
Ньаака быһаҕын бүк тутар. Харысхал.
Бүлгү тут
1) ким, туох эмэ сүһүөҕүн таһаар, бүлгүрүт (хол., күүскэ эрийэ тутан).
Вывихнуть сустав у кого-л. (напр., сильно поворачивая).
Илиибин бүлгү тута сыста; 2) бүк тут (сааны аһарга). Разломить (ствол ружья). Мин ыскамыайкаҕа ыстанан тахсан сааны ыллым уонна аҕабын үтүктэн, бүлгү туттум. Н. Якутскай
Ибили (илдьи) тут
илиигинэн ньыҕаччы тут (хол., отону).
Смять, раздавить, растереть что-л. рукой, руками (напр., ягоду). Биир буспут помудуору ибили тутан кэбистим.
Сугун аһара бустаҕына илдьи туппакка итигэстиир уустук буолааччы.
Искэр тут
санааҕын аһаҕастык эппэккэ бэйэҕэр тута сырыт.
Держать в себе (свои мысли, своё мнение), не высказывать открыто.
Мин төһө да хомнооторбун испэр тутар идэлээхпин. С. Курилов
Кулун тутар (ый) көр кулун
Кулун тутар саҥатыгар кэлэр.
Кум-хам тут көр кум-хам
Кураанах хааны [бөппүрүөскэ хаатын] таһааран Кум-хам тутта. Үөһэ тыынна. Күннүк Уурастыырап Эдьиийэ биэрбит биэс мөһөөҕүн, түргэн үлүгэрдик сулбу тардан ылан, илиитигэр кум-хам тутта. ОоТС.
Кыайа тут көр кыай
Күүстэринэн [буоллаҕына] Бэрт Хара чахчы кыайа тутар эбит. "Чолбон".
Кырыста (тарт) тут көр кырыс
Сонуоктара былырыын өрөөбүт, инньэ гынан кырыс туппут. В. Башарин
Мүччү тут
тугу эмэ дубук тутан илиигиттэн төлө ыһыгын.
Выпустить из рук, не суметь удержать что-л. в руках, выронить.
Тахсан иһэн Лаана үтүлүгүн мүччү тутта.
Н. Лугинов
Ньылбы тут
тугу эмэ илиигинэн ньылбырытан хастаа.
Сдирать, срывать что-л. с кого-чего-л. руками (напр., шкуру с животного).
Киэһээ аһылыктарыгар мааҕын сирбит куобахтарын ньылбы тутан буһардылар. Н. Босиков
Өс тут
кимиэхэ эмэ умнубат өстөн, өһүрбүккүн ыһыктыма.
Держать на кого-л. зло, обиду.
Катюша кимиэхэ да өр өс тутан сылдьыбатаҕа. А. Сыромятникова
Саа тут
1) көр саа. Саа тутан кыргыһа сылдьан өлбүт буоллар, санааҕа астык буолуо эбит. П. Ойуунускай; 2) кэпс. сааланар буол.
Охотиться с ружьём.
Оҕом саа тутар кэмэ чугаһаата.
Сутуруктуу тут көр сутурук
Илиигин сутуруктуу тут.
Төлө тут
илиигиттэн тугу эмэ алҕаска эбэтэр кыайан туппакка ыһыгын.
Выпускать из руки (рук) что-л. нечаянно.
Кинигэҕин төлө тутан сиргэ түһэр.
Тутан ыл (илт)
киһи туох эмэ баайын, малын күүскүнэн ыл, былдьаа.
Забирать, отнимать у кого-л. что-л.
[Суон Дьөгүөр:] Ити остуорас хара баранаак сопхуоска олорон оҕуспун тутан илдьэ барбыта эбээт.
Күндэ[Хандыы:] Миигин көрдөтөр диэҥҥин, ас астааччылартан биир ыаҕас иһи быһа тутан ылбыт үһүгүн дии. А. Фёдоров
Өссө холобурдар (3)
Уҥуох тут кэпс. – киһи тостубут уҥуохтарын имэрийэн-томоруйан, оннун буллар, силбэһиннэр. Править кости. Сахаларга тостубут уҥуоҕу тутар маастардар үгүстэр. Н. Босиков Саҕаһа курдук тырыыҥка тыыраннар, хам тутан олороннор, сахалыы атаҕын уҥуоҕун тутан чартаан, биинтэнэн ыбылы кэлгийэн кэбиспиттэрэ. В. Яковлев Икки бухатыыр хоолдьуга сүөһүлэрин уонна уҥуох тутар дьоннорун илдьэ кэлбиттэр. Багдарыын Сүлбэ.
Эксээмэн (сочуот) тут
ким эмэ билиитигэр сыанабылла биэр.
Принимать экзамен, зачёт.
Үөрэххэ киирээччилэртэн эксээмэннэ тут. Др. -тюрк. тут, тюрк. тутмак
21 туохтуур #
Тугу эмэ ыпсаран, холбоон ситэрэн-хоторон оҥорон таһаар
Нууччалыы Возводить какое-л. сооружение, строить
Быһыты үрэх тоҕойун күлүгэр, сүүрүк мөлтөөн кэлэр сиригэр, тутарга быһаарбыттар. Амма Аччыгыйа Байбал диэн оҕонньор Баһылайы оһоҕу хайдах тутарга үөрэтэр, үлэ мындырыгар уһуйар быһыылааҕа. В. Титов [Марина:] Саҥа дьиэ тутар сирдэрэ быһыылаах, сүрдээх үгүс бэрэбинэ таһыллыбыт этэ ХС
Өссө холобурдар (3)
Элбэх тутуулардаах олорор сири төрүттээ. Θ Обосновать населённый пункт. Кинилэр санаатылар бу тутар Саҥа куораттарын сарсыҥҥытын. С. Данилов Эн хостуур көмүһүҥ Төрөөбүт дойдугар Тайҕаны солуоҕа, Куораты тутуоҕа. П. Тулааһынап Билигин сүүс сүүрбэ чилиэннээх Үс сиргэ бөһүөлэк туттубут, Эрилик Эристиин
22 туохтуур #
үрд. Туох эмэ үтүө кэскиллээҕи оҥор
Нууччалыы Создавать, созидать что-л. (напр., новую жизнь)
Саҥа олоххо, үлэһит былааһыгар Дьолу-соргуну тутуохпут, Дьоллоох олоҕу олоруохпут.
П. ОйуунускайЭйэлээх быһыынан, истиҥник санаһан Үөрүүлээх олоҕу туппуттар. Күннүк Уурастыырап Дьолу туппуппут ол иһин, Ньургун буолбуппут ол иһин. Эллэй. Ср. тув. тудар ʽстроить; построить’