ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

саба

сыһыат

Нууччалыы заслоняя

Ис хоһооно · 8

1 #

сыһ

  • Хараххын саба баан. Сирэйгин саба тутун.
  • Ураһа саҕа уот кытыытыгар хаар маҥан баттахтаах, -- оҕонньор уоту саба аччайан олорор эбит.
    Саха фольк
  • Эмээхсин ыаҕаһын былаатынан саба баайа олорон эттэ: "Ыарахана бэрт буолсу, доҕор".
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
  • Кулун туйаҕын сэбирдэхтэрин быһа тардан ылан иэдэһигэр саба туттар.
    Л. Попов
  • Лүүгү бириһиэнинэн саба бүрүйдүлэр
    Н. Габышев

2 #

Сабыллар курдук, бүөлүү-хаххалыы эбэтэр таска көстүбэт буолар гына

Нууччалыы Заслоняя чем-л., накрыв что-л. чем-л. сверху (напр., завязывать глаза, перевязывать раны кому-л.)

3 #

Барытын сабардыыр курдук, ыраас, бүтүн сир ордубат гына; улаханнык (хол., тугу эмэ уунан ыс)

Нууччалыы Полностью, чтобы накрыло целиком, сплошь всю поверхность (напр., забрызгать что-л. чем-л.)

  • Уунан саба ыс.
  • "Ээ, дьэ, халлааммыт соруйан киллэрбит, эһигини өр хаайаары гыммыт", - диэтэ Учукаас, таһырдьа тахсан хаарга саба типтэрэн киирэн тэбэнэ туран.
    А. Софронов
  • Сарсыарда тахсан эрэр күн уота улуу куруҥу саба ибиирэ турар
    Күндэ

4 #

Сыста, ыкса чугаһыыр курдук; ыга

Нууччалыы Вплотную (напр., подойти к кому-чему-л. или привлечь к себе кого-что-л.)

  • "Ийээ, мин барар буоллум", - диэн үөгүлээбитинэн Симон киниэхэ саба сүүрэн кэлбитэ.
    Л. Попов
  • Бары саба сүүрдэн киириэҕиҥ.
    Эрилик Эристиин
  • Этиҥнээх ардах, миигин эккирэппит курдук саба сүүрэн тахсан, ыаҕастаах уунан кутар курдук түстэ.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
  • Ким эрэ, эмискэ тыылыннаран кэлэн, ат күөнүнэн саба астарбыта
    А. Бэрияк

5 #

Ханна да ыыппат курдук (үрдүгэр түһэн); хам, бобо (тутан, баттаан)

Нууччалыы Навалившись сверху на кого-что-л. или крепко схватив кого-что-л

  • Саба харбаан ылан дэлби уураата-сыллаата.
    П. Ойуунускай
  • Үс бандьыыт Михаилы саба баттааннар илиитин кэдирги кэлгийэллэр.
    С. Ефремов
  • Уҥа өттүгэр субу саба баттыах айылаах -- субурҕа суорба таастары сэмээр одуулаһа истэ
    С. Никифоров

6 #

Тула өттүттэн хаайа, тууйа, тумнары

Нууччалыы Занимая, накрывая собой полностью кого-что-л. (напр., о стихии)

  • Саба ааҥнаа. Саба сатыылаа.
  • Саха сирин уһун түүнэ Саба күөнтээн кэлбитэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Оҕонньордоох эмээхсин, Орон сылааһыгар нуураччы тартаран, Сылбай ууларыгар саба куустаран Сынньана сыталлар.
    С. Васильев
Өссө холобурдар (2)
  • Ыалдьыттар -- дьиэ бүттүүн кутурҕаныгар саба баттатан, тааһыран олордулар.
    М. Доҕордуурап
  • Былыта тыаллыын-куустуун бу саба сатыылаан кэллэ
    Д. Таас

7 этии #

Нууччалыы Подавлять, ущемлять чью-л. свободу, насильно заставлять кого-л. делать что-л., принуждать; угнетать

  • Саба баттаа - 1) көҥүлү көрдөрүмэ, көҥүлүн быс; күүһүлээ Кыыс аймаҕы кыайа туппут, Дьахтар аймаҕы саба баттаабыт Бэтэрээҥҥи бэлэс, Ааратааҥҥы айах, Сотору сокуомсук.
    С. Зверев
  • Маннааҕы кыыс - Кэлэҕэйгэ тэҥэ суох үчүгэй оҕо. Киниэхэ эргэ тахсыан баҕарбат, ол үрдүнэн аҕата, ийэтэ саба баттаан бу саас илии охсуһуннарбыт сурахтаахтара. Н. Заболоцкай; 2) кэпс. тугу эмэ хааччахтаһан, оҥорор кыах биэримэ, бопсус. Θ Не давать возможности кому-л. осуществить что-л., препятствовать чему-л. Ити оҕоҥ тыаҕа тахсан үлэлиир баҕа санаатын саба баттыырыҥ туораттан истэргэ сүрдээх олуона баҕайы.
    С. Ефремов
  • Эн бандьыыттарга холбоһо сылдьыбытыҥ сир анныгар баар, ону көбүтэ сатааччылар бааллар. Ону мин саба баттаан сылдьабын. Күндэ; 3) туохтан эмэ атын дьон туһансалларын көҥүллээбэккэ бэйэҥ эрэ туһанаргар тутун, дьонтон көҥөө. Θ Пользоваться чем-л. единолично. Арыылаах курдук үчүгэй алаастааххын, бүтүннүү бэйэҕит саба баттаан сиигит. МНН. Саба көт кэпс. - 1) түргэнник үгүһү оҥор, элбэх үлэни-хамнаһы бүтэр-оһор. Θ За короткое время успеть завершить многое. Барытын биир күн хайдах саба көтүөхпүнүй?; 2) эмискэ ыга ыл, ыга куус (туох эмэ санааны этэргэ). Θ Вдруг охватить, объять кого-л. (о мыслях, чувстве). Күнүскү иэдээнин туһунан өйдөбүл эмискэ саба көтөн киирдэ.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (11)
  • Саба садьылаа түөлбэ. - тугу эмэ мэһэйдээн, бүөлээн олор. Θ Сидеть, мешая кому-чему-л.; рассесться. Сир хаба ортотугар хайдах атаҕын устан саба садьылаан олоруой. Айталын. Саба сапсый кэпс. - туохха эмэ быһаарыы ылынарга ким эмэ этиитин кытта олох сөбүлэспэккин, ылыммаккын эт. Θ Выражать категорическое несогласие с мнением, предложением других. Доҕоро өрүс хамсыыра чугаһаата, быйыл мууһа олус халыҥ дьыла, тоҕо эрэ дьулайабын, төннүөх, сөпкө бултаатыбыт диэн көрбүт. Ону Дьэллик саба сапсыйан кэбиспит.
    Н. Заболоцкай
  • Егорычев саба сапсыйда: "Үөр хааска киирэн иһэн биир акаары чыркымай аайы тыаһы таһаарар диэн баар дуо?!"
    Т. Сметанин
  • Саба сүүр кэпс. - сир-сир аайы тиийэ-түгэнэ оҕус (киһини этэргэ); олус түргэнник тарҕана оҕус (хол., туох эмэ дьаҥы этэргэ). Θ Успевать побывать везде (о человеке); быстро, моментально распространяться (обычно о болезни, эпидемии). [Үлэҕэ] Омун-төлөн оҕолор Саба сүүрэн көрдүннэр, Оттон Ньукуус "оҕонньор" Сатаан иннин көрүнэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • [Уоспа] биир күн иһигэр куораты бүтүннүүтүн саба сүүрэн кэбиспит, турары-турбаты сылбах курдук охторбут.
    П. Филиппов
  • Саба тарыйан (быраҕан) кэпс. - быһа холоон, барыллаан. Θ Приблизительно, примерно в прикидку (определять, оценивать). Арамаан оҕонньору, саба быраҕан, биэс сүүсчэкэ сүөһүлээх буолуо дииллэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Саба тарыйан көрүүгэ даҕаны Саха сирин норуоттарын поэзията сийиэстэр икки ардыларынааҕы кэмҥэ балаччатык кэҥээтэ.
    ХС
  • Саба тут кэпс. - туох наадатын барытын оҥор, дьон кыһалҕатын барытын толуй. Θ Решить все проблемы, справиться со всеми проблемами. Устинов барытын ыпсарыах, хааччыйыах, саба тутуох буолан истэ.
    Н. Заболоцкай
  • Бардын ээ. Ол киниэхэ тугу саба туттараары хаайыстаҥый?
    С. Ефремов
  • Саба түс кэпс. - тугу эмэ көхтөөхтүк элбэх буолан көмөлөө, көмөлөөн оҥор. Θ Делать что-л. дружно, всем скопом (напр., какую-л. работу). Оттон эн нууччалыы үөрэнэн көрдөххүнэ. Бары саба түһэн начаас үөрэтиэ этибит.
    Далан
  • Ити курдук бары саба түһэн ийэлэригэр күн аайы көмөлөһөр буоланнар, дьиэ өрүү ыраас, үлэ бүтэ охсор.
    ББ
  • Саба үктээ (тэбис) кэпс. - тугу эмэ хам баттаа, кэҕиннэр, самнар. Θ Порабощать, топтать кого-л., громить, разрушать что-л. Гитлер хара тыыннаах уллуҥаҕынан кыайарын тухары барытын саба тэпсибитэ. Суорун Омоллоон

8 этии #

Нууччалыы Заткнуть (отверстие, дыру)

Этиилэр

Саба саҥар көр саҥар

Коля маҥнай Ольгаҕа кыһыылаах тыллары быраҕаттаан иһэн оҕолор бары кинини саба саҥарбыттарыттан тохтоон хаалбыта. Л. Попов. Саба түс - 1) туохха эмэ үрдүгэр кэлэн нөрүй, кууһа түс.

Склоняться над кем-чем-л., припасть к кому-что-л., падать ничком на что-л.

  • Маайа туох да саҥата суох кэлэн, саба түһэн баран, кинини сүүһүттэн сыллаан ылла.
    Н. Неустроев
  • Оксана сааппыта -- сирэйин саба туттан, сыттыгар саба түспүтэ.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (6)
  • Ананий Яковтыын быһыт былаанын саба түһэн көрө олордулар.
    М. Доҕордуурап
  • // Кими-тугу эмэ тула үмүөрүй (элбэх киһини этэргэ). Обступить кого-что-л. Бэйи, тохтооҥ, киһиэхэ саба түһүмэҥ.
  • Холкуостаахтар бары кэлэн саба түһэн дорооболоһон бараллар. Эрилик Эристиин; 2) тугу эмэ бултаһан, тутаары, өлөрөөрү үрдүгэр түс; сэриинэн киир. Нападать на кого-л.; идти войной на кого-л. Эһэ киһиэхэ мээнэ саба түспэт. Сэриинэн саба түс.
  • Оҕо мохсоҕол аарыма хотойго саба түспүтүн хаһан көрбүккүнүй?
    Саха фольк
  • 1941 сыллаахха -- ньиэмэс-фашист талабырдьыттара биһиги тапталлаах ийэ сирбитигэр сэриинэн саба түспүттэрэ. Софр. Данилов. Саба түһүү - тутаары, өлөрөөрү туохха эмэ сэптээх-сэбиргэллээх түһүү; сэриинэн киирии. Вооруженное нападение на кого-что-л., набег; налёт. Батальоҥҥа тиийэр ахсааннаах бартыһааннар этэрээттэрэ аармыйа ыстаабыгар соһуччу саба түһүүнү оҥордулар.
    Т. Сметанин
  • Саба үр - үрэн умуруор. Задуть (напр., спичку, свечку). Чүмэчини саба үр

«С» буукуба