Перевод с якутского
саҥар
туохтуур
Нууччалыы говорить
English to speak; to speak
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Нууччалыы говорить
English to speak (a language); to speak
сахалыы саҥар говорить по-якутскиto speak Sakha / Yakut
2 туохтуур #
Тугу эмэ эт эбэтэр куоласкынан туох эмэ саҥата таһаар
Нууччалыы Издавать голосом звуки (о человеке и животных); говорить
Хараҥабыт халбарыйда, Халлааныкпыт сырдаата, Таҥарабыт сараата, Татыйыкпыт саҥарда. Саха фольк Эһэ орулуурга дылы куһаҕаннык саҥарда, киһибин үрдүнэн ойдо. Т. Сметанин [Хобороос:] Бу уол оҕо буолан баран тыллаах дьахтар курдук, эчи саҥардаҕа элбэҕин. С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
Биһиги сахалыы саҥарабыт, биһиги тылбыт - саха тыла. ПНЕ СТ
3 туохтуур #
Кими эмэ, туох эмэ туһугар сэмэлээ, хомуруй, мөх
Нууччалыы Ругать, упрекать, порицать
Оҕонньор уолун көмөлөспөккүн диэн саҥарар. "Ким утарылаан эрэрий, ыгылытыма!" - диэн кырдьаҕас өттүлэрэ саҥарбыттара. Дьүөгэ Ааныстыырап. Хата титииккэ дэхсилээн оҥостубут сирбин былдьаата диэн миигин саҥарбата дуо? М. Доҕордуурап
4 этии #
Саба саҥар кэпс. - ким эмэ тугу эмэ саҥараары гыммытын кытаанахтык утары этэн быһан кэбис "Ынаҕы элбэппэтэххинэ, сүөгэйи, арыыны хантан ылаҕын?" - Өкүлүүн эрин саба саҥарда. Софр. Данилов. Саҥарара саахардаах кэпс. - албыннаһан, ньылаҥнаһан саҥарар (киһи). Сладкоречивый говорун (букв. речь его с сахаром). Саҥарар идэлээх харыс. - ойууннууру, кыырары сатыыр киһи. Умеющий шаманить, камлать. Бу, кырдьаҕас эн, тылгыттан-өскүттэн иһиттэххэ, саҥарар идэлээх эбиккин ээ, быһыыта. С. Никифоров
Нууччалыы Резко оборвать кого-л
5 этии #
Саҥарар киинэ кэпс. - муусуканы уонна оонньуур дьон саҥатын иһитиннэрэр киинэ Саҥарар киинэ кэнники баар буолбута
Нууччалыы Звуковое кино