ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

диэ

туохтуур

Нууччалыы устно, вербально выражать мысли, сообщать

English to say, to speak

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Санааҕын тылынан саҥаран эт

Нууччалыы Устно, вербально выражать мысли, сообщать

  • "Хайдах өҥнөөхтөрүй?" – дии оҕуста кыыс.
    Күндэ
  • Кеша эмиэ тугу да саҥарыан булбакка: "Мин билиэккин аҕаллым", – диэтэ.
    Н. Заболоцкай
  • "Ээ, Быттааны Сүөдэр оҕото, Манчаары оҕо киирэн олорор", – диэбиттэр дьон
    МНН

2 туохтуур #

Саҥа таһаар, туох эмэ дорҕоонун таһааран саҥар (киһи, харамай туһунан)

Нууччалыы Издавать, произвести звук, подавать голос (о человеке, животных)

  • Силип "һуук" диэт эргиллэн иһэн, халтарыйан тиэрэ кэлэн түһэр.
    М. Чооруоһап
  • Кеша аттыгар сытар мутук сыыһын ылаары илиитин көтөҕөн эрдэҕинэ, чыычааҕа "чырып" диэт, көтөн хаалла.
    Н. Заболоцкай
  • [Тугут] өссө саҥалаах: "Ав-ав-ав", – диир. Н. Тарабукин (тылб.)

3 туохтуур #

Ааккын эт, ааттаа

Нууччалыы Произнести имя, название; называть, называться

  • "Сааһынан сөп түбэһэр эбит! – диэн Кууһума суруксут сэҥээрэр – Аата ким диэний?"
    Н. Якутскай
  • – Мин Мария Үчүгээйэбэ диэммин. Бу дьиэҕэ олоробун.
    С. Ефремов
  • Күһэҥэй диэммин. Былыр соҕуруу Бүлүүгэ олохтоох, төрөөбүт төрүт буордаах этим
    Дьүөгэ Ааныстыырап

4 туохтуур #

Туох эмэ диэн өйгөр быһаар, санаа

Нууччалыы Полагать, думать о чем-л., иметь какое-то мнение

  • "Билигин булуохтара суоҕа диигин дуу?" – диэн сахалыы билэр киһи иилэ хабан ылан ыйытар.
    Н. Якутскай
  • Биллэрбэккэ муҥхалаатаҕа диэҕэ диэммин, бу эйигин ыҥыраары таарыйдым.
    Күндэ
  • "Эйиэхэ Ньургуһуну ыйытаары гынабыт. Ону туох диигин?" – диэн, үүт иһэ-иһэ, [Нараҕан оҕонньор] кэпсии былаастаан ыйыта олорбута
    Дьүөгэ Ааныстыырап

5 этии #

Диэмэ даҕаны (этимэ даҕаны) кэпс. – сөпкө этэҕин, мин да оннук саныыбын (этээччини кытта толору сөбүлэһии) Ол хара түөкүн, күрүөһүт сүөһүнү тоҕо босхо дьаарбаттаран, дьону айматар? – Дьэ, диэмэ даҕаны, баар эрэ бурдугум этэ. А. Софронов. Бу үрэх намыһах кытыла ыарҕата суоҕа буоллар, быһыт оҥорбут киһи, уу бөҕө килэһитиэ эбит. – Диэмэ даҕаны! М. Доҕордуурап.

Нууччалыы И не говори (полное согласие с говорящим)

Этиилэр

Диэххэ сөп

итинник быһааран, түмүктээн этиэххэ сөп.

Можно сказать, можно прийти к такому выводу.

  • Кырдьыга холкуоһу Хандыы салайан олорбута диэххэ сөп.
    А. Федоров
  • Биһиги Илии Үлүппүппүтүгэр кырса бэркэ тохтоото диэххэ сөп.
    ХС

Инньэ диэмэ

итинник саҥарыма (киһи санаата оонньоотоҕуна өй-төй угарга этиллэр).

Не говори так (так говорят человеку лишившемуся душевного равновесия с целью образумить его). Инньэ диэмэ.

  • Эн туох сыыһалааххын, туох алҕастааххын холкуостаахтар быһаарыахтара.
    С. Ефремов
  • Ээ, кэбис, инньэ диэмэ, олус улаханнык сананыма, хайа, эйиэхэ сөптөөх киһини булан-талан, оҥорон киллэриэхтэрэ. Ньургун Боотур.

Туох да диэ

тугу баҕарар саҥар; туох баҕарар диэн таайа сатаа (онтон туох да уларыйбат).

Что ни говори, как ни прикидывай (ничего не изменится), говори что хочешь.

  • Чэ, туох да диэ, ити эн дьыалаҥ буолбатах.
    С. Ефремов
  • Чэ, туох да диэҥ, кыыскыт оскуолаҕа тардыллыбыта буолуо!
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Тюрк. тэ

«Д» буукуба