Перевод с якутского
оҥор
туохтуур
Нууччалыы делать; строить
English to make, to build
Ис хоһооно · 13
1 туохтуур #
Нууччалыы делать; строить
English to make, to build
ыскаабы оҥор сделать шкафto build a cabinet орон оҥор стелить постельto make a bed
2 туохтуур #
Нууччалыы делать
English to make, to convert (something into something else); do
кулут оҥор сделать рабомto make into a slave
3 туохтуур #
Нууччалыы делать; готовить
English to make, to cook
үүтүнэн иэдьэгэйи оҥор сделать творог из молокаto make cottage cheese from milk
4 туохтуур #
Нууччалыы действовать
English to act (in some way)
буруйу оҥор вести себя виноватоto act guilty үтүөтэ оҥор делать доброto do good
5 туохтуур #
Нууччалыы думать; верить
English to think, to believe
мин кинини сөбүлүө оҥоробун думаю, он согласитсяI think he'll agree
6 туохтуур #
Үлэлээн-хамнаан туох эмэ малы айан таһаар, баар гын
Нууччалыы Делать, сооружать что-л
Ыскаабы оҥор. Үс сиртэн күндээрэн көстөр, бухатыырдары мунньан хаайдахха кыайан-хотон алдьаппат күкүр таас ампаары оҥорбуттар. Ньургун Боотур. Эллэй дьиэҕит буруота бэрт диэн балаҕаннарын үрдүн дьөлө охсон, оһох оҥорон биэрбит. Н. Неустроев Хаһан оҥорбут оһохторун оҕотугар, уот оттон, үрүҥ буруону бургучуталлара Дьүөгэ Ааныстыырап
7 туохтуур #
Тугунан эмэ дьарыктан, үлэнэн көрдөр
Нууччалыы Заниматься чем-л., совершать, производить какое-л. действие
Табаарыс начаалынньык, сыгынньахтан!.. Бэрэбээскэ оҥоруохха наада! Н. Якутскай Ырбаахытын устан гимнастика оҥордо М. Доҕордуурап
8 туохтуур #
Туох эмэ дьайыыны хайаа, тугу эмэ тэрий
Нууччалыы Делать, совершать, проводить что-л
Чугаһы чуораанынан, Ырааҕы барабаанынан ыҥыран сыбаайба оҥорбут. Саха фольк [Тойон:] Хара түөкүн! Халыҥ буруйу оҥорон баран, Ханна сырыттыҥ! А. Софронов Ол уурааҕы бырачыастаан Перовскай, Фергана, Ташкент үлэһиттэрэ бары забастовкалаабыттара, сүҥкэн улахан демонстрациялары оҥорбуттара Эрилик Эристиин
9 туохтуур #
Кими, тугу эрэ кимиэхэ-туохха эмэ уларыт, кубулут
Нууччалыы Обращать, превращать в кого-что-л
Эйигин кулаак оҥорбоппут, - диэтэ сэбиэт бэрэссэдээтэлэ.
П. ОйуунускайАнюта барахсаны ньиэмэстэр туппуттар, кулут оҥоро Германияҕа кинини ыыттылар Т. Сметанин
10 туохтуур #
Ас бэлэмнээ, буһар
Нууччалыы Готовить, стряпать
Оҕоҕор күөрчэх оҥорон сиэт. Иэдьэгэй оҥор. Алаадьы оҥор
11 туохтуур #
Дии санаа, оннук буолуохтаах дии санаа
Нууччалыы Думать, полагать, считать
Өйгөр оҥорон көр, былааннаа
12 этии #
Дьыала оҥор - буруйу оҥоруу туһунан суругунан суукка биэр Ону биэрэ иликкинэ хаалбат да киһибин, дьыаланы дьыала оҥоро туруом. Саха фольк. [Көһөйөөн:] Эйиэхэ дьыала оҥорбуттарын иһиттиҥ ини? [Укулаанап:] Оҥорбуттар даа? В. Протодьяконов.
Нууччалыы Завести на кого-л. дело
Этиилэр
Илиилээх-атахтаах оҥорбот көр илии-атах
Киһи-хара оҥор көр киһи I
Манна диэн эттэххэ, Леся биһикки эйигин киһи оҥордубут ини. Софр. Данилов. Уолчааны туох баарынан көмөлөһөн, таҥыннаран, аһатан, киһи-хара оҥорон үлэҕэ ылбыттара. Н. Босиков. Оҥоруутун оҥор - кэһэт, моһуоратын көннөр.
Проучить, покарать кого-л.
Додор кулуба кыһыйан: "Итинник былас мындаалаах, кэтит таһаалаах киһи тоҕо кыайтарар. Үчүгэйдик оҥоруутун оҥорон, туттан биэр!" - диэбит. Саха фольк Нохоо, Уйбаанчык, тохтоо, барыма! Акка тэбистэриэҥ. Бэйикэй, оҥоруугун оҥоруом! Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
"Оксиэ! Арай манна билигин Манчаары түөкүн тиийэн кэллин даа, хайдах эрэ оҥоруутун оҥорон, кэлгийэр, тутар-хабар этибит", – диэбит. МНН
13 этии #
Нууччалыы Приготовить постель, постелить
Орон оҥор - ороҥҥо утуйарга анаан таҥас тэлгэт, бэлэмнээ этэн-ипсэтэн баран, киэһэ орон оҥорон биэрбэт дьахтар буолла. Саха фольк Саба түһэн сыгынньахтыыллар, Испииринэн оҕунуохтууллар, Сорохтор тоҥу кыһаллар, Сорохтор арыгы уулууллар, Сорохтор уот чугаһыгар Сылаас орону оҥороллор. С. Данилов Ср. тюрк. оҥар ‘исправить, улучшить, управляться’