Перевод с якутского
астаа
туохтуур
Нууччалыы готовить, приготовлять, стряпать еду
English to cook, to bake
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Туох эмэ аһы киһи сиир гына буһар
Нууччалыы Готовить, приготовлять, стряпать еду
“Чэ, оҕонньор, туох астааххыный? Киирэн астаа. Мин кэргэммин аҕаллым”, - диэн Бүөтүр хардарда. Эрилик Эристиин Оҕуруот аһыттан үгүс араас аһы астыахха сөп эбит. Софр. Данилов. Симон дьиэҕэ мас көтөҕөн киллэрэн быраҕыталыыр. Онно Үүйэ алаадьы астыыр Л. Попов
2 туохтуур #
Өлбүт сүөһүнү, кыылы тириитин сүлэн эттээ, хол-буут араар
Нууччалыы Свежевать и делить на части забитый скот, зверя
Дьэ, ийээ, мин Бөкө диэн сир тыатынан быһа түһэн истэхпинэ, тыаҕа икки киһи биир биэни өлөрөн астыы тураллар эбит. МНН. Маныаха [уокка] сыранан олорон эрэ, Чүөчээски куобаҕы астаан барда.
Суорун ОмоллоонЭэ, үүтээнтэн кэлэн, ити бууру астаан баран, налыччы суоллуохпут. Онуоха диэри сытыганнаатын. Р. Кулаковскай Эһэлэрин астаан, тыҥатын ылан Билиип бүлгүнүн бааһын саба баайбыттар. ЧМА СБ
Өссө холобурдар (2)
Түүтүн үргээ уонна иһин хостоо (көтөрү). Θ Ощипывать и потрошить (дичь). Миитэрэй өлөрбүт куһун астаата, күөскэ укта. Хатырыктаа уонна иһин хостоо (балыгы). Θ Чистить и потрошить (рыбу). Балыккын астаан баран, остуолга уураар
3 туохтуур #
Сэппэрээтэринэн үүттэн сүөгэйин араар
Нууччалыы Сепарировать молоко
Аны мин сэппэрээтэрбэр үүккүн астаама. Амма Аччыгыйа Дьиэ хоту өттүгэр сыста турар муосталаах улахан балаҕаҥҥа үүт астыыллар, сэппэрээтэр ырыата күннэтэ дьиэрэйэр М. Доҕордуурап
4 туохтуур #
Бурдук туораҕа куолаһыттан арахсар гына сыс
Нууччалыы Молотить, обмолачивать зерно
Ыт үрэр, Кэтириис бурдугун астыыр. Бүөтүр киирэр. А. Софронов Сайыныгар кыстык дьиэҕэ үүт кыынньараллар, бурдук астыыллар, тирии имитэллэр. Амма Аччыгыйа [Бурдугу] күһүн муус тоҥно да, аны туран, болооччунан сынньан астыаҥ турар дии. С. Федотов
Өссө холобурдар (1)
Маҥхааһай таһыгар бурдук астыыллар, Уйбаан эһиилги сонуогу хорутар С. Данилов
5 туохтуур #
Арыгыны үрүүмкэлэргэ кутуталаан, дьону күндүлээ
Нууччалыы Разливать вино по рюмкам и угощать людей
Доҕоор, Маппый, ити бытыылканы астаа эрэ. “Үөлээннээх, итини астаа, былыргы остолобуой арыгы. Эйиэхэ кэһиим”, - диэтэ кинээс албын куолаһынан М. Доҕордуурап
6 этии #
Нууччалыы Собирать плоды, ягоды дикорастущих растений
Сир астаа - тыаҕа, ойуурга үүнэр сир үүнээйилэрин отоннорун хомуй Онно оҕолоргун кытта сынньан, сир астаа, бултаа-алтаа. Далан Дьахталлар ынахтарын түөртүүтэ ыыллар, сүөһүгэ түптэ оҥороллор, таҥас абырахтыыллар, тар хаһааналлар, сир астыыллар. И. Аргунов