Перевод с якутского
бэлэмнээ
туохтуур
Нууччалыы делать готовым, готовить, приготовить для чего-л
English to cook, to prepare
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Туттарга, туһанарга сөп гына оҥор, бэлэм оҥор
Нууччалыы Делать готовым, готовить, приготовить для чего-л
Орунбаевтар кыһыл саллааттара _ _ сааларыгар ботуруоннарын симэн, гранаталарын төлүтэ тыытан ылар гына бэлэмнээн, атаакаҕа киирэллэрин билэн, бэлэм тураллар этэ. Эрилик Эристиин Икки инники барбыт ньиэмэстэр аттамааттарын бэлэмнээбитинэн эргиллэ түстүлэр. Т. Сметанин Бастаан сири бэлэмнээн, оттон ыһыытын үс-түөрт күнүнэн бүтэриэххэ сөп П. Егоров
2 туохтуур #
Аһы буһар, астаа; аһы остуолга тарт
Нууччалыы Готовить кушанье, накрывать стол
Кэргэн дьахтар чэй бэлэмнээн, чэй кутуталыыр. Бары чэйдииллэр.
Күндэ[Сибиэтэ:] Хата, ас диэбиккэ дылы, эн аһыаххын баҕараҕын дуо? Мин ас бэлэмниим эрэ. С. Ефремов - Утатан иэдэйдим, чэйдээххин дуо? - Чэй ханна барыай? Эн кэлэргин биттэнэн, сүөгэй үүттээх чэй бэлэмнээбитим М. Доҕордуурап
3 туохтуур #
Кими эмэ туохха эмэ үөрэтэн, эрчийэн, иитэн бэлэм оҥор
Нууччалыы Готовить, подготавливать, обучать кого-л. чему-л
Павел Попов баартыйа кэккэтигэр киириитин эн бэлэмнээ. М. Доҕордуурап “Оҕолору сэриилэһэргэ үөрэтиэххэ наада”, - Иван Николаевич бандьыыттар баар буолбут сурахтарын истиэҕиттэн саныы олорбут санаатын этэр. Н. Якутскай Мэҥэ улууһугар политсыылынай П. П. Подбельскай аспыт чааһынай оскуолатыгар кинилэри [Сокольниковтааҕы] уолаттар прогимназияларыгар киирэргэ бэлэмнээбитэ И. Федосеев
4 туохтуур #
Тугу эмэ хойут туттуом, туһаныам диэн эрдэттэн хаһаан, оҥор
Нууччалыы Заготовлять что-л. заранее
Дьөгүөрдээн саас [Охотскай таһаҕаһыттан] эргиллэн кэлэн, күһүҥҥэ диэри баайдарга оттуур, дьоннорун кыстыыр отторун-мастарын бэлэмниир эбит. Амма Аччыгыйа [Кэтириис:] Бачча чэгиэн оҕонньор өлөрүн бэлэмниир (хоруоп оҥостор) үһүгүн дуо? С. Ефремов "Дьэ, быйыл андылыыбыт эбээт. Хата, мин дурдаҕа сантыы маһа бэлэмнииһибин", - диэн Михаил Федосеев ойуур диэки хаамта М. Доҕордуурап