ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэлэм

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы готовый

English ready, prepared; ready

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

Нууччалыы готовый

English ready, prepared; ready

  • бэлэм буолуу
    готовностьreadiness

2 даҕааһын #

Тугу эмэ гынаары, тугунан эмэ туттаары гыммытыҥ бэйэтинэн баар (эн кыттыгаһа суох, атыттар оҥорбуттарынан, бэлэмнээбиттэринэн)

Нууччалыы Готовый, приготовленный для применения (другими, без затраты собственного труда, усилий). [Сүөдэр Хомуоһап] кэргэнин аһыытыгар сылдьан, бэлэм баайга кыһаммакка хааман баран, эһиилгитигэр эрэ дойдутугар тахсар

  • [Коля:] Тоҕо ынаҕыҥ эмиийин сууйбакка ыыгын? Эйиэхэ сылаас уу бэлэм. Соттор бэриллибитэ.
    С. Ефремов
  • Кини бэлэм автомобилы сатаан ыытарынан киэн туттар
    А. Федоров

3 аат тыл #

суолт. Тугу эмэ гынаары, тугунан эмэ туттаары гыммытыҥ бэйэтинэн баара (эн кыттыгаһа суох атыттар оҥорбуттара, бэлэмнээбиттэрэ)

Нууччалыы Что-л. готовое для применения

  • Биһиги бэлэми күүтэн аппайан олорор дьону буолбакка, актыыбынай үлэһит дьону иитиэхтээхпит. Софр. Данилов. [Бадин:] Табаарыс дьуһуурунай, батальону бойобуой бэлэмҥэ туруор.
    С. Ефремов
  • Уолбут бэлэмигэр, хайа муҥун, дьэ сынньалаҥнык олоруохпут
    И. Гоголев

4 этии #

Нууччалыы За словом в карман не полезет, острый на язык

  • Бэлэм айах (бэлэс) - кэпсэтиигэ, мөккүөргэ булугас өйдөөх, түргэн тыллаах Аһаҕас айах, бэлэм бэлэс (өс хоһ.). “Ким да манна бэлэмнээн турбатаҕа”, - диэн Аня, бэлэм айах, тылыгырыы түстэ.
    А. Сыромятникова
  • “Ол тоҕо?” - диир бэлэм айах балтым.
    Далан
  • Кини [Иван Данилович] бары кыһалҕабытын ыйыталаһан билбитэ, үксүн Ира, бэлэм бэлэс, этэн испитэ.
    П. Аввакумов
Өссө холобурдар (4)
  • Бэлэмҥэ мээтиргиир - тугу да гыммакка бэлэминэн туһанар. Θ Горазд только на чужое, на готовое. Үйэтигэр үлэни билбэккэ Бэлэмҥэ мээтиргиир бэдик, Симэлийэр ээ, дьолун булбакка, Сиик үрүмэччитин курдук.
    И. Эртюков
  • Судаарыстыба бэлэмигэр мээтиргээн бэйэмсэх буолбутун, тэрилтэ массыынатын бэйэтин массыынатын курдук талбытынан сүүрдэрин билиниэн баҕарбат. “Кыым”. Бэлэмҥэ эрэ бэрт - тугу эмэ оҥоруон сүрэҕэлдьиир, оттон ол оҥоһуллан, киһи туһанар буоллаҕына, бастаан кини туһана сатыыр. Θ Стремится пользоваться готовым, хотя самому было лень поработать. Ити кэннэ бэлэмҥэ эрэ бэрт буолуо.
    А. Софронов
  • Сири оҥорор диэни билбэттэр, бэлэмҥэ эрэ бэрт дууһалар...
    А. Федоров
  • Бэлэм сыарҕаҕа олорус кэпс. - кимниин эмэ сөбүлэһэн алын сыҥаах буол. Θ Поддакивать, соглашаться с кем-л., подпевать кому-л. Федор Афанасьевич араас бардамнааһынын, тойомсуйуутун холобурдаан үрдүгэр уот оттубуттар. Харитон Гоголев, куолутунан, бэлэм сыарҕаҕа олорсубут. Н. Босиков

«Б» буукуба