Перевод с якутского
оҥоһун
туохтуур
Нууччалыы думать; верить
English to think, to believe
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Нууччалыы думать; верить
English to think, to believe
итини кини үчүгэйим оҥостор быһыылаах ему, видно, это кажется хорошимapparently he thinks that's a good thing
2 туохтуур #
Тугу эмэ бэйэҕэр анаан оҥор
Нууччалыы Делать, готовить, изготавливать, сооружать что-л. (для себя)
Хамса оҥоһун. Сүгэ уга оҥоһун. Синньигэс талахтар үүнэн туралларыгар сүүрэн тиийэн, быһыта баттаан ылан, бөрөөн-сараан корзина курдугу оҥоһуннум.
Суорун ОмоллоонТоҥсоҕой кыыл тобулута тоҥсуйан Кумалаан оҥостубут С. Зверев
3 туохтуур #
Тугу эмэ оҥорорго, ханна эмэ барарга бэлэмнэн, тэрин, хомун
Нууччалыы Готовиться, снаряжаться, собираться
Оҥоһун, сотору барыахпыт. Охсуһарга оҥостон кэлбит киһи буоллаххына, бу мин аал уоппун, алаһа дьиэбин алдьатыма, тохтоо, болҕой! Саха фольк [Уйбаан:] Киирэн оҥоһун, барыахпыт. А. Софронов
Өссө холобурдар (1)
Сарсыныгар, барар буолан, Сааһыланна, оҥоһунна Күннүк Уурастыырап
4 туохтуур #
Бэйэҕин бэрээдэктэн, көннөрүн
Нууччалыы Приводить в порядок (себя), поправлять что-л. (на себе)
Уулуссанан -- иһэн: "Ваня, эн дьэ үчүгэйдик этэн хабырыттыҥ, Мэхээлэни улаханнык ыксаттыҥ", - диэн баран Маня тохтоон чулкутун оҥоһунна. Амма Аччыгыйа Кини күөмэйин оҥоһунна, ачыкытын көннөрүннэ уонна саҥаран кээҕинээн барда М. Попов
5 туохтуур #
Кими эмэ киминэн-тугунан эмэ аах; кими эмэ ким-туох эмэ дии санаа
Нууччалыы Считать кого-л. кем-чем-л.; принимать кого-л. за кого-что-л. [Михаил:] Мин үрүҥ бандьыыты убай оҥостубаппын
Таҥара оҥостубут тойотторбут тыыммытын салҕаан эрдэхтэрэ. М. Доҕордуурап Айылҕа сөҕүмэр күүһүн Ат оҥостон көлүнэбит Баал Хабырыыс
6 туохтуур #
Кими эмэ кимиэхэ-туохха уларыт, кубулут
Нууччалыы Обращать, превращать кого-л. в кого-что-л. в своих интересах
Үгүс дьону үүрэ сылдьан Үлэһит оҥостубут Идэмэрдээх баайы кытта Иирсэбин диэн Ийэ сир илгэтиттэн тэлэһийэргэ, Орто дойду дьолуттан мунарга уураахтанным ээ, доҕоччугуом. С. Зверев Кинилэр бары баай-тойот аймах кыра дьону кулут оҥостоллорун, баттыылларын утаран, мөккүһэн сыылкаҕа барбыттара М. Доҕордуурап