Перевод с якутского
буһар
туохтуур
Нууччалыы готовить; печь; кипятить
English (cooking) to cook, to bake, to boil
Ис хоһооно · 9
1 туохтуур #
Нууччалыы готовить; печь; кипятить
English (cooking) to cook, to bake, to boil
килиэби оһоххо буһар печь хлеб в печиto bake bread in the oven
2 туохтуур #
Аһы оргутан эбэтэр уокка сырайан, сииргэ бэлэм оҥор
Нууччалыы Варить, печь, испечь (еду)
Сиирим кэмнээх буолуо дуо? Дьэ, эрэ, хата, үчүгэй аҕайдык бөдөҥ собоҕуттан буһаран көр. Н. Неустроев Киэһэ маамалара Муся дьэдьэниттэн барыанньа буһарбыта.
Суорун ОмоллоонБурдугу кытаанах гына эллээн баран, булчуттар курдук, ньолбоҕор лэппиэскэ оҥорон, кэтит үтэһэҕэ үөллүбүт уонна кулуһун кытыытыгар сиргэ анньан буһардыбыт И. Данилов
3 туохтуур #
Уокка эбэтэр туох эмэ итиигэ сиэт
Нууччалыы Обвариться, обжечься
Хайа киһилии киһи, Харчынан атыылаһан, Уоту омурдан, куттаҕын буһарда буолуой? А. Софронов Уутугар түһэрээри сөмүйэтин буһаран, сүр түргэнник айаҕар батары биэрээт, тугу эрэ өйдөөбүт курдук, тура түстэ Амма Аччыгыйа
4 туохтуур #
Итиини, куйааһы биллэр, тиритиннэр
Нууччалыы Давать ощущать жару, вызывать пот. [Арыгы] Куйааска буһарар, Тымныыга тоҥорор, Сииккэ силбигитэр
Өксөкүлээх Өлөксөй
Өксөкүлээх Өлөксөй
5 туохтуур #
Үүнээйи (бурдук, отон о. д. а.) ситэн, хомуллар туруктаналларыгар көмөлөс (үксүгэр күн-дьыл туһунан)
Нууччалыы Благоприятствовать созреванию растений (хлеба, ягод и т. п.)
Атырдьах ыйын куйааһа Бурдугу, отону буһарда. Баал Хабырыыс “Отону ситэ буһараллара да биллибэт”, - эмээхсин ону бигэргэтэр Далан
6 туохтуур #
Тугу эмэ бары өттүнэн дириҥник, эҥсиилээхтик ситэрэн-хоторон толкуйдаа
Нууччалыы Обдумать что-л. со всех сторон, глубоко, полностью
Уйбаан оҕонньор чөмчөкөтүн иһигэр буһаран таһаарбыт былаана сүрдээх судургу буолла. Амма Аччыгыйа “Атын саҥа ыччат үөскээн эрдэххит”, - диэн санаата, өйө хотон буһарбат боппуруоһугар кэлэн иҥиннэ.
КүндэИти боппуоруос туһунан кэпсэтии буоллар эрэ Ким Степанович уларыйар, _ _ чэпчиир уонна иһигэр буһара сылдьар санаатын тоҕо тэбиир үгэстээх эбит. “ Кыым
7 туохтуур #
Сиэниллибит аһы эккэ-хааҥҥа иҥэр (киһи уонна харамайдар ас буһарар уорганнарын туһунан)
Нууччалыы Переработать и усвоить съеденную пищу (об органах пищеварения человека и животных)
Суох, улахан баһыыба! Мин куртаҕым итини кыайан буһарыа суоҕа. Амма Аччыгыйа Гидра этэ-сиинэ икки араҥа килиэккэлээх: - бүрүйэр, иһэ-аһы буһарар. ББЕ З
8 туохтуур #
Хара металы (тимири, ыстаалы) уулларан, уһааран ыл
Нууччалыы Получать черные металлы путем плавления
Сурукка: холкуостаах бу уолу Собуокка үлэҕэ ыыппыттар, Модороон болгуоттан ыстаалы Буһаран таһаарыҥ, - диэбиттэр Эллэй
9 туохтуур #
Эт-хаан өй-санаа өттүнэн ситэр-хотор, күүһүрт
Нууччалыы Закалять физически и морально
Киһиэхэ - төрөөбүт сирэ, дойдута Төрөппүт аҕаҕа холонор: Тоҥорон, буһаран, эрчийэн, Ньыгыл укулаат оҥорор. С. Данилов Мин күөх сирэммэр, Мин сыралаах күммэр Эйигин бурулута буһарбытым, Ыраас уубар бэттибэт бэйэлээн хатарбытым Н. Босиков