ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

оҥоһуу

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы самодельный

English handmade

Ис хоһооно · 8

1 даҕааһын #

Нууччалыы самодельный

English handmade

  • оҥоһуу тараах
    самодельный гребеньa handmade comb
I

2 аат тыл #

Туох эмэ тэрили, малы (судургуну) оҥоруу, оҥоһук

Нууччалыы Изделие. Онуоха эбии үнүргү буруйа... Кирилиэс оҥоһуута. Ааныс дэлэ көрдөстө, ааттаста этэ дуо? Н. Заболоцкай. [Иван Степанович] Мин бу оҕолор оҥоһууларын [хартыынаны, оһуору:] сүрдээх диэнник хайгыы олоробун. С. Ефремов

3 аат тыл #

Дьайыы, туох эмэ дьайыыны оҥоруу

Нууччалыы Действие, деяние, дело. [Өрүүсэ:] Миигин ырыа хоһооно гыммыттар... (саҥатыгар харан хаалар) -- Ити кулаактар оҥоһуулара

  • Мин били маннааҕы соххору баттаҕыттан соһон таһаарыам... Ити кини оҥоһуута
    Н. Якутскай
  • Оҥоһуу тиис. Оҥоһуу сибэкки.
  • Остуол ортотугар - оҥоһуу букет. Остуол тула олоппостор.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
  • Хаһан эрэ урут куосумаска көтүү, оҥоһуу белогу ылыы, уоспаны, сэллиги уо. д. а. эмтээһин абстрактнай эрэ кыахтар этилэр
    ДИМ

4 аат тыл #

Туох эмэ ис тутула, оҥоруута

Нууччалыы Структура, устройство (внутреннее)

  • Мумиялары оҥорор буоланнар, египтяннар киһи этин-хаанын ис оҥоһуутун үчүгэйдик билэллэрэ, оттон ол ыарыылары эмтииргэ көмөлөһөрө. КФП БАаДИ. Механическай ньымаҕа, кылаабынайынан, илии үлэтэ уонна боростуой механическай оҥоһуулар наада буолаллар
    КПЫ

5 даҕааһын #

суолт. Айылҕаҕа суох, киһи оҥорбута

Нууччалыы Искусственный (об изделии)

6 этии #

Оҥоһуу тыл - саҥа айыллыбыт эбэтэр араас омуктар тылларыттан үөскэтиллибит тыл

Нууччалыы Искусственное слово

II

7 аат тыл #

Дьылҕа, киһи дьылҕата (былыргы сахалар өйдөбүллэринэн, киһи кыайан уларыппат, халбаҥнаппат)

Нууччалыы Судьба, рок

  • Охтон биэрбэт оҥоһуубут Онтон бэттэх түстэммитэ, Олох иһин охсуһуубут Онтон өлбөт күүстэммитэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ол иһин одун оҥоһуута - Сууллубат суорба хайа; Ааһар күн-дьыл, устар да уу Тулхадыйбат дьолбун айар
    С. Данилов

8 этии #

Нууччалыы Судьба, рок; предопределение

  • Окко түспүт оҥоһуу, сиргэ түспүт сэрэбиэй - дьылҕа хайдах айыллыбытынан, төлкө хайдах түстэммитинэн (туох эрэ мүччүргэннээх суолу оҥороору туран эбэтэр инники туох буолуоҕа кыайан биллибэт буоллаҕына, итинник этэллэр) Окко түспүт оҥоһуум биллин, Сиргэ түспүт сэрэбиэйим биллин, Кэннибинэн эрэ кэхтиэм суоҕа, Иннибинэн эрэ чугуйуом суоҕа.
    П. Ойуунускай
  • Итинник эбээт, сэгэриэм, Окко түспүт оҥоһуу. Баал Хабырыыс

«О» буукуба