Перевод с якутского
тутул
аат тыл
Нууччалыы строение, внутренне устройство, структура чего-л
English system
1 аат тыл #
Туох эмэ туохтан хайдах холбонон-силбэнэн оҥоһуллубута, ис оҥоһуута
Нууччалыы Строение, внутренне устройство, структура чего-л
Айымньы уус-уран тутула. Тыл грамматическай тутула. Сир ньуурун, ону тэҥэ сир хаҕын тутулун көрдөрөргө уонна быһаарарга геологическай чинчийиини ыыталлар. САИ ССРС ФГ. [Леонардо да Винчи] көтөрдөр көтүүлэрин кэтээн көрөрө, киһи хараҕын тутулун үөрэтэрэ. АЕВ ОҮИ. Миэтирикэ – хоһоон тутулун быраабылаларын систиэмэтэ ВГМ НСПТ
2 аат тыл #
Уопсастыба, судаарыстыба хайдах тэриллиилээҕэ, тэриллиитин сүнньэ
Нууччалыы Система общественного, государственного устройства; строй общества
Ыраахтааҕы былааһын тутулун төрүт акылааттарын, баһылыктыыр кылаастар олохторун Л. Н. Толстой романыгар сытыытык кириитикэлээбитэ. Софр. Данилов. Биһиги Сахабыт сирэ бэйэтин тыатын хаһаайыстыбатын тутулунан туох-ханнык иннинэ сүөһү иитиитинэн дьарыктанар дойдунан көстөр ГМФ ССССС
3 этии #
Нууччалыы Особенность, специфика мышления
Этиилэр
Өй-санаа тутула
киһи бэйэтэ хайдах өйдүүрэ, атыттартан уратытык өйдөөһүнэ Эн математик буолан төрөөбүт киһигин, өйүҥ-санааҥ тутула оннук.
Н. Лугинов