ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

систиэмэ

аат тыл

Нууччалыы нечто целое, представляющее собой единство закономерно расположенных и действующих во взаимной связи частей, система

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэр-толорсор тус-туһунан элэмиэннэрдээх, чаастардаах биир кэлим оҥоһук, тэрил эбэтэр киһи-сүөһү биир функциялаах уорганнара

Нууччалыы Нечто целое, представляющее собой единство закономерно расположенных и действующих во взаимной связи частей, система

  • Ньиэрбинэй систиэмэ. Саха тылын кырамаатыкатын систиэмэтэ.
  • Кырдьыы - организм бары систиэмэлэригэр сайдар процесс. ЛОБ ОКУҮТ. Маҥнайгы кылааска үгүс тиэмэ саха тылын дорҕоонун систиэмэтин үөрэтиигэ ананар. КИИ ИКТТҮө. Икки мэндиэмэннээх саҥа оскуола ититэр систиэмэтин кини таҥмыта
    ХС

2 аат тыл #

Тугу эмэ тэрийии, оҥоруу эбэтэр үлэлэтии олохтоммут формата, быһыыта

Нууччалыы Форма организации чего-л

  • Быыбардыыр систиэмэ.
  • Оскуолаҕа үөрэх анал систиэмэтин быһыытынан ыытыллар. Дьиэ к. Өрөмүөн биригээдэ систиэмэтинэн ыытыллар. АВН КХАТО. Оччолорго хаартыска систиэмэтэ этэ
    ВВМ

3 аат тыл #

Уопсастыба олоҕун тутула

Нууччалыы Общественный строй, форма общественного устройства

  • Социалистическай систиэмэ. Капиталистическай систиэмэ

4 аат тыл #

Туох эмэ үгүһү бэйэ-бэйэлэрин кытта сааһылаан оннуларын булларыы утума

Нууччалыы Определённый порядок в расположении, классификации чего-л

  • Кэллиэксийэ систиэмэтэ.
  • Олус баай бибилэтиэкэ эбит, ол эрээри кини бэрээдэктэнэн ууруллубут систиэмэтин мин кыайан билбэтим. Э. Войнич (тылб.)

5 аат тыл #

Эми таммаҕынан түһэрэр тэрил

Нууччалыы Капельница. [Быраас] хас да ыарахан ыарыһахха систиэмэ туруоралларыгар соруйда

  • Уҥа илиибэр систиэмэ турара. Сырдык таммахтар -- ньолбуһах таас өстүөкүлэ иһиттэн биир тэҥник таммалыы тураллара
    В. Иванов

«С» буукуба