ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

утум

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы унаследование какого-л. свойства, качества от предшествующих поколений

English heredity

1 аат тыл #

Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллии (хол., киһи үчүгэй, куһаҕан хаачыстыбата, хараахтара)

Нууччалыы Унаследование какого-л. свойства, качества от предшествующих поколений

  • Оокко Бухатыыр былыргы бухатыыр утум ханнык эрэ ситимэ сөп түбэһэн үөскээбит киһи буолуохтаах. Бухатыыр эмиэ ханнык эрэ үйэҕэ хатыланыахтаах буоллаҕа дии.
    ХС
  • Биһиги утуммутугар үчүгэй баҕайытык үлэ-хамнас ортотугар сылдьан эрэн эмискэ өлөн хаалар үгэстээхтэр үһү.
    В. Иванов
  • Бу бөһүөлэккэ, маҥан тураах кэриэтэ, кини ынаҕа суос-соҕотох ыраас хааннаах саха боруодата. Тойонун аах ынахтарын утума этэ. "Чолбон". Билиҥҥи дьиҥнээх саха эмчиттэринэн бу дьонтон [ойууннартан, отоһуттартан] утум ылбыт, кинилэртэн уһуйуллубут эрэ дьону ааттыахха сөп
    В. Кондаков

2 аат тыл #

Туох эмэ салҕанан барар ситимэ, салҕаныыта

Нууччалыы Последовательная смена, переход чего-л. от одного к другому, преемство

  • Саха омук быһыытынан уратытын, үгэстэрин, култууратын энчирэппэккэ бүтүн тутан хааларын ситиһэр санаа утума хаһан да быстыа суохтаах. "Күрүлгэн". Араас норуоттар кымыһы тус-туспа ньыманан оҥороллор, онон кымыстарын састааба эмиэ ураты буолара. Ол гынан баран, кымыс оҥоруу утума барыларыгар биир буолар. ААФ КС. Ол эрээри, саас эрдэлээн да, хойутаан да кэллин, үүнээйилэр сайдыыларын утума кэһиллибэт. МНА ФГ. Инньэ гынан утум, тыыннаах үгэстэр умнуллубат кыахтаммыттара
    К
  • Кинилэр утум уус дьон. ù Утум маннык дьон буоллахтара. ПЭК СЯЯ. - Ити иирээки эмээхсин, утум иирээки этилэр, эрэ иирэн өлбүтэ, - диэн Сортуохап өрүһүспүт курдук
    А. Сыромятникова

3 даҕааһын #

суолт. Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр

Нууччалыы Потомственный, наследственный

«У» буукуба