ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

удьуор

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы человек по отношению к своим предкам, потомок

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

Кимтэн эмэ төрүттээх киһи, ким эмэ хаһыс эмэ көлүөнэтэ

Нууччалыы Человек по отношению к своим предкам, потомок

  • Кыра ханнык эмэ балыгы хаптардаҕына ийэтигэр мииннээн иһэрдэллэрэ. "Оҕом сыыһа, эр киһи удьуора холлуо дуо, бултаан аһатан үтүөрэн эрэбин", – диирэ Зинаида Антоновна. Айталын. Николай Калитин, булчут удьуора буолан, Эркээйини ордук ытыктыыр.
    Н. Калитин
  • Былыргы өбүгэлэр бүгүҥҥү удьуордара нус-хас, туох да кыһалҕаны билбэккэ олороллоругар кини көмөлөһүөхтээх
    Чолбон
  • Сүөһү, кыыл ыччата, төрүөҕэ. Θ Потомок, потомство какого-л. животного или скота. Ууһатыыга да төрөл сүөһү удьуора үүттээх-астаах буолар. ВМП УСС. "Ити Мэгэдьэккэ былыр-былыргыттан ууһаабыт боруода сылгылар удьуордара", – диэтэ Дьөгүөссэ.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Үчүгэй үүттээх, эттээх сүөһүлэр удьуордарын элбэтиигэ утумнаах үлэ барбат
    Кыым

2 аат тыл #

Биир аймах, биир ийэ, аҕа ууһа дьон

Нууччалыы Ряд поколений, происходящих от одного предка, род

  • Дойдуларыгар тыаҕа Даайалаах удьуордара мас көнөлөрүнэн сураҕыраллара. Софр. Данилов. Кинилэр төрдүлэринэн, кырдьык даҕаны, нуучча дьонноро – Өлүөнэ дьаамсыктарын удьуордара.
    Н. Габышев
  • Биһиги киһибит, уол оҕону төрөтөн хаалларан, удьуорбутун уһатар, туйахпытын хататтарар буолбут диэн бөҕө санаалаахпыт
    ХС
  • Аҕатын аймахтара удьуор улахан үөрэхтээх, үлэһит дьон.
    А. Фёдоров
Өссө холобурдар (1)
  • Бостууктартан уонна биригэдьиирдэртэн үгүстэрэ удьуор табаһыттар
    ПСБ ГБУ

3 аат тыл #

Ким эмэ төрдө, өбүгэтэ

Нууччалыы Древний предшественник по роду, а также соотечественник из прежних поколений, предок

  • Эмээхсин мөһөөччүккэ суухара өйүөлээн баран, уолга эппит: "Дьэ, тукаам, эн удьуордарыҥ бары бухатыыр дьон этилэр".
    Саха фольк
  • Улуу булчут удьуордарым Туйахтарын хатардаҕым.
    В. Гольдеров
  • Удьуорбут илдьитин, алгыһын мин эдэр дьоҥҥо тиэртэрбин.
    ГПП ТО

4 аат тыл #

Тыынар тыыннаах айылҕа биэрбит майгыннаһар уратылара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһиитэ, утумнааһын

Нууччалыы Наследственность

  • Арыгы төрөтөр оҕоҕо, удьуорга охсуулаах буоларын ийэ билиэхтээх. ДьИэБ. Ынах үүтү биэриитэ кини аһылыгыттан уонна удьуоруттан, ону тэҥэ үүттүтүүттэн буоларын кэлин сылларга ордук чуолкайдык билсэн иһэбин
    Кыым

5 даҕааһын #

суолт. Өбүгэлэртэн бэриллэр төрүт

Нууччалыы Переходящий по наследству от потомства к потомству, потомственный

6 этии #

Нууччалыы Человек, унаследовавший от предков какое-л. выдающееся качество

  • Удьуор харалы, эргэр. – 1) төрүттэриттэн уһулуччу үтүө өрүттэрин баппыт киһи "Мин даҕаны төрүт удьуор харалы киһи этим!" – инньэ диирин кытта бэрт сүрдээх кынат тыаһа куугунаан түстэ.
    Саха фольк
  • Олорор диэни билбэттэр Удьуор харалы булчуттар, Мэхээнньиктэр, сүөсүһүттэр – Билигин бары отчуттар. М. Хара; 2) хаан уруу буолбатах, ол гынан баран, уруурҕаһар, өйөнсөр дьон. Θ Родственники через посредство своих родственников или те, у которых сложились тёплые родственные отношения. Аана биһикки удьуор харалы, умсуор силик буолан бодоруспуппут быданнаата

«У» буукуба