ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

урдус

аат тыл

Нууччалыы потомство, потомок

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

, эргэр

  • Оо! Удьуор киһи урдуһа, төрүт киһи төрүөҕэ, ытык киһи ыччата барахсан эбиккин. ПЭК ОНЛЯ III. [Дуолан Хара:] Баҕар, ол устан кэлбит ураты биистэр били Мартыын диэн чулуу Боотур урдустара буолаайаллар.
    И. Гоголев
  • Ханна тиийэн улуу дойду урдустарыттан боҕуттан уһун уҥуоҕа урусхал, кылгас уҥуоҕа кыдьымах буолуоҕун ким билиэй?
    Далан

2 аат тыл #

Ким эмэ ыччата

Нууччалыы Потомство, потомок

3 аат тыл #

сөбүлээб. Оттомо, харса-хабыра суох майгылаах киһи (дьон) (үксүгэр эр киһини этэргэ)

Нууччалыы Идущий на любой риск, дерзкий, бойкий человек (обычно о мужчине)

  • Бэрт сытыы-хотуу, сырыыны да сылдьыах, кэпсэтиини даҕаны кэпсэтиэх урдус быһыылааҕа.
    Далан
  • Бэрдимсийбит, тылларын кыана туттубат урдустары уҥа-хаҥас бурайталыа, үлэҕэ ылларбыт дьүөгэтин кытта үтэйиэҕэ.
    У. Ойуур
  • Оттон манна үбү-аһы, уһун солкуобайы эккирэтэн кэлбит сорох урдустар тулуйбатахтара, бэрт кылгастык олоро түһээт, суолларын көннөрбүттэрэ
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • булугас өйдөөх, киитэрэй (хол., кыыл). Θ Умный, хитрый (напр., о звери). Тыа кыыла тыатыгар сылдьаахтаатаҕа эбээт, хапкааҥҥа дэбигис үктээн биэриэ суох урдус сылдьар ээ, быһыыта
    Н. Борисов

4 аат тыл #

үөхс. Төннүбүт төрүөх, ыама

Нууччалыы Отродье, выродок

  • Кырдьыкка кыһаммат, Эйэни сэҥээрбэт, Иирээҥҥэ бэһирэр Баай-илбис аймаҕа, Ороспуой урдустар Уотунан тыыналлар.
    С. Зверев
  • Биһиэхэ уоран саба түспүт Гитлер урдустара бэйэлэрин баһылыктарын ыйааҕын лоп-бааччы толорорго кыһаммыттара.
    Н. Кондаков
  • Кыбар-таһар Кыыбаҕалаах кыыллар, Алдьатар-уорар адьынаттаах урдустар – Уруккуттан уоруйахтар, Төрүкүттэн түөкүттэр
    ДьТ

5 этии #

Нууччалыы Инородное племя, иноземцы

Этиилэр

Туора урдустар

олохтоох буолбатах, кэлии дьон, кэлии биистэр Кэлии туора урдустар тоҕо бороҥ дьүһүннээхтэрий, хааннара хара өһөх.

  • Мин санаабар, сибилигин туора урдустарга өлбүгэ төлөбүрүн саҥалыы түһэриэххэ.
    В. Протодьяконов
  • Кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, кыргыс үйэтин кэмигэр Танда аҕатын ууһун дьоно туора урдустары кыайбыттар. Багдарыын Сүлбэ

«У» буукуба