ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

урсун

аат тыл

Нууччалыы неясное, нечёткое очертание, силуэт чего-л., видимого издалека

1 аат тыл #

Туох эмэ ыраахтан нэлэһийэн, көстөр-көстүбэт, туманныран көстүүтэ

Нууччалыы Неясное, нечёткое очертание, силуэт чего-л., видимого издалека

  • Сайыҥҥы күн сардаҥара тахсарын алын кырыытын диэки баран истэххэ, күөх унаар түптэ урсуна көстүөҕэ. ПЭК ОНЛЯ V. Эбэ урсуна барыта кини хараҕар туманныран көһүннэ.
    И. Гоголев
  • Үүйэ күөл кытыытыгар мыраан күдэримтийэр күөх урсунун одуулаан олороро
    Л. Попов

2 аат тыл #

Туох эмэ көнө, дэхси уонна киэҥ ньуура (хол., өрүс, сыһыы, халлаан)

Нууччалыы Широкая гладкая поверхность, гладь (напр., реки, обширной равнины, неба)

  • Оо, үчүгэйиэн, бу күп-күндэлэс, күп-күлүмнэс күн күлүмүнэн оонньуур үрүмэ долгуннаах унаарар урсун.
    М. Ефимов
  • Билигин саас саамай үчүгэй кэмэ – сир-дойду ситэн-силигилээн, күөх унаар урсуҥҥа сууланан, уста-долгуйа турар.
    А. Бэрияк
  • Күн үөһэ ойон турара, халлаан урсуна харах ыларын тухары ыраас этэ
    Н. Абыйчанин
Өссө холобурдар (1)
  • Туох эмэ тас ньуура. Θ Верхний слой чего-л. Дьэбидийбит тимирдэри, хахтары, таастарга олорон хаалбыт араас урсуну эмиэ сирийэн үөрэтиэхтээх. ДНА СХБКК. Сирийэн көрө түстэххинэ, сүүһүн урсуна хайдах эрэ дьиҥнээх сырдыгынан сыдьаайар курдугун бэлиэтии көрөҕүн
    ЛТК

3 этии #

Нууччалыы Пропадать бесследно, тайком

Этиилэр

Урсуна биллибэккэ барда

туох да суолу-ииһи, сибикини хаалларбакка, биллибэтинэн барда Киһилэрэ хайа сах урсуна биллибэккэ баран хаалбыт

«У» буукуба