ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

омоон

аат тыл

Нууччалыы слабое очертание предмета, нечёткий силуэт

аат тыл

Туох эмэ сүтэн, оһон нэһиилэ көстөрө, барыла, торума, сүтэн эрэр бэлиэтэ (күн-дьыл ааһан сүтэн эрэринэн эбэтэр хараҥаттан)

Нууччалыы Слабое очертание предмета, нечёткий силуэт

  • Сэрии бэлиэтэ буоланнар, Сир сылайбыт түөһүгэр Оһон эрэр окуопалар Омоонноро көстөллөр.
    И. Эртюков
  • Барык-сарык буолан, Надя төгүрүк, маҥан сирэйин омоонун эрэ көрөбүн.
    С. Никифоров
  • Уу баһар, оонньуур ыллыктарым Омооннуун сүппүттэр. От-мас бүөлээн, сылдьар ыырым Кыараабытын кэриэтэ.
    Баал Хабырыыс
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. тув. сома ‘общий вид чего-л.; неразборчивый’

«О» буукуба