Перевод с якутского
ньух-ньах
даҕааһын, сыһыат
Нууччалыы неудовлетворительный, бесполезный; невыразительный, скучный
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
Киһини астыннарбат, туһата суох; сыппах (хол., тугу-эмэ дьүүллэһии)
Нууччалыы Неудовлетворительный, бесполезный; невыразительный, скучный (напр., обсуждение чего-л.)
Тугу даҕаны эппэт, Туһалааҕы кэпсэппэт, Тииһэ-уоһа мэлийбит, Тиэстэ курдук тэнийбит Ньух-ньах мунньахха Нуктуу түһэ барыахха. С. Тимофеев Биһиги прозабыт күннээҕи олох чахчыларын эрэдьиэстээһин, наһаа ньух-ньах суруйуу буолар ХС
2 даҕааһын #
Саараҥ, муҥутах; сымнаҕас (хол., салайааччы)
Нууччалыы Нерешительный, непоследовательный, лишённый твёрдости (напр., руководитель)
Арай итиннэ атын ньух-ньах салайааччы буоллун, дьэ ытаан-соҥоон, иэйэн-туойан төһө бириэмэнэн оҥортороро дуу, оҥорторбото дуу биллибэт ээ В. Яковлев П. Аввакумов П. Аввакумов
3 сыһыат #
суолт. Киһини астыннарбат гына, мөлтөхтүк (хол., тылла эт)
Нууччалыы Неудовлетворительно, невыразительно, бледно (напр., выступить с речью). [Суруйан] муҥнанан-муҥнанан баран ааҕан көрдөҕүнэ, таҥаһы ыстаабыт курдук ньух-ньах буолан астыннарбат этиилэр тахсан хаалааччылар
4 этии #
Ньух-ньах (курдук) - мөлтөх, астыга, уота-күөһэ суох (хол., тугу эмэ дьүүллэһии) Ити сэниэтэ суох ньух-ньах курдук дьүүллэһиини истэ-истэ ыстатыйабын редколлегия дьүүлүгэр бостуой да киллэртэрдим дуу диэн мунаахсыйа быһыытыйда. Софр. Данилов
Нууччалыы Слабое, неяркое, тусклое, без огня (напр., обсуждение чего-л.)