Перевод с якутского
барык
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы непроглядная тьма
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Туох да көстүбэт хараҥата
Нууччалыы Непроглядная тьма
Дьадаҥы саха эрэйдээх мас балаҕана барыкка баттатан -- өрүтэ тыыммахтаан тыын киллэриннэҕинэ, бугул саҕа кутаа уот өрүтэ саҕыллан тахсан, дьиэ үрдүн хаарын сырдаппахтаан ылар.
П. ОйуунускайТүүҥҥү барык кыракый хуторы саба бүрүйдэ. Н. Якутскай Түүҥҥү барык түһүүтэ, Түмсэн, тойук туойабыт Күннүк Уурастыырап
2 аат тыл #
Ким, туох эмэ чуолкайа суох барыла, омооно, күлүгэ
Нууччалыы Нечеткий силуэт, смутное очертание кого-чего-л
Василий кырабаат кытыытыгар олорор эр киһи барыгын көрбүтэ. Г. Николаева Палуба үрдүгэр үс хара дьон барыктара -- үөһэттэн таҥнары өҥөйөн турбуттара. М. Горькай (тылб.) Барык хараҥаҕа кини ханнык эрэ сыыры өрө дабайан иһэн өйдөөбүтэ, аарыма кырдьаҕас тииттэрдээх халдьаайы эбит. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
Куораты аҕыйах сулустаах ытарҕа ыйдаах барык халлаан саппыт. Н. Габышев Уйгуурбат уу чуумпу хоонньугар Дьокуускай утуктуу бигэнэр, Барык түүн суорҕаннаан үллүйэр Күннүк Уурастыырап
3 даҕааһын #
суолт. Хараҥа, борук-сорук
Нууччалыы Охваченный сумраком, сумрачный, полумрачный
4 этии #
Нууччалыы Глубокая непроглядная тьма
Им (түлэй, хара) барык - туох да көстүбэт хараҥата Түүҥҥү күһүҥҥү түлүккэ Кыым да кылайбат, им барык. Эллэй. Түүҥҥү түннүк нөҥүө, ол Түлэй барык хараҥа, түөспэр түһэн дьоллообут Эн суһуоххун санатар. Д. Апросимов Хара барык түүнтэн босхоломмут Халлаан курустаал урса дьиримниир. А. Абаҕыыныскай