ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иэрэҥ

даҕааһын

Нууччалыы шаткий; нечеткий, неопределенный, неконкретный

1 даҕааһын #

Саарбах, халбаҥ, эндир; чуолкай быһаарыыта суох; хайдах баҕарар буолуох курдук

Нууччалыы Шаткий; нечеткий, неопределенный, неконкретный

  • Эн иирээннээх, иэрэҥ олоххун кытары Мин бэйэм олохпун холбуурга сананным.
    П. Ойуунускай
  • Мин оҕобун олох байҕалыгар Соҕотохтуу утааран бараммын, Турабын үс аартык арахсыытыгар иэрэҥ санааҕа ыга ылларан.
    С. Данилов
  • "Сөбүн сөп эрээрилэр, Тута кыалла охсубуттар," – Табахтаан ыла саараатыгар Сорох иэрэҥ биригэдьиирдэр. Нахов уоскута сигэнэр Үлэһит илии тиийбэтигэр
    Р. Баҕатаайыскай

2 этии #

Нууччалыы Едва моросящий; непостоянный, преривыстый дождь

Этиилэр

Иэрэҥ ардах (самыыр)

түһэр-түспэт икки ардынан ардах; тохтуу-тохтуу түһэр ардах Этиҥ бүтэҥитик этэр буоллаҕына, иэрэҥ самыыр, оттон лаһыгыраан эттэҕинэ дохсун ардах түһүөхтээх.

  • ДьСИи

«И» буукуба