ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иэрэгэй

аат тыл

Нууччалыы веретено

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

, эргэр

  • Фабрикаҕа бары таҥас өрөр иэрэгэйдэр үлэлииллэрэ. Ю. Чернов (тылб.)

2 аат тыл #

Уһун быаны, ситиини хатар тэрил

Нууччалыы Веретено

3 аат тыл #

Тимири үүттүүр сэп

Нууччалыы Разновидность якутской дрели (стержень дрели со вставным сверлом приводится в движение закручиванием и раскручиванием веревочки, продетой через отверстие в верхнем конце стержня и прикрепленной двумя концами к горизонтальной палочке)

  • Былыр көмүстэн киэргэли оҥорооччулар иэрэгэйинэн туһаналлара

4 аат тыл #

Остуолга ытыйан холоруктатар оонньуур

Нууччалыы Игрушка в виде кружка на вращающейся вертикальной оси; волчок

  • Ыт үрдэ. Киис ииримтийэ кыыһыра түстэ, куотар сир көрдөөн иэрэгэй курдук дьүүлэ-дьаабыта көстүбэккэ ытыллар.
    ХС
  • Кини санаата иэрэгэй курдук ытыллар.
    В. Протодьяконов
  • Оргул кэтэҕэр хаар күдэригин ортотугар сүүнэ улахан киһи иэрэгэй курдук холоруктуу ытылла турара.
    Н. Абыйчанин
Өссө холобурдар (1)
  • [Куралай кустук] иэрэгэй курдук ытыллан, иннигэр-кэннигэр хаан өстөөхтөрүн эмэх күрүөлүү сиҥнэртээн, тэлэкэлээн истэ
    Д. Апросимов

5 аат тыл #

Быһаарыыта суох иэрэҥнээһин, саараҥнааһын

Нууччалыы Необоснованное сомнение, нерешительность, колебание, боязнь продешеветь

6 аат тыл #

түөлбэ. Мээчиктии эриллибит сап. СГФ СКТ

Нууччалыы Смотанные шариком нитки; клубок

«И» буукуба