Перевод с якутского
барый
туохтуур
Нууччалыы в сумерках выделяться большим темным силуэтом, большой тенью
1 туохтуур #
Борук-сорукка улаатан, үрдээн, күлүк курдук буолан көһүн
Нууччалыы В сумерках выделяться большим темным силуэтом, большой тенью
Оһох чанчыгар, борук-сорукка, Маайыс барыйан олорор. Амма Аччыгыйа Хараҥа түүҥҥэ барыйан олорор дьиэ үөлэһиттэн оргул кыым өрө хоройон, харыйалар лабааларын үдүк-бадык сырдатан ылар. А. Федоров Арай үрдүк күүлэ хабыс-хараҥанан субу утары көрөн барыйан турар эбит Н. Заболоцкай
2 туохтуур #
Туох эмэ оҥкулун, торумун оҥор
Нууччалыы Сделать в общих чертах предварительный план, набросок чего-л
Маҥнай санааны толору, киһи өйдүүр гына барыйан суруйуохха наада, дьэ ол кэнниттэн бу барыйыыны улам-улам тупсаран иһиэххэ сөп.
П. Ойуунускай[Чүөчээски] үрэхтэрин, сиэттэрин хаарта оҥорон барыйан баран, соҕуруута, хотута ханан баарын быһаарарга соруммута
Суорун ОмоллоонТуох эмэ хайдах, төһө буолуохтааҕын сабаҕалаа, оннук буолуо дии санаа. Θ Сделать предположение, допускать возможность чего-л. Үргүүк үрүҥ сүүрүгүн бачча буолуо диэн барыйан көрбөтөҕө үһү.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
Туундара көһүнэн-биэрэстэнэн кэмнэммэт, күннүктээх айанынан барыйыллар баҕайыта. “ ХС
3 туохтуур #
Кырдьа, сааһыра быһыытый, сорсуй
Нууччалыы Начинать стареть, стариться, дряхлеть
Барыйан бардым. Эн эрдэ барыйбыккын ПЭК СЯЯ