Перевод с якутского
барыар
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы постепенно темнеть, смеркаться, становиться темным
1 туохтуур #
Сыыйа хараҥаран, борук-сорук буолан бар
Нууччалыы Постепенно темнеть, смеркаться, становиться темным
Киэһэ буолла, халлаан барыарда, арҕаа эҥээргэ сырдык им саһарҕата тунаарыйан көстөр. Амма Аччыгыйа Дьиэ таһа барыаран эрэрэ, Киэһээҥҥи хахсаат тыал түспүтэ. Күннүк Уурастыырап Им барыара быһыытыйда, дэриэбинэ ол-бу өттүлэригэр уоттаах түннүктэр чоҕулустулар. Софр Данилов
2 туохтуур #
Борук-сорукка барбах көстөр курдук, күлүгүрэн көһүн
Нууччалыы В сумерках едва выделяться темным силуэтом
Туруорбах балаҕан ааныгар Огдооччуйа эмээхсин тахсан барыаран туран, Маайалаах Сүөдэри кыраан хардьыгыныыр. Н. Якутскай Модьу тимирдэринэн кириэс-мараас саайыллыбыт түннүктэр барыаран, хаайыы иһэ боруҥуй буолан барда. Эрилик Эристиин Үөһээ үрдүк кырдалга мас таҥара дьиэтэ барыаран көстөр П. Филиппов
3 аат тыл #
суолт. Сырдык хараҥа былдьаһыыта, борук-сорук
Нууччалыы Сумерки. Күһүҥҥү хараҥа биллибэтинэн үөмэн кэлбитэ. Маҥнай барыарга дылыта, онтон ытыс таһынар ыас хараҥа бүрүүкээбитэ. И. Федосеев. Маҥан Тумул үрдүгэр киэһээҥҥи барыарга кылбайан көстөр, үс кырыылыы суоруллубут остуолба турбута. Күннүк Уурастыырап. [Максим] санаатыгар ойуур иһэ киэһээҥҥи күөх барыарга сууланан, хараҥа хойдон иһэргэ дылы буолла. “ХС”