Перевод с якутского
лүҥкүр
туохтуур, даҕааһын
Нууччалыы темнеть, становиться темным; мрачнеть, сплошь затягиваться облаками
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Тугунан эмэ бүрүллэн, хаххаланан бүтэй хараҥа буол, хараҥаран хаал
Нууччалыы Темнеть, становиться темным; мрачнеть, сплошь затягиваться облаками (о небе)
Бүгүн сарсыардаттан самыыр тохтоон, халлаан бүтэйдии лүҥкүрэн турар. И. Сосин [Тыалара] бараныахтааҕар улам лүҥкүрэн, уорастыйан, маһа бөдөҥөөн иһэр. ББ Кулууппут иһэ күн күөрэйэ ойдоҕун аайы ордук лүҥкүрэн истэ С. Федотов
2 туохтуур #
Күлүгүрэн, харааран көһүн
Нууччалыы Предстать перед глазами мрачной тенью (о предметах, природе)
Кыра ыллык суол үрдүнэн сыгынньах, суорба таас хайа лүҥкүрэн турара. КНО. Билигин Зырянка бөһүөлэгэ турар сиригэр түҥ ойуур лүҥкүрэрэ. "Кыым". Күһүҥҥү киэһэ түргэнник хараҥаран, хос иһинээҕи туох барыта боруоран, лүҥкүрэн көһүннэ. А. Куприн (тылб.)
3 туохтуур #
Чуумпуран, иһийэн чуҥкук дьүһүннэн, чуумпу, чуҥкук көстүүлээх буол
Нууччалыы Застыв в тишине, приобрести мрачный, угрюмый, пугающий вид (напр., о природе)
Киһи уҥуохтаах лүҥкүрбүт томтордор анныларынан аттаахтар да, сатыылар да эттэрэ тарда-тарда ааһаллар. И. Гоголев Уу чуумпу лүҥкүрэн, иһиллээбит курдук буолбут. Дьүөгэ Ааныстыырап. Тыыны хаайыах курдук бүтэй сылаас ыга баттаан лүҥкүрбүт. Р. Кулаковскай Москва чаҕылыйа сырдаан тоҕо үчүгэйэй! Били биһиги -- 1942 сыллаахха кэлэрбитигэр дьиппиэрэ лүҥкүрэн турарын өйдөөн кэллим. КИ
4 туохтуур #
Олох үөһүгэр киирбэккэ, кыттыбакка, түҥкэтэхтик олор
Нууччалыы Находиться, пребывать в забвении, жить замкнуто
Оттон ыраах, түҥкэтэх лүҥкүрэн турбут Саха сиригэр ол сирэйэ-хараҕа суох баттал-атаҕастабыл уон оччонон диэлийэрэ А. Данилов
5 туохтуур #
Саҥата-иҥэтэ суох буола сабыһын, сабыстыбыт дьүһүннэн
Нууччалыы Иметь мрачный, удрученный вид; мрачно, удрученно молчать
Сылгыһыт Сүөдэр эрэ ууну омурдубут курдук лүҥкүрэн олорор. Н. Якутскай Настарыанньа маҥнай лүҥкүрэн баран кэлин син дьайҕарда.
Н. ЛугиновАрыт ыарахан тирии баһымыкылаах лүҥкүрбүт -- хаайыылаахтар киирэллэрэ. М. Горькай (тылб.)
6 даҕааһын #
, кэпс. Сырдык аанньа тыкпат, олус күлүк, хараҥа, чуумпу (хол., тыа)
Нууччалыы Мало доступный свету, темный, тенистый, мрачный, угрюмый (напр., лес)
Иһиллээбиттии иһийэн турар лүҥкүр хара тыа кэтэҕэр түтүүк кэҕэлэр саҥалара иһиллитэлээн ылаттыыр. Р. Кулаковскай Лүҥкүр тайҕа быыһыгар Үөрэх кыһатын туттарбыт Сырдык дууһалаах норуот уолун Оҕо саастан истэн-билэн Умнуллубаттык өйдүүбүн А. Старостин Сырдыгы наһаа күлүктүүр, хараҥа (хол., былыт). Θ Непроницаемо плотный, темный (напр., облако). Лүҥкүр хара былыт күнү саппыт, субу ардыах курдук дьүһүннэммит Н. Якутскай