Перевод с якутского
суодуй
туохтуур
Нууччалыы глубоко, плотно уйти в землю; падать сверху; низвергаться. [Баһылай кылаатын көмө-көмө:] Чэ, биэбэйим сыыһа, манна буору кытта буор буолан суодуй, хара харахтаах көрбөтүн, хаптаҕай кулгаахтаах истибэтин!
1 туохтуур #
Чиҥээн, дьиппинийэн аллара түс; үөһэттэн аллара саалын
Нууччалыы Глубоко, плотно уйти в землю; падать сверху; низвергаться. [Баһылай кылаатын көмө-көмө:] Чэ, биэбэйим сыыһа, манна буору кытта буор буолан суодуй, хара харахтаах көрбөтүн, хаптаҕай кулгаахтаах истибэтин!
[Абааһы уола] таҥнары суодуйан, элиэтээн түһэн кэллэ да, Хапхаас ыраахтааҕытын дыбарыаһын иһигэр сиик буолан симэлийдэ, көстүбэт буолан сөрүөһүннэ.
Өксөкүлээх ӨлөксөйБырааттаах уолум барахсаттары уу ньирэйдэриттэн чаллах баай тиит курдук муҥутуу үүннэрбитим кэннэ ыраас ытык халлаантан сотуун-илбис этиҥэ тоҕо суодуйан үнтү барчалаабытын курдук суох буолбуттара! ХС
2 туохтуур #
Барыаран, дьиппиэрэ күлүгүрэн көһүн
Нууччалыы Выделяться своим мрачным видом, вырисовываться мрачной тенью
Киирэн эрэр күн саһарҕатыгар кыһайа ампаар ордук харааран, суодуйан көстөр. И. Гоголев Бу хайа туох да бэйэлээххэ доргуйуо суох курдук суодуйан багдайбыт. П. Аввакумов Уот сиэбит куруҥун ортотугар Соҕотоҕун суодуйан турар Хара муҥурааты көрөөччүҥ дуо? ХС
3 туохтуур #
Суостаах, тыйыс дьүһүннэн
Нууччалыы Иметь грозный, свирепый вид. [Бухатыыр] хааннаах хара батаһын таҥнары тайахтанан туран, таҥнары суодуйан иҥиэттэ-иҥиэттэ, саҥа саҥарда
Ньургун Боотур. Суодуйар Шива диэн таҥара, Дьүһүнэ ыар киппэ, сымара. И. Гоголев "Кини хайдах да суоһурдун, суодуйдун. Бэйи, аны утарсыам эбээт", – диэн Маппыр иһигэр саныыр. Л. Попов Ср. ДТС йоход ‘исчезать, погибать’