Перевод с якутского
кылбаар
туохтуур, даҕааһын
Нууччалыы бросаться в глаза ясностью и чистотой, яркостью и красотой
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
, поэт
Хараҥа арыллан, дьэҥкэрэн Халлааммыт кылбаара сырдаата. Күннүк Уурастыырап Төрөөбүт алааһым күөх көбүөр хонуулара, улуу Өлүөнэ унаар хочолоро, кылбаарар кытыллара харахпар субу элэҥнээн көстөргө дылы буоллулар. М. Доҕордуурап Таптыыбын самаан күөх сайыны, Кылбаарар кырса хаар кыһыны Т. Сметанин
2 туохтуур #
Биир күдьүс сырдаан, ып-ыраас буолан, кэрэтийэн көһүн
Нууччалыы Бросаться в глаза ясностью и чистотой, яркостью и красотой
3 туохтуур #
Ыраахтан ким-туох эмэ маҥхайан, сырдык өҥнөнөн көһүн
Нууччалыы Сиять белизной (издали), вырисовываться нарядным силуэтом (о чем-л. светлом, белом)
Кылдьыылаах харахтаах, Кырыылаах тумустаах, Кырааскалаах атахтаах, Кыталык кыыл буолан, Кыҥкыныы ыллаан Кылбаара көттө.
П. ОйуунускайАламай маҥан күн Алаһа дьиэҕитин, Кыталык кыыл курдук Кылбаара эргийдин. П. Тобуруокап Көлүччэҕэ икки куба Күнү быһа кылбаарар И. Федосеев
4 даҕааһын #
, поэт. Сырдык, ыраас
Нууччалыы Светлый, чистый
Кыыс күүтэр. Халлааммыт саҕаҕар Им кылбаар уоттара кыыстылар, Кыысчааммыт тырымнас хараҕар, Тыргыллан иннигэр тыктылар. Күннүк Уурастыырап Кылбаар маҥан иэдэскин Кыһын силлиэ түүн ууруур. П. Тулааһынап Лена өрүс, аҥааттан, Эн кылбаар ыраахха ыҥыра, Тимир суолга күүһүҥ кыттан, Буоллуҥ Саха сирин тымыра ХС