ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьэрэлий

туохтуур

Нууччалыы выделяться, бросаться в глаза особой яркостью, пестротой

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Араас өҥүнэн оонньоо, ураты чаҕылхай буолан көһүн

Нууччалыы Выделяться, бросаться в глаза особой яркостью, пестротой

  • Араас өҥнөөх сир симэхтэрэ күөх торҕоҕо оһуору анньан, оҕуруону тиһэн, ойуу-дьарҕаа түһэрбит курдук дьэрэлийэ кыыһаллар, күөгэлдьийэ долгулдьуйаллар.
    Болот Боотур
  • Киэһэ саҥа дьыллааҕы Харыйа дьэрэлийбитэ.
    И. Гоголев
  • Эргиччи дьэҥкир, күөх, араҕас, кыһыл эҥин араас өҥнөр силбэһэннэр кустук сэттэ өҥүнэн дьэрэлийэ оонньууллар
    И. Сосин

2 туохтуур #

Ордук ырылхайдык, чуолкайдык көһүн

Нууччалыы Ясно выделяться, виднеться, просматриваться четко, ясно

  • Кырдалын аннынан айан суола дьэрэлийэн сытарын аһары көрөн турар эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Ып-ыраас уу түгэҕэ курдаттыы дьэрэлийэн сытар.
    В. Егоров
  • Кырынаас суола ойуур диэки тахсан дьэрэлийэ турда
    В. Протодьяконов

3 туохтуур #

Тиэрбэс курдук төгүрүйэ эриллэн ыла-ыла сүүрүгүр, бидилий (ууну этэргэ)

Нууччалыы Течь, бурлить, образуя крутящиеся, вращающиеся круги на поверхности (о воде)

  • Туналыйар ньуурдаах Лена Киэҥ эйгэтэ дьэрэлийэр.
    Баал Хабырыыс
  • Оччугуй өрүс билигин сүүрүгүн сүтэрэн, сайыҥҥытын курдук дьэрэлийэ оонньообот, оргууй мөлбөйө устар.
    Л. Попов
  • Ырбыы кэҥээбит аххан. Сүүрүгэ да биллэрдик күүһүрбүт, дьэрэлийэн олорор
    В. Миронов

4 туохтуур #

Сэргэхтик, сытыытык уоттааҕынан көр (харах туһунан)

Нууччалыы Смотреть живо, выразительно, остро (о глазах)

  • Артемьев киниэхэ илиитин уунарын оннугар чуор мутук төрдүнүү дьиппиэрэ дьэрэлийбит хараҕынан батары көрөн турда. Софр. Данилов. Бэрэстэбиитэлистибэ кэмэндээнэ лэспэйбит кыра уҥуохтаах, дьэрэлийбит киэҥ харахтаах киһи.
    Н. Якутскай
  • Нестер Александрович дьэрэлийбит киэҥ уоттаах харахтаах
    Г. Попов

«ДЬ» буукуба