ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьэрэлик

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы текущий, бурлящий, образующий крутящиеся, вращающиеся круги на поверхности.

1 даҕааһын #

Тиэрбэс курдук төгүрүйэ эриллэҥнээн сүүрүгүрэр, бидилийэр

Нууччалыы Текущий, бурлящий, образующий крутящиеся, вращающиеся круги на поверхности. Үрэх дьэрэлик килбиэн долгуннара ый күлүгүн курустаал иһит курдук үлтү сынньан бытарыта ыһаллар

  • Эриллэр дьэрэлик долгуннар Эрэһэ иитинии сырсаллар
    ХС

2 даҕааһын #

Сытыы-хотуу, кыайыгас-хотугас (киһи)

Нууччалыы Энергичный, целеустремленный, добивающийся своего

  • Прометейы быыһаабыт дииллэр Уолан дьэрэлик киһи.
    Баал Хабырыыс
  • Уолан дьэрэлик уолаттар, Кытыан кырылас кыргыттар. Холкуос хорсун дьонноро Түмсэн төгүрүһэн тураммыт Туойан чоргуйан эрэбит
    М. Доҕордуурап
  • Кириэстээх атыыр манньыаты Кэккэлэтэ туппут курдук Килбиэн маҥан иэдэстээх эбит Килбийээнэ дьэрэлигим.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (2)
  • [Муустаах муора Өлүөнэҕэ:] Илэ-дьикти бэйэкээннээх Эдэр кыыс дьэрэликтэринэн Энньэлэнэн-сэтиилэнэн кэлиэҥ этэ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Тэйэр сарыал дьэрэлигэ Чэмэлкэйим! Чэмэлигим! Чэмэлиинэм миэнэ!
    П. Тобуруокап

3 аат тыл #

Кыыһы, дьахтары таптаан, кэрэтин бэлиэтээн этэр "ыраас, сырдыгынан сыдьаайар ньуурдаах" диэн суолтаҕа туттуллар тыл

Нууччалыы Ласкательное слово со значением "лучезарная, сияющая", обращенное к любимой, красивой девушке

«ДЬ» буукуба