ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күндүл

аат тыл, аат, даҕааһын

Нууччалыы блестящая, сверкающая гладь озера, реки и т. п

1 аат тыл #

Күөл, өрүс, о. д. а. күлүмнүүр, кылабачыйар урсуна

Нууччалыы Блестящая, сверкающая гладь озера, реки и т. п

  • Көччөх түһэр күөлүгэр, Күндүл, көмүс уутугар Утаххытын ханаҥҥыт Киэһэ ыамҥыт кэлиитигэр, Биэдэрэнэн үүттэнэн Бискэлдьийэ ыанньыйан, Пиэрмэлэргэ тиийиэххит.
    П. Ядрихинскай
  • Бу тыыны миинэн Тыгын тойон, били ууһут оҕонньору тутаары, күөлү туораан испит, күндүл ортотугар тиийбит. БИГ ӨҮөС. Сынньанан, миин-от иһэн бараҥҥыт, оол, илин көстөр киэҥ күндүлү, Алдан төрдүн быһа тардан таҕыстаргыт эрэ, Батамаайыга тиийиэххит.
    КНЗ ТС

2 даҕааһын #

суолт. Чаҕылхай, күлүмнэс; сандаархай

Нууччалыы Сверкающий, блестящий; сияющий

  • Кини сыдьаай халлааммар Тэргэн ый бэрдэ буолар Кини ыллыыр ырыабар Күндүл күн буолан тыгар.
    С. Данилов
  • Кыырпах да былыта суох ыраас халлаантан сайыҥҥы күн чаҕылхайа тыгар, күндүл күлүмүн кутар.
    В. Протодьяконов
  • Ол иһин тунал ыһыах туругурда, күндүл ыһыах күөрэйдэ
    Т. Сметанин

3 этии #

Нууччалыы Светлое небо

  • Күндүл халлаан поэт. - сырдык халлаан Ол ырыа көтөн хаалла Кустук нөҥүө өттүгэр, Күлүгэ суох күндүл халлаан Күлүмүрдэс чүөмпэтигэр.
    М. Ефимов
  • Көөртүм буолуо мин ыраах Көмүс саһар хайатын, Көҥүл көтөр былыттаах Күндүл халлаан уорҕатын.
    А. Бродников
  • Манна кэрии тыа кэрээбэт кэҕэтин чуор куолаһын, күндүл халлаан күөрэгэй чыычааҕын дьырылас ырыатын истэргэ дылыгын. "Кыым". Күндүл хаҥыл - айаас ат чулуута. Θ Отборная необъезженная лошадь. Лэкээрискэ күндүл хаҥыл кытыт биэ баар эбит.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
  • Аты барытын мин айааһыыр этим, хойут да сааһым тухары ат тойоно буола сылдьыбытым. Күндүл хаҥыл барыта дьэ миэхэ сымныыр этэ. Тоҥ Суорун. Хабырылла Дьөгүөрэп эдэригэр ханнык баҕарар күндүл хаҥылы ойоҕолуу сүүрэн иһэн, бас быалаан, үрдүгэр түһэн айааһыыра үһү. И. Находкин

«К» буукуба