Перевод с якутского
урсуннан
туохтуур
Нууччалыы иметь, приобретать неясное очертание, какой-л. силуэт
1 туохтуур #
Ыраахтан биитэр хараҥаҕа чуолкайа суохтук көһүн
Нууччалыы Иметь, приобретать неясное очертание, какой-л. силуэт
Ол уҥуоргутун одуулаатахха, Уу харахтаах кыайан көрбөт Уйаар-куйаар урсуннанан Сирдиин-халлаанныын Силбэһэргэ дылы буолбут. С. Зверев Тула-кырыы тыалара Торҕо күөххэ куустаран, Унаар-тунаар урсуннаммыт Күннүк Уурастыырап
2 туохтуур #
Көнө, дэхси уонна киэҥ ньуурдаах буол, нэлэһийэ тэлгэнэн көһүн (хол., өрүс, сыһыы, халлаан)
Нууччалыы Иметь широкую гладкую поверхность, простираться широкой гладью (напр., о реке, обширной равнине, небе)
Унаар күөх урсуннанна, Хампа күөх хадьааһыннанна, Торҕо күөх тубуста, Чээлэ күөх чэлгийдэ. Саха нар. ыр. I. Сылаас салгын тыыннанан, Итии тыал илдьиттэнэн, Күөх унаар урсуннанан, Өҥүрүк куйаас үктэллэнэн Иэйэхсит Хотун Илбиргэстээх аартыга Тэлэлиннэ. Саха фольк Самаан сайын барахсан Тымныыны уҕарытан, Хаары хараардан, Күөх унаар урсуннанан Тиийэн кэлэр
Өксөкүлээх Өлөксөй