Перевод с якутского
утумнаа
туохтуур
Нууччалыы унаследовать от своих родных какие-либо качества, черты характера
1 туохтуур #
Төрөппүттэргиттэн, аймахтаргыттан ханнык эмэ хаачыстыбаларын, быһыыларын-майгыларын алҕаан ыл, удьуордаа
Нууччалыы Унаследовать от своих родных какие-либо качества, черты характера
Өргөстөй бокуонньук, ийэҕитин Хасхай кыыһа Аананы утумнаан, харса-хадай киһи төрөөн-үөскээн ааспыта. Эрилик Эристиин Кини төрүт удьуордатырыттан утумнаан хаалбыт биир кыдьыктааҕа: хатааннаабыт киһититтэн өһү-сааһы хайаан да ситиһэн төннөрө. П. Филиппов Хатаанап икки уола аҕаларын кэдэрги кэмэлдьилэрин үүт-үкчү утумнууллар. ЧКС АК
2 туохтуур #
Урут баары эбэтэр үгэс буолбуту салҕаан ис, салҕаа
Нууччалыы Наследовать или продолжать оставшиеся от прежних времён явления культуры, быта
Орто үйэтээҕи Арҕаа дойду былыргы римляннартан сурук-бичик үөрэҕин утумнаан ылбыта. АЕВ ОҮИ. Аҕа көлүөнэ бэрэстэбиитэллэрэ сокуоннайдык киэн туттуохтарын сөп: кинилэри солбуйар ыччаттар бэйэлэрин аҕаларын, убайдарын бойобуой үгэстэрин утумнууллар, салгыы сайыннараллар. К В. Маяковскай бэйэтин айымньытыгар Пушкин, Некрасов үгэстэрин утумнаабыта ВГМ НСПТ