Перевод с якутского
утуктаа
туохтуур
Нууччалыы желать спать, дремать; клевать носом
1 туохтуур #
Ууҥ кэлэн утуйуоххун баҕар; хараҕыҥ сабыллан, тоҥхоҥнуу олор
Нууччалыы Желать спать, дремать; клевать носом
Сорохтор -- төбөлөрүн өйөөн утуктаан куоҕалдьыһа олороллор, сорохтор аргыый кэпсэтэллэр. Амма Аччыгыйа Сэмэнчик, тото балык сиэт, сылайбыта бэрт буолан, утуктаан барар. Н. Якутскай Маппый оҕонньор -- сонун быарыгар туттан олорон, утуктаан хоҥкулдьуйар. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Дэлби сылайбыт кыыс муннук остуол таһыгар утуктуу олордо Н. Павлов
2 туохтуур #
Тыаһа-ууһа суох буол, чуумпур, иһий
Нууччалыы Становиться тихим, замереть
Уйгуурбат уу-чуумпу хоонньугар Дьокуускай утуктуу бигэнэр, Барык түүн суорҕаннаан үллүйэр, Аһаҕас түннүгү уҥуордаан, Нап-наҕыл, сэп-сэриин тыал биллэр. Күннүк Уурастыырап Эрбии сырылас тыаһа, дьон күлэр-үөрэр саҥата түмсэн, утуктуу сыппыт Лоҥкууданы уйгуурта М. Доҕордуурап