ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

быккыраа

туохтуур

Нууччалыы спать спокойно, долго

1 туохтуур #

тыаһы үт. туохт

  • Саха балаҕаныгар, оһох сылаас суоһугар утуйан быккырыы сыттарбын баҕас
    Бэс Дьарааһын
  • Соччо саҥа таһаарбакка ытаа. Θ Плакать (не очень громко). Сорох ардына ийэтин батыһа сылдьан талаҕынан охсор, көхсүн иһигэр кыҥынайа-кыҥынайа ытаан быккырыыр
    Дьүөгэ Ааныстыырап

2 туохтуур #

Сылаастык, уһуннук утуй

Нууччалыы Спать спокойно, долго

3 туохтуур #

Айдаана-куйдаана, иҥэ-дьаҥа суох, им-дьим олор (ыал туһунан)

Нууччалыы Жить без шума, спокойно (об отдельной семье)

  • Бэргэһэлэнэн баран, туһунан ыал буолан быккыраан олоруохпут.
    А. Софронов
  • Бэйи сотору тиийиэм. Оччугуй балаҕаммытыгар бэйэбит эрэ быккыраан олоруохпут
    Бэс Дьарааһын

«Б» буукуба